Мэхээлэлээх Кисиэй кырдьаҕас ыал сиэринэн киэһэ эрдэ ороннорун булаллар. Сарсыарда күнү кытта тэҥҥэ кэриэтэ тураллар. Иккиэйэх бэйэлэригэр туох улахан түбүк кэлээхтиэй. Билиҥҥитэ кэм да кыанар буолан, күннээҕи түбүктэрин олус ыарырҕаппаттар. Түбүгүрдүөх айылаах сүөһү-ас суох. Биир бэйэлэрин курдук кырдьыбыт ыттара киһи кэллэҕинэ, иккитэ-үстэ үрэн баарын биллэрэр.
Бүгүн киэһээ оҕонньордоох эмээхсин саҥа нухарыйыах курдук буолан эрдэхтэринэ, ыттара барбах үрдэ. Ааһан иһэр ыты үрэр ини диэн саныы сыттахтарына, тас ааны тоҥсуйар тыас иһилиннэ. Түүннэри хайалара кэрийэ сырыттаҕай? Эмээхсин: “Кырдьаҕас дьону сүгүн сытыарбакка, илэ сырыттахтарай”, оттон оҕонньор: “Арааһа, ыалбыт уола “бытыга умайан” кэриискэлиирэ киирбит ээ”, – диэн саныы сыттылар. Иккиэн сэлээннэспит курдук тура сатаабатылар. Ол эрээри тоҥсуур уурайбата. Оҕонньор уоһун иһигэр мөҥүттэ-мөҥүттэ таҥнан хачыгыраата. Ис ааны сэгэтэн, күөмэйин сонотон: “Бу хайаларай?! Туохха кэллиҥ?!”- диэн ордоотоото. “Кырдьаҕас, ааҥҥын ас. Кыһын өссө да ааһа илик дии. Үлүйдүм”, – диэн саҥа иһилиннэ. Эмээхсин: “Билэр киһиҥ дуо? Хайаларай? Суох даа?! Ол хаһан билбит киһигэр ааҥҥын тэлэйэн биэрээри тураҕын? Киллэримэ!” – диэн туорайдаһа сытта. Бээ-бээ, оҕонньор билигин да бэйэтин тэтиэнэх киһинэн ааҕынар. Соҕотох чолохооту кытта туруулаһар кыахтаах курдук сананар. Кинилэр бачча саастарыгар диэри улахан аньыыта-харата суох кэллилэр. Кырдьык да таһырдьа кыһын дии. Киһи үлүйэн хаалара сүрэ бэрт буолуо.
Киирбит киһи өтөрү-батары көрбүт уоттаах харахтаах, орто уҥуохтаах, эдэрчи саастаах эбит. Санныттан сүгэһэрин түһэрдэ, илиититтэн тутуурун араарда. Уҥа-хаҥас хайыһан, дьиэ иһин кэрийэ көрдө. Дьиэлээх киһилиин илии тутуста уонна ылыннарыылаах баҕайытык: “Оҕонньор, маннааҕы Бааска Толбооноп уол куораттан кэлэн иһэн массыыната аара саахалланна. Миигин манна кими да билбэтим иһин эһиэхэ ыйан ыытта. Аара ааһар массыыналары тохтотон, суор-тураах курдук араас көлөнөн айаннаан кэллибит. Дьиҥэ, улуус киинигэр тиийиэхтээх этим. Биир-икки хоннорор инигит?” – диэтэ. Оҕонньор тута: “Хон-хон”, – диэбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
Ыалдьыт сарсыарда ойон тураат, таһырдьа таҕыста уонна курданарыгар диэри сыгынньахтанаат, хаарынан суунна. Эмээхсин ону түннүгүнэн түбэһэ көрөн: “Ыччакабын даа ыччакабыан!”, – диэн чуут өмүрэ сыста.
Сырдыкка көрдөххө, хоноһолоро сүрдээх ис киирбэх дьүһүннээх уола хаан эбит. Оҕонньор бу киһини көрөн олорон, уолун саныы олордо. “Киһи киһиэхэ дьүөрэлиитэ баар да буолар эбит! Уолум кэлэн олорорун курдук саныыбын эбээт. Оҕобут барахсан баара буоллар, эмиэ маннык саҥара-иҥэрэ, эҕэ-дьэҕэ буола олоруо этэ буоллаҕа. Ону баара дьылҕа хаан биһиги туспутугар кытаанаҕын көрдөрбүтэ. Суос-соҕотох уолбутун сураҕа суох сүтэрбитэ. Кыыстаахпыт да, аны да, урут да дьахтар атын киһи анала буоллаҕа. Настаабыт биһигиттэн тэйбитэ ыраатта. Атын нэһилиэккэ кийиит буолан олохсуйда. Сайын дьиэбитин-уоппутун сууйан-сотон бардаҕына да, үөрүүлээх суол курдук. Уоллаах кыыһын батыһыннаран кэлэн, сиэн сытын биллэрэн дьоллотолуур. Эмээхсиним биһикки сыл аайы сайын кэлэрин кэтэһэр курдукпут. Сырдыгы, сылааһы кытта сирэйбит-харахпыт сырдыыр”, – диэн санаалар кини кыырыктыйбыт төбөтүгэр саас-сааһынан ыга анньан кэлэ турдулар.
Хоноһолоро ыалдьыттаан ходьойон олорбото. Аҕыйах хонуктааҕыта тиэллибит саһааннарын хайытан, сааһылаан кэбистэ. “Саас кэллэр кэлэн иһиэ, сотору таммалыа”, – диэн ампаар, хоспох хаардарын түһэртээтэ. Саас хойукка диэри иһэллэригэр анаан, муустарын күлүк сиргэ таста, сороҕун киэҥ иһиттэргэ симитэлээтэ. Дьиэ тулатынааҕы хаары тэйитэ быраҕаттаата. Оҕонньор ол тухары тылбай-өспөй буолан батыһааччынан сырытта. Кыайар-хотор киһи үлэлиирин көрө сылдьыахха да астык.
Эмээхсин бу күнтэн ыла эдэр эрдэҕинээҕитин, уола барахсан баарын курдук санаан, ас бөҕө астыыр буолла. Дьиэ иһин минньигэс сыт тунуйда. Киэһэ аайы күө-дьаа буолан, сэлэһэн хонор идэлэннилэр.
Ыалдьыт киһилэрэ ыксыыр быһыыта биллибэт. Тылын тамаҕыттан өйдөөтөхтөрүнэ, ханна да олус барар-кэлэр санаата суох. Ханна “чээн” диэбиттэрин хоту сылдьар киһи быһыылаах. Олус аһыллан, тугу да улаханнык кэпсээбэт. Арай биирдэ: “Миигин туох тутуой, тутуох айылааҕым тугум да хаалбатаҕа”, – диэн бэрт таайтарыылаахтык тыл ыһыктыбыта.
Оҕонньордоох эмээхсин биир үтүө күн бу киһилэрэ хайдах кэлбитэй да, ол курдук баран хааллаҕына, олус хомойууһуктар. Ол курдук аҕыйах хонук иһигэр оҕорҕоотулар.
Сайын буолла. Булумдьу уоллара Симон үүккэ-сүөгэйгэ, эккэ диэн кэпсэтэн, элбэх сүөһүлээх-астаах Сиидэрэптэргэ үлэһитинэн киирдэ. Сайын устата оттосто. Сатыыра-кыайара бэрт буолан сөбүлэттэ. Арыт киэһээ хойут дьонугар кэлэн хонор. Үксүн дьону кытта ходуһаҕа хонон-өрөөн сылдьар.
Күһүөрү ыалыгар салҕыы үлэлии хаалар буолла. Күһүҥҥү үлэ-түбүк үгүс. Симон үксүн саҥа ампаар, баанньык тутуутугар сырытта.
Биллибэтинэн кыһын тиийэн кэллэ. Кыһын кэм да үлэ чөкөтүйэр. От-мас тиэллэн, муус ылыллан, идэһэ сиэниллэн, күннээҕи түбүгүнэн муҥурданар кэм үүннэ.
Булумньу уол икки ыалынан көмө-ньыма буола сырытта.
Саҥа дьыл саҕана Сиидэрэптэргэ куораттан кыыстара Ньаадьа көһөн күккүрээн таҕыста. Муор-туор көрүҥнээх эр киһи батыһыннарыылаах. Букатын кэлбиттэрэ дуу, ыалдьыттыыр быһыылара эбитэ дуу, биллибэт. Иккиэн да балыыҥка соҕус дьон быһыылаахтар. Дьахтар кэлээт да кэриэтэ Симоны сөбүлээбэтин биллэрдэ. Дьонун “Эмиэ туоххут үлэһитэй?” – диэн сулуйда. “Буоларга буолбакка ночоотураҕыт”, – диэн мөҥүтүннэ. “Мин киһим дьиэҕэ биир сиргэ хараҕаланан олордор да, кимнээҕэр үбү-харчыны үмүөрэр. Сынньанар диэни билбэккэ мөхсөр”, – диэн кэпсэнэр. Киһитэ тарбаҕар, кырдьык, талааннаах быһыылаах. Бастаан кэлээт, кыһыҥҥы атах таҥаһын улларбыта. Кэлин дьиэ иһинэн-таһынан кэтиллэр тирии атах таҥаһын оҥорор идэлэннэ. Сэлиэнньэ саастаах дьоно сымнаҕас сылаас таҥаһы кыайа-хото сакаастаһар буоллулар.
Бу эрдии-ойохтуу дьоммут өрөбүл күн буолла да, “аһыыр” идэлээхтэр эбит. Холуочуйдаллар эрэ бэйэ-бэйэлэрин урукку-хойукку сырыыларынан сирэй-харах анньыһаллар. Били этэргэ дылы, сыллаһаллара-сырбатыһаллара тэбис-тэҥ буолбут дьон.
Сиидэрэптэр кэнникинэн кыыстаах күтүөттэриттэн сылайа быһыытыйдылар. Сылаас кэм эрэ буоллар, “Атын сири булуҥ”, – дииһиктэр. Эдэр дьон, саатар, сүрэхтэрин сымнатыах айылаах оҕолоро суох. Дьахтар “Тугум боҕуутай?” – диэн саҥардыбат. Дьоно оҕо боҕуу аатырарын истэн соһуйаллар. Кинилэр: “Эйигин боҕуу курдук санаабат этибит. Түөрт оҕоттон тутан хаалбыппыт эн эрэ этиҥ. Ол да иһин баарбыт-суохпут диэн олус далбардаан ииппиппит. Оҕо тугу саныыргынан талбыккынан таалалаан улааппытыҥ. Ол айылаах оҕо көрүөххүн баҕарбат буоллаххына, биһиэхэ биэрэн ииттэр. Биһиги билигин да икки-үс оҕону көрөр кыахтаахпыт,” – дэһэллэр. Кыыстара кыыһыран хайысхаланан кэбиһэр, оҕоҕо тэпсилгэн буолар санаата суох үһү. Туой “сынньанабын” диэн тыллаах. Туохтан дуу, кимтэн дуу сынньанара буолла, дэбигис киһи өйдөөбөт. Маннык кэпсэтии туох да түмүгэ суох хаалан иһэр.
Күн күнү солбуйан ааһан истэ. Биир үтүө күн Симон Сиидэрэп оҕонньордуун муҥхалаһа барда. Үтүө соболоох күөлүн билэр буолан, киһи элбэх мустубут. Хара ааныттан балык олус кэлэрэ билиннэ. Кыахтаах эр дьон солбуйса сылдьан, сүүрүнэн эмис собону баһа-баһа тас диэки элитэллэр. Сорох дьон соболору тоҥоро тэнитэллэр. Атыттар тоҥмут балыгы кууллууллар. Бу дьон сыл аайы сүүһүнэн куулламмыт балыгы атыыга ыыталлар, киирбит үптэрин үллэстэллэр эбит.
Симон тириитэ тэнийиэр диэри үлэлээтэ. Дьоннуун көххө үлэлиир үчүгэйэ бэрт. Бары үөрэ-көтө, бэйэ-бэйэлэрин дьээбэлэһэн күлсэ-салса түбүгүрдүлэр. Киэһэ олох хойут, хабыс хараҥаҕа бүтэн тарҕастылар. Сиидэрэп оҕонньор муҥхата буолан, балачча собо өлүүлээбиттэрин таскайдаһан, муҥха тэрилин хомуйсан, Симон олох түүннэтэн хаалла, онон ыалыгар хонор буолла. Урут да олус хойутаатаҕына, хоноро-өрүүрэ.
Симон сылаата таайан бэрт кытаанахтык утуйа сыттаҕына, хайалара эрэ үтүрүһэ-үтүрүһэ орон үллэстэ сатаан бучумааннаста. Уол “сыҕарыс” гынаат, улаҕа диэки хайыһан утуйан барда. Арай ким эрэ тугу эрэ ымманыйа-ымманыйа, сииктээх илиилэринэн иһинэн-таһынан харбыаласта. Симон кэм да ситэри уһуктубакка сытан, ымманыйааччы диэки хайыһа биэрбитэ, арыгы дьаардаах сыта “аҥылыс” гынна. Уол түүрүллэ түһээт, хоонньоһооччуну киэр аста. Хайалара эрэ ыарахан баҕайытык сиргэ лиһигирээтэ. Быдьар үөхсүү иһилиннэ. Симон төбөтүн сууланаат, салҕыы утуйан хаалла.
Кини сарсыарда дьахтар ытыыр-соҥуур саҥатыттан уһуктан кэллэ…
Салгыыта бэчээттэниэ.
Валентина Дьячковская, Кутана.