Соһуччу булт

Ааптар: 
27.12.2019
Бөлөххө киир:

Оҕо сылдьан уһуктаат, таһырдьа ойон тахсар дьикти идэлээх этим. Арааһа, хайдах халлаан буолбутун билэ охсоору эбитэ дуу, күнү көрө охсоору эбитэ дуу буолуо…

Оннук биир күннээх сайыҥҥы сарсыарда эрдэ туран, сыһыыга киирэн, күрүө үрдүгэр хатаастан, куолубунан сыһыы уҥуоргутун, халлааҥҥа дьирибиниир күөрэгэйи, сыһыыга мэччийэр ынахтары, сылгылары көрө-истэ олордум. Арай, ынахтар ортолоругар дьиибэ баҕайы  хараҥа өҥнөөх, мин көрдөхпүнэ, сылгы сылдьар эбит. Тоҕо эрэ кутуруга суох уонна отой, хайдах эрэ, ала-чуо атын көрүҥнээх курдук… Атыҥырыы көрөн дьиэм диэки сүүрдүм.

Арай, таһырдьа аҕам турар эбит.  «Аҕаа, көрдүҥ да, кутуруга суох аты», — дии-дии ыйан көрдөрдүм. Аҕам көрөөт, хаптас гына түстэ, миигин саҥарбакка тарбаҕынан ыҥыран ылла. Сибигинэйэн: «Дьиэҕэ киир», — диэт, бэйэтэ ампаарга ыстанна. Мин  тоҕо дьиэҕэ киириэмий, төттөрүтүн, дьэ, чөрбөс гына түстүм. Өссө дьиэни өҥөйөн бырааппын ыҥыран ыллым. Ол кэмҥэ көрбүтүм, аҕам саалаах сыһыы диэки үөмэн аҕай эрэр эбит.

Хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, ыттар бөҕө мустан, били, сылгы курдук кыылбын тула көтөн, үрэн бардылар. Биһиги аттыбытыгар ким да олорбот, иччитэх дьиэлээх өтөх баар этэ. Ыттартан күрэнэн били кыылым, сыһыыттан ол өтөххө сүүрэн таҕыста. Саа тыаһа хабылла түһээтин кытта умса хоруйда. Мин: “Тоҕоо?!” — диэн сарылыы түстүм. Ону аҕам: «Бултаатым дии, алакыы! Эт сиэхпит», — диэн баран, түргэнник тэбинэн тиийэн, булдун көрдө уонна дьиэҕэ сүүрдэ. Биһиги бырааппыныын кэнниттэн сырыстыбыт. Ийэм, эбэм эмиэ: «Алакыы!» —  дии-дии, таастанан, биэдэрэлэнэн аҕабытын кытта булду астыы бардылар. Арай мин эрэ наһаа хомойон, ытамньыйа-ытамньыйа дьиэҕэ киирэн сыттыгынан төбөбүн саптан сыттым. “Таах сибиэ аҕабар этэн” диэн кэмсинэ сытан утуйан хаалбыппын.

Уһуктубутум уу-чуумпу, оҕо-уруу барыта таһырдьа тахсан барбыттар. Утуйа сытар кыра балтым эрэ хаалбыт. Таһырдьа тахсан көрбүтүм, эбэбит алаадьылаабыт. Күөс буһа турар. Үөрбүт-көппүт ыал дьахталларбыт биэдэрэлээх эт тута-тута элэҥнэһии бөҕө эбит. “Сай ортото, букатын хара ас суоҕар, Һаабынап Ньукулай дьиэтин таһыттан тайах бултаан, кыра бөһүөлэк барыта сибиэһэй эккэ тиксэн, дьоро киэһэ буолбута” диэн дойдубут дьоно көрсүстэхтэринэ,  билигин да ахтан-санаан ааһаллар. Байтаһын тыһы тайах тоҕо, тугу гына сүөһүлэр мэччийэр сыһыыларыгар киирбитин туох билээхтиэй. Арай, мин, оччотооҕу алта саастаах кыракый кыысчаан, айылҕа маанылаах кыылын аһыммыт санаам билиҥҥэ диэри ааһан биэрбэт.

   Күндүүнэ Сайдам

Хаартыска: GoodFon

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0