Соҕуруу оройуоннарга күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Бөлөххө киир:

Муус устар 29 күнүгэр Алдан, Нерюнгри, Томпо оройуоннарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр.  Түүнүн Алдаҥҥа, Нерюнгрига сөкүүндэҕэ  15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр диэн Саха сиринээҕи гидрометкиин иһитиннэрэр.

Дьокуускай куоракка муус устар 29 күнүгэр түүнүн -8-10°, күнүһүн +4+6° кыраадыс буолуоҕа.

Оттон муус устар 30, ыам ыйын 1 күннэригэр  Саха сирин соҕуруулуу-илин өттүгэр сорох сиринэн кыралаан ардыаҕа, инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Түүнүн -3-8°, киин, арҕаа уонна соҕуруу оройуоннарга былыттаах күн туруо. Кыраадыс -3,+2° буолара күүтүллэр. Хоту улуустарга  -13-18°, күнүһүн +7+12° буолуоҕа.

edersaas.ru

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0