Сайын. Сардаана быйыл юридическай факультет 4-с кууруһун бүтэрдэ. Ахтан-санаан аастахха, быйылгы үөрэх дьыла элбэх үтүө түгэннэрдээх. Олортон биирдэстэрэ, КГФ үһүс этээһигэр Уйгулаанныын көрсүһүү.
Юлия Алексеева, edersaas.ru сайтка анаан.
Сардаана бэйэтэ дьүһүнүнэн уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, уһун хара суһуохтаах саха кэрэ кыыһа. Элбэх уол илин-кэлин түсүһэн эккирэтэ сатыыра да, кыыс сүрэҕэ кими эрэ кэтэһэрэ…Ол да иһин буолуо, курсовой туттараары КГФ-га үөрэнэр эдьийигэр көмөлөһүннэрэ төттөрү-таары сүүрэкэлиир. Биир оннук күн эдьийигэр тахсан иһэн, илиитигэр бобо туппут кумааҕыларын алҕас ыһыктан кэбиспитэ. Дьон бөҕө аттынан ааһара, ыһыллыбыт кумааҕыларын сорох лииһин кыргыттар уунан биэрдилэр. Ол аймана сырыттаҕына, үс уол күлэ-күлэ аттынан аастылар. Арай намыһах соҕус уҥуохтаах уол Сардаана сиргэ ыһыллыбыт курсовойун хомуста. Эдьиийигэр ыксаан иһэр кыыс сирэйэ кытаран, ол уолга баһыыбалаары сирэйин одууласта. Кини көрдөҕүнэ, ыал аайы баар саха уола, ол эрээри туттара-хаптара, чаҕылыччы көрбүт харахтара кыыһы мух-мах ыыттылар. Уол: «Кумааҕыгын файлга уга сылдьыаххын», – диэн кыыс санаатыгар олус истиҥик сүбэ биэрдэ.
Ити көрсүһүүнү Сардаана хам-түм саныыр. Өссө биирдэ көрсүөн баҕарар. Уопсайга бииргэ олорор Катятыгар ол уолун туһунан кэпсии олордоҕуна, анарааҥыта: «Онно билэр кыргыттардаахпын, ыйыталаһыахха», – диэтэ. Сарсыныгар Сардааналаах КГФ бастакы этээһигэр ол уолларын көһүтэ сатаатылар да, биллибэтэ.
Эксээмэннэр буоланнар Сардаана олох солото, бокуойа суох сырытта. Сарсыарда 9-с чааска буолуохтаах эксээмэнигэр түүнү быһа бэлэмнэнэн, хойутаата.Үөрэнэр сирэ тэйиччи буолан, оптуобус тохтобулугар сүүрдэ. Кыһыыта баар, наадалаах оптуобуһун кэннин эрэ көрө³н хаалла. Иннин-кэннин одуулаһа турдаҕына, аттыгар микро-оптуобус тохтоон, биир уолу кытта саастаах соҕус дьахтар тохтобулга тахсан, киоскаттан утах уонна кыра ас-үөл атыыластылар. Аны ол уол Сардаананы диэки билбиттии одууласта. Арааһа, ийэтинээн сылдьар быһыылаах. Уол кыыска кэлэн, ханнык нүөмэрдээх оптуобуһу кэтэһэрин ыйытта уонна үөрэҕэр диэри быраҕыах буолла. Кыыс тута сөбүлэһэн, массыынаҕа киирдэ.
Массыынанан түргэн үлүгэрдик үөрэнэр сиригэр тиийдилэр. Кыыс долгуйан, мэктиэтигэр «баһыыба» да диэбэккэ сүүрэ турда. Эксээмэнин «биэс» сыанаҕа туттаран, «һуу» диэбиттии наҕылыйан тахсан истэ. Ол быыһыгар били уолун саныыр. Ити күнтэн ыла, Сардаана наар ол уолун көрүөн баҕарар, ханна да сырыттар, хараҕынан кинини көрдүүр буолла.
Аймалҕаннаах эксээмэннэр, зачеттар бүтэннэр, Сардаана дойдутугар барда. Биир үтүө күн эдьиийдэрэ лууктуу таарыйа сөтүөлүү барыахха дэстилэр. Улахан эдьиийэ Виолетта Сардаананы дьээбэлээн: «Ити, Эрэмиэйэптэр уоллара Фомка илдьэн биэриэх буолла, хата бэрт күтүөт буолсу ээ», – диэн балтын үтэн-анньан көрөр, дьээбэлэнэр. Сардаана ону, эчи даҕаны, аат баранан ааттаабыттара да баар, Фома буола-буола дии санаата.
Лууктуу бараары били уолларын кэтэһэн олордулар. Болдьоммут бириэмэтигэр фургон массыына кэлэн хорос гына түстэ. Суоппар сирэйин кыыс көрө да соруммата. Өйүөлээх суумкатын тутан, массыынаҕа киирэн олордо. Кэмниэ-кэнэҕэс лууктуур сирдэригэр тиийдилэр.
Айылҕаҕа тахсыбыт дьон быһыытынан, бары үөрүү-көтүү, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ сүр. Арай, Сардаана эдьиийэ күлүү-элэк гыммытын саныы биэрэн, массыынаттан тахсыбакка суумакатын хасыһа олордо. Суоппар эргиллэн: «Хайа, ааспыкка олус хойутаабатыҥ да ити?», – диэн ыйыппытыгар кыыс соһуйан эргиллэ биэрбитэ, кини саамай күүтэр, кэтэспит, көрдөөбүт уола эбит…
Юлия Алексеева, edersaas.ru сайтка анаан.