Кини Дуунньатын кытары холбоһуон иннинэ кэргэннэнэ сылдьыбыта. Маҥнайгы кэргэнин Соняны төһөлөөх таптыыр этэй. Бастаан утаа барыта олус кэрэ, кинилэр саҕа дьоллоох суоҕа. Санааларыгар бэйэ-бэйэлэрин үйэ тухары маннык истиҥник таптыах, өрүү бииргэ сылдьыах буолан хардарыта тылларын бэрсибиттэрэ. Кыыстарын-уолларын устудьуоннар уопсайдарын биир хоһугар сүтэрбиттэрэ. Кыыс имэҥ амтанын билэн күн аайы Бүөтүргэ кэлэн хоноро. Сороҕор Бүөтүр дьукааҕа баарыгар даҕаны наадыйбакка түүнү быһа таптаһаллара, өрүтэ мөхсөн хоноллоро.
Икки сыл сылдьыбыттара. Бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билистибит, ыал буоларга быһаарынныбыт диэн икки өттүттэн ийэлээх аҕаларын үөрдүбүттэрэ. Аймахтар маҥнай билисиһии остуолун тэрийэн баран, өр кэтэһиннэрбэккэ эрэ чугастааҕы улууска буолбатах улахан урууну тэрийбиттэрэ. Эҕэрдэ тыл бөҕөтө этиллибитэ, алгыс мааныта анаммыта, эдэрдэри урудаан-айхаллаан дьолу-соргуну эрэ анаабыттара. Урууга киирбит харчынан уостан түспэккэ кэпсэнэр кэрэ көстүүлээх соҕуруу дойдуга күүлэйдээн кэлбиттэрэ. Эдэрдэр иккиэн устудьуон буолан, уопсай дьиэҕэ хос ылан олорбуттара. Икки сылынан иккиэн үөрэхтэрин этэҥҥэ түмүктээн, дьупулуоннарын туппутунан биир тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбиттэрэ. Тэрилтэ салайааччылара саҥа кэлбит эдэр исписэлиистэри сөбүлээбиттэрэ. Инньэ гынан сыл иһигэр иккиэн дуоһунастара улааппыта, тэрилтэ хайа эрэ салааларын салайааччылара буолбуттара. Сотору буолаат харчы мунньунан, чугас-ыраах аймахтара көмөлөһөн Дьокуускай куорат хабайар хаба ортотугар биэс мэндиэмэннээх дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыра атыыласпыттара. Ити курдук олохторо анаабыт курдук бэрткэ баран испитэ. Арай бу биэс сыл иһигэр оҕоломмотохторо. Эр киһи быһыытынан Бүөтүр баҕарара эрээри, ойоҕо Суонньа төрүт буолуммата.
Оннук олоруо эбиттэр да биирдэ дьахтар хат буоллум диэн эрин соһуппута да, үөрдүбүтэ да. Тоҕус ыйынан кыыс оҕо күн сирин көрбүтэ. Эдэр аҕа маҥнайгы оҕотугар төһөлөөх үөрбүтэй. Күнэ киниттэн тахсара, ыйа кининэн киирэрэ. Арай ойоҕо тоҕо эрэ соччо-бачча ахсарбатах курдуга. Кэлин “Эрдэ оҕолоотуҥ. Үлэлээн харчы мунньунуо этибит”, — диирэ элбээбитэ. Бүөтүр ону кулгааҕын таһынан аһардан иһэрэ. Дьиҥэр эрдэ сылла болҕомто ууран, сүрүн төрүөтү аһаҕастык кэпсэтэн түгэҕиттэн быһааран кэбиһиэхтээҕэ… Билигин кэлэн хайыай. Аҕа баһылык буолан дьонун иитээри күннэри-түүннэри үлэтигэр умса түспүтэ. Дьиэтигэр хойут кэлэн күн устата оҕото киртиппит таҥаһын сууйара. Ойоҕо ол кэмҥэ атаахтаан тугу даҕаны гыммата. Ас астаан тоһуйдаҕына баһыыба буолара. Эригэр уруккутун курдук сыһыаннаспат буолбута.
