Соһуччу үөрүү (кэпсээн, салгыыта)

13.10.2017
Бөлөххө киир:

Салгыыта. Иннин «Эдэр саас» сайтка көр.

Ыалын кыыстара: “ Көрүҥ бу, ойоҕоһум бүтүннүү күөх баламах! Кэтэҕим куйахата быһа барбыта билигин да хаана оҕуолуу сылдьар. Тоҥолохпун туура түспүтүм хамсаппат буолбут. Ити киһигит аттакы быһыылаах. Дьахтар диэни билбэтэх сордоох буолуо. Ол биир түүҥҥэ туоҕа көҕүрүө үһү…” – диэн саҥата умайыктанан олорор.

edersaas.ru

“Аргыый-аргыый, киһиҥ истиэ,”– диэн ийэтэ буойсар саҥата иһилиннэ. “Иһиттин! Мин кинини сирэйин таһыйыам! Киһини дэҥнээбитигэр дьыалалаһыам! Ити киһи ойоҕун бу кэбилэтэн баран олорор. Туохха да кыһаммат дууһа! Киниттэн атын киһи тугу эбит толкуйдаан, тос мааһын биэриэ этэ…Ыый-ыыйбыан, аай-аайбыан! Талах төбөтүнэн да таарыйбатах оҕоҕутун бу айылаах кэбилэтэн баран олоруоххут дуо?! Кэрэдэҕи күн бүгүн үүрүҥ! Кыахтаах буолан баран кэриискэһити сирэйин быһыта сынньан, кэһэтэн баран үүрүөх баара!”– дьахтар саҥата өссө сүрдэннэ. “Тохтоо, хотуй, тохтоо! Эрэ суох киһи курдук атын киһи хоонньугар тоҕо киирэ сатаатыҥ?! Бу сааты-сууту! Киһиттэн тиэрэ кэбилэнэ сылдьаҕын! Эйигиттэн атын саатан саҥарыа да суох баара… Бар, хоскор киир!” – оҕонньор көбүөлэһэр саҥата иһилиннэ. “Акаары оҕонньор кыыскын бу үлүгэрдээх кэбилэтэн баран көмүскэһэриҥ оннугар ол-бу дии тураҕын! Ити киһигин күн бүгүн үүрбэтэххинэ, ынах уулатар ойбоҥҥор түһэн өлүөм! Бэйэҕит кэһэйиэххит… Ыый-ыыйбыан! Аай-аайбыан!” – кыыстара аҕатын да “хаардыы хаамта”. “Бу акаары кыыс саҥатын истэҕиэт-истибэккиэт! Оҕо буолан абыраары, олус да айгыһынна. Туох көрүө-истиэ баарай?!” – оҕонньор суланан барда.

Симон туран таҥынна. Таска тахсаары гыммыта, таҥаһа мэлигир. Бэҕэһээ куурда уурбут соно, бэргэһэтэ, үтүлүгэ, хаатыҥката суохтар. Били күтүөт буолуохсут ойоҕун иэстэспит быһыыта буолуо, таҥаһын барытын хомуйан, ылан уулаах иһиккэ симпит.

Уол туох да саҥата суох таһырдьа таҕыста. Аҥардас кээнчэлээх, халтаҥ сонноох төбө сыгынньах дьиэтин диэки бара турда. Дьиэлээх оҕонньор сон, бэргэһэ, хаатыҥка тутуурдаах сырсан тахсан эккирэтэн көрдө да, киһитэ тохтообото. Оҕонньор дьиэҕэ киирэн, күтүөтүн тоҕо солоон түһэрээт, хаһыыра-хаһыыра үлтү эттээн барда. Кыыстаах эмээхсин киһилэрин өлөттөрүмээри, аҕаларын икки окумалыгар иилистэ сырыттылар…

Симон кэлээт да, саҥата суох хоһугар ааста. Кисиэй: “Хайа, тоойуом, хайдах бу…”– эрэ диэн хаалла. Оҕонньоро кэлбитигэр: “Туох эрэ соччото суох быһыы буолбут быһыылаах. Оҕобут сыгынньах аҥаардаах кэлэн, хоһугар ааста. Ол аньыыта онон. Турбата да, аһаабата да. Ол ыалга бара сырыт эрэ. Туох буолбуттарый, билэн кэл”, – диэтэ.

Мэхээлэ Сиидэрэптэргэ кэлбитэ, бары “ар-бур” буолан баран дьиэ биирдии муннуктарын булан олороллор. Дьиэлээх оҕонньор: “Туох аанньа буолуохпутуй… Хаарыан үлэһиппиттэн маттым. Ити икки дууһа туох туһалаах дьон буолуохтарай? Айдааны тардарга эрэ бэртэр. Баҕайылар, саатар кыбыстар сирэйдэрин сүтэрбит дьон. Мэ, бу сону, бэргэһэни, хаатыҥканы, үтүлүгү. Уолгар биэрээр. Акаары кыыспын бырастыы гыннын. Ити дьахтар тугу да гынара суох буолан эҥин араас буолан киэбирэр. Сарсыҥҥыттан хотоҥҥо үлэлэһэ тахсыаҕа. Тэһитэ кэйиэлиир сыата көҕүрүөҕэ,” – диэтэ.

Мэхээлэ дьиэтигэр кэлэн: “Ким билээхтиэй, доҕоор, туох буолбутун. Быһа сэрэйдэххэ, мөлтөх быһыы буолбут бадахтаах. Оҕонньор сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Билигин да тыын быһаҕаһынан тыына хаалла. Туох-туох буолаахтыыр…”– сибигинэйэ былаан кэпсээтэ. Эмээхсин: “Оҕобут баччааҥҥа диэри оронуттан өндөйө илик. Уһуктаҕас быһыылаах, дөрүн-дөрүн көхсүн этитэр. Айыбын даа, баччааҥҥа диэри этэҥҥэ курдуга. Хайдах-хайдах буолан иһээхтиибит,” – диэн дьаахханарын биллэрдэ. “Кэбис-кэбис, ол-бу диэмэ. Этэҥҥэ буолаа ини,” – диэн оҕонньор саба саҥаран кэбистэ.

Бэрт курас хонук кэм үүннэ. Таһырдьа туох барыта тугу эрэ куһаҕаны түүйбүттүү бэркэ дьиппиэрэн, ыбыс ыарахан салгыннанан таала кэтэһэн турда. Сэлиэнньэ иһэ ийэ түүн ыас хара былаатынан саба куустаран чуумпурда. Тыынар-тыыннаах барыта түлүк уутугар уһунна. Чочумча буолаат, үөһээттэн дуу, алларааттан дуу иһиллэрэ биллибэт бүтэҥи ньирилэс тыас сыылан кэлэн, булумдьу уол хоһугар киирдэ уонна… дьэ, дьиҥнээхтик ньирилээн-ньиргийэн киирэн барда.

Мэхээлэлээх утуйа сытан, соһуйан-өмүрэн уһуктан кэллилэр. Оҕонньор салыбырас илиитинэн нэһиилэ ыстаанын, ырбаахытын булан кэттэ. Атах сыгынньах бакылдьыйан тиийэн, уолларын хоһун өҥөйөн иһэн саба тута оҕуста уонна тоҕо эрэ бөтөн лыһырҕата-лыһырҕата оронун диэки харбыаласта. Саҥа өгдөҥөлөөн эрэр эмээхсинигэр тииһин быыһынан сүр суостаахтык: “Сыт, акаарыа, туох үчүгэйи көрөөрү тура сатаатыҥ?!”– диэн нэһиилэ ыган таһаарда уонна куттаммыт оҕо курдук суорҕанын иһигэр киирэн салыбырыы сытаахтаата. Ол сытан “Баар эрэ буолларгыт, быыһааҥ-абырааҥ! Биһиги туох да аньыыта-харата суох түөһэйэрбит чугаһаабыт оҕонньордоох эмээхсиммит. “Күөх оту тосту үктээбэккэ, сытар ынаҕы туруорбакка” бэрт уу чуумпутук олорон кэллибит. Куһаҕана диэн кэннибититтэн хаалыах кэнчээри ыччаппыт суох…” – диэн хаһан да улаханнык ахтыбатах үөһээ айыыларыттан көрдөһөн-ааттаһан муҥнанна.

Булумдьу уол хоһун иһэ ньиргийэ-ньирилии, сата уотунан ыһыахтана турда. Хоһооно иһиллибэт кутурар саҥа тохтуох курдук буола-буола күүһүрэн кэлэн кутулунна.

Мэхээлэ санаатыгар дьиэтэ кытта кутурар хоһоону батыһан, тэҥҥэ эккирэһэр курдук. Суорҕан иһигэр тыына хаайтара сыһан моонньоох баһын быктарда. “Чэ, синэ биир!”– дии санаан уолларын хоһун диэки көрө түспүтэ, чараас хаптаһын истиэнэни нөҥүөлээн сырдык уот сандаара тыкпыта тыкпытынан турар эбит! Кутурар саҥа сөҕүрүйүөхтээҕэр өссө күүһүрбүккэ дылы. “Айыбыын! Туох алдьархайа ааҥнаатаҕай?!”– дии санаат, оҕонньор куттаммыт кутуйах хороонугар “сылыпыс” гынарын курдук суорҕанын анныгар “дьылыс” гынаахтаата.

Эмээхсин эрэйдээх биир оннук эрэйи көрө сытта. Баарыан көрүөх-билиэх санаата баһыйан, тураары өгдөҥөлөөбүтүгэр оҕонньоро сибигинэйэ былаан тойомсуйбат бэйэтэ тойорҕообута сүрэ бэрдэ. Кини оҕонньорунааҕар итэҕэһэ суох салла санаан, суорҕанын иһигэр киирбитэ ыраатта. Ийэ-хара көлөһүнэ түстэр да быган көрө илик. Көмүскэтэрэ эрэ көмүскэтин уута, харыһыйтарара эрэ хараҕын уута буола сытаахтаата.

Ол сытан оҕонньордоох эмээхсин утуйан хаалбыттарын бэйэлэрэ да билбэккэ хааллылар.

Сарсыарда турбуттара, бары барыта уруккутун курдук. Туох да уларыйбыта көстүбэт. Ынчыктаһан-хончуктаһан туруохпут дии санаабыттара, бэрт чэпчэкитик “тэп” курдук турдулар. Уолларын хоһугар саллан чугаһаабатылар. Чэйдээри тэринэн, саҥа олороотторун кытта Симоннара бу тахсан кэллэ. Бэрт маанытык таҥныбыт. Аҥаар илиитигэр суумкатын туппут. Санныгар сүгэһэрдээх. Соһуйан хаалан саҥата суох таалан олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ: “Дьэ, бу мин баран эрэбин. Эһиэхэ өр кэмҥэ оҕо буолан олорор кыаҕы биэрбэтилэр. Ол эрэн биири өйдөөн кэбиһиҥ: эһиги мантан ыла ыалдьар диэни билиэххит суоҕа. Сүүс сааскытын ааһан баран аннараа дойдуга барыаххыт. Сотору кэминэн эһиэхэ тугунан да кэмнэммэт улахан үөрүү кэлиэҕэ. Ол үтүмэн дьол эһиги үйэҕитин уһатыаҕа. Чэ, этэҥҥэ буолуҥ,”– диэтэ, кэм да дөйөн олорор оҕонньордоох эмээхсини эр-биир сүүстэриттэн сыллаталаан ылла уонна тахсан барда.

Мэхээлэлээх Кисиэй олорбуттарын курдук олорон хааллылар. Кэмниэ- кэнэҕэс өйдөнөн: “Туох-туох диэтэ? Үөрүү диэтэ дуу? Ол туох үөрүүтэй?”– диэн муннулар-тэннилэр.

Оттон Сиидэрэптэр бу күн хара ааныттан быстан-ойдон, сатаммакка олордулар. Кыыстаах күтүөт сарсыарда эрдэлик көҕүрэттэ тахса сылдьан, туох эппитэ баарай, тоҥ чигдигэ тас уорҕаларынан таһылла түстүлэр. Туох эрэ бэйэлээх ылан бырахпытын курдук ыараханнык быраҕылыннылар. Иккиэн уҥа өттүнээҕи илиилэрин-атахтарын илдьи түһэн кэбистилэр. Этэн баран эҕирийиэх иннинэ ыһыы-хаһыы, ынчык-хончук, энэлиһии өрө оргуйа түстэ. Ийэлээх-аҕалара тахсан көрөөт, соһуйуу-өмүрүү, уолуйуу-куттаныы улахана буолла.

Мантан ыла Сиидэрэптэр түгэх хосторугар хамсыыр да кыаҕа суох буолбут кыыстаах күтүөттэрэ күнү быһа тугу да гыналлара суох буолан, дьэ, чахчы “сынньаннылар”. “Олоро сатаан олооччутунуун охсуспут” диэн өс хоһоонун курдук олоро-сыта сатаан күнү быһа этиһэн ылахтаһаллар, өлүөр илиилэринэн туох түбэһэринэн эпчиргэһэллэр. Тоҕо туохтан маннык буолбуттарын толкуйдаан көрбөккө, бэйэ-бэйэлэрин кытта тиниктэһэн, кыраһан-таныһан күннэрин бүтэрэллэр. Өйдөрүгэр-санааларыгар кыым да саҕа кыратык “кылам” гынар үтүө санаа охсуллуор диэри эрэйи көрүөхтэрин сэрэйэн көрбөккө, буруйдааҕы көрдөөн буугунаһан, бэйэ- бэйэлэрин хоруотаһан, күннэрэ-хонуктара күн көдьүүһэ суох ааһан истэ.

Күн-дьыл биллибэккэ, көтө-мөҕө элэгэлдьийдэ. Дьон көрдөҕүнэ, Мэхээлэлээх Кисиэй булумдьу уоллара барбытыттан санаарҕаабыт көрүҥнэрэ суох. Хата, кимнээҕэр “тэп” курдук сылдьаллар. Оҕонньордоох эмээхсин бэйэ-бэйэлэриттэн кистии-саба хаһан эрэ кэлиэхтээх үөрүүлээх күннэрин ээр сэмээр кэтэһэр курдуктар.

Саха киһитэ былыр да, аны да кэтэһэр ыһыах ыйдара тиийэн кэллэ. Сир-дойду күөх солконон сууланан, салгын чэбдигирэ ырааһыран, устар кыһыны быһа тыынар-тыыннаах санаа ымыыта оҥостубут сылааһа, сырдыга сыдьаайан, чахчы да кэтэһиилээх кэрэ кэм ыга анньан кэбистэ.

Мэхээлэлээх Кисиэй төһө кыаналларынан сахалыы сайбаччы таҥнан, улуус ыһыаҕар бардылар. Кинилэр саха киһитин сиэринэн ыһыаҕы көтүппэт идэлээхтэр. Саамай кэтэһэр кэтэһиилэрэ – оһуокай. Дьону кытта тэҥҥэ күнү батыһа хаамсар, үчүгэй этээччини истэр саҕа дьоллоох кэм күн аайы тосхойбот. Ыһыах кэнниттэн оһуокай тыллара өргө диэри кулгаахтарыгар иһиллэр курдук буолааччы ээ.

Оҕонньордоох эмээхсин бүгүн да үҥкүүттэн тахсыбакка, сэргэстэһэ хаамса сырыттылар. Хас да үтүө этээччилэр тохтоло суох эппиттэрин кэннэ биир оҕо киһи этэн-тыынан чоргуйан барда. Бу киһи саҥатын истээт, Мэхээлэлээх Кисиэй бэйэ-бэйэлэрин утарыта көрсөн ыллылар. Тыый, доҕоор, кинилэр бэркэ билэр куоластара – уолларын куолаһа илэ-бодо иһиллэр эбээт! Дьэ, буолар да эбит. Чахчы кини куолаһа! Оҕонньордоох эмээхсин олус долгуйан, салҕыы батыһар кыахтара суох буолан, чугастааҕы ыскаамыйаҕа баран олордулар. Иккиэн киксибит курдук оһуокай этэр киһини көрө сатаан кыҥастастылар. Киһилэрэ этэн-тыынан бу чугаһаан тиийэн кэллэ. Тай, доҕоор, Мэхээлэ бэйэтин эдэр эрдэҕинээҕитин көрөн соһуйда аҕай. Кисиэй чуут өмүрэ сыста. Оҕонньордоох эмээхсин дьон киһини көрө-көрө хайдах-хайдах буолан бардылар диэхтэрэ диэн тэйэ баран уоскуйа олордулар. Иккиэн киһи киһиэхэ майгынныырын сөҕөн кэбистилэр.

Мэхээлэлээх долгуйбуттара ааһан, хайа эрэ диэки хаамсыахха, аһыы да түһүөх баара диэн өгдөҥнөһөн эрдэхтэринэ, кинилэри көрдө-көрбүтүнэн Еля кыыс мааны бэйэлээх дьахтардаах эр киһи батыһыннарыылаах тиийэн кэллэ. Биирдэстэрэ соһуйуохтарын быатыгар баарыан оһуокай эппит эдэр киһи. Ыаллара кыыс: “Бу дьон эһигини ирдэһэллэр,” – диэн бэрт судургутук этээт, тэбинэ турда.

Оҕонньордоох тугу да өйдөөбөккө даллаһан турдахтарына, били мааны дьахтар: “Тоойуом, бу эт-хаан эһэлээх эбэҥ буолаллар. Кинилэри кытта билсэр күүтүүлээх күнүҥ тиийэн кэллэ,” – диэн үөйбэтэх өттүлэриттэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ. Уол саҥа харахтаабыт күндү дьонун олбу-солбу сыллаталаан ылла. Ытамньыйан да ылыы, сыллаһыы-уураһыы, куустуһуу, ыйыталаһыы саҕаланна.

Мааны дьахтар уол ийэтэ эбит. Кини олох эдэр сылдьан, биир кэмҥэ Мэхээлэлээх Кисиэй уолларын кытта доҕордоһо сылдьыбыт. Ыал буоларга кэпсэтиилээхтэрэ үһү. Оттон биир сайын кэргэн буолуохтаах уола сураҕа суох сүппүт. “Быраҕан барда,”– диэн иһин уолу дьоно эмиэ сүтүктээн олороллорун сураһан билбит. “Эһиги оҕоҕутуттан ыарахан хааллым,”– диэн бааһыан баҕарбатах. Дьэ, бу быйыл оҕото: “Киһи аҕаттан айыллан орто дойдуга төрүүр. Мин да аҕалаах буолуохтаахпын. Аҕам, баҕар, бииргэ төрөөбүттэрдээҕэ буолуо. Ол аймахтарым оҕолорун кытта билсиһиэм этэ. Оччоҕо чороҥ соҕотох курдук сананыам суох этэ,”– диэн ийэтин хаайан, бу дойдуга ыһыахтыы кэлбит эбиттэр.

Мэхээлэлээх Кисиэйи ситэри дьоллоон, сиэннэрэ аҕатын аатын ылан Георгий диэн эбит. Тыл үөрэҕэр үөрэнэр үһү. Быйыл үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолуохтаах үһү. Өссө үөрүүнү үксэтэн, үөрэнэ сылдьан билсибит кыыһынаан ыал буолуохтаахтар үһү. Ийэтэ Мария Федотовна соҕотох оҕотун сыбаайбалыан баҕарар эбит. Уола түбүгэ бэрт буолуо диэн соччо – бачча сыбаайбалыыр санаата суох үһү. Ону истэн Мэхээлэлээх Кисиэй өрө көрө түстүлэр. Тыый, доҕоор, соҕотох оҕону-сиэни сыбаайбалаабат диэн баар үһү дуо, сатаммат буоллаҕа. Хата, оҕонньордоох эмээхсин үгүс сыл муспут үптэрэ туһалаахха туттуллуоҕа. Туохха мунньалларын билбэккэ эрэ ордор үптэрин уурунан испиттэрэ, көр, көдьүүстүүр күнэ үүннэҕэ.

Оҕонньордоох эмээхсин соһуччу үөрүүлээх күннэрин уһата сатаабыт курдук утуйан биэрбэккэ, эргичийэ-урбачыйа сыттылар.

Мэхээлэ: “Туох барыта төрүөттээх. Куһаҕан да үчүгэйэ суох буолбат диэбиккэ дылы, Толбооноп уол массыыната саахалланан, Симон уол биһиэхэ кэлбэтэҕэ буоллар, баҕар, бүгүҥҥү дьоллоох күммүт үүнүө суоҕа эбитэ буолуо,” – диэн саныы сытта. Кини устунан били — били күнү санаан кэллэ. Онно оҕонньор атах сыгынньах лэппэрдээн тиийэн, ааны аһа баттаан иһэн, төттөрү саба тута охсубута. Ол кыл түгэнэ оҕонньор өйүттэн сүтэн-оһон хаалбатаҕа… Кини арыйа баттаат, уолун Симоны буолбатах, атын Улуу Дьаалыны көрбүтэ. Саннын байаатын ааһар хаар маҥан баттахтаах, бүтүннүү уоттаах кыаһаанынан ыһыахтаммыт сарыы таҥастаах, бэйэтиттэн эрэ мэнэкэ улаханнаах дүрбүөннээх дүҥүрдээх сүдү кырдьаҕас ойо — тэбэ сылдьарын көрөн, дөйөн туруо эбитэ буолуо. Ону баара былаайах аннынан чолбоодуйа түспүт уоттаах харахтар быһа кымньыылыырга дылы гыммыттара. Хата, онно хайдах хам хараҕаланан хаалбатаҕа буолла? Туох эрэ биллибэт сүдү күүс ааны “хап”гына саба баттаат, кинини сыыһа – халты үктэтэн оронун булларбыта ээ. Дьиҥинэн кини саҥарар да кыаҕа суоҕа. Ол Улуу Дьаалы эмээхсини өгдөҥөлөөбөт курдук “хам” этэн кэбиспитэ.

Аны санаатахха, кылгас кэмҥэ оҕо буолан маанылана сылдьыбыт Симон уоллара көннөрү киһи буолбатах эбит. Мэхээлэлээх Кисиэй хас күн аайы ахта-саныы сылдьар уолларын суохтууллара бэрдин иһин атын эйгэттэн ананан кэлэн, кинилэри дьоллообут биллибэт күүс эбит. Сэрэйдэххэ, ити сүдү күүс оҕо киһиэхэ сиэннэригэр эбэлээх эһэтин ирдэһэр өй-санаа уктаҕа буолуо…

Бэс ыйа, 2013 сыл.

Валентина Дьячковская,  Кутана,  edersaas.ru


Соһуччу үөрүү (кэпсээн)

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0