Сыл иһигэр Бүөтүр биллэ дьүдьэйбитэ. Үлэтин кыайбат буолан, атын салааҕа көһөрбүттэрэ. Оттон Суонньа төттөрүтүн өссө тупсан кэлбитэ. Сотору кэминэн Суонньа оҕотун ньээҥкэҕэ хаалларан күүлэйдии барара элбээбитэ. Ардыгар онно-манна хонор буолуталаабыта. Бүөтүр эр киһи быһыытынан мөҕөн-этэн көрбүтэ да ойоҕо истиэ баара дуо. өһүргэммит аатыран ааны хайа быраҕан тахсан барара. Эрин аны харчыҥ суох, “неудачниккын” диэн сирэй-харах анньара үксээбитэ. Бүөтүр киэҥ көҕүстээх буолан кини үтэр-анньар тылларыгар аахайбат да этэ. Кини оҕобун эрэ киһи гыннарбын диэн санаалааҕа. Инньэ гынан оҕотун дьонугар, дэриэбинэҕэ ыыппыта. Оттон ойоҕун ийэлээх аҕата кыыстарын көмүскэһэн өрүү Бүөтүрү буруйдууллара.
Күн аайы этиһэр, бииргэ олорон аһыыллара ахсааҥҥа киирэн барбыта. Дьахтар дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ этэ. Биирдэ эмиэ этиһэ сылдьан Суонньа: “Билэҕин дуо? Ити эн оҕоҥ буолбатах!” диэн бэрт куһаҕан тыллары саҥарбыта. Бүөтүр үөйбэтэх өттүттэн этиллибит тыллартан дөйөн хаалбыта. Суонньа идэтинэн хомунан тахсан барбыта. Эр киһи санааҕа ылларан ол күнтэн үс күн аһыы утаҕа испитэ. Кулгааҕар биир кэлим ойоҕо эппит: “Эн оҕоҥ буолбатах” диэбит тыллара эрэ иһиллэллэрэ. Нэдиэлэ курдук сүтэн баран ойоҕо кэлэн: “Мин атын киһиэхэ бардым. Малбын бүгүн ылабын. Оҕоҕун бэйэҥ иитээр” диэбитинэн киирэн кэлбитэ. Саамай наадалаах малларын эрэ хомуйбута буолаат: “Суутунан арахсыахпыт. Дьиэни иккиэн аҥаардаһабыт,” — диэт тахсан барбыта. Бүөтүр ону-маны толкуйдуур кыаҕыттан да таҕыста. Барыта куһаҕан түүл курдук. Ити аата ойоҕо оҕотун уонна эрин быраҕан барда. Соторутааҕыта аны үлэтиттэн үүрүллүбүтэ. Оҕотун хайдах иитэр, дьонугар туох диир?
Биир-икки ыйынан сокуонунан арахсыбыттара. Суонньа оҕотуттан аккаастаммыта. Дьиэлэрин атыылаан харчытын үллэстибиттэрэ. Бүөтүр суукка “Оҕолоохпун, дьиэни миэхэ хаалларын” дии сатаабытын арахсыбыт ойоҕун саҥа кэргэнэ улахан билсиилээх киһи буолан, хаалларбатахтара. Суонньа барыан иннинэ хата эригэр: “Эн оҕоҥ. Оччолорго көссүүлэспэт этим” диэн баарынан эппитигэр, эр киһи санаата арыый чэпчээбитэ. Ити курдук бэрт судургутук атырдьах салаатыныы арахсыбыттара.
Бүөтүр маҥнайгы сылларыгар дойдутугар тахсан араас хара үлэҕэ көһө сылдьан үлэлээбитэ. Онтон чугас доҕорун кытары урбаан эйгэтигэр ылсан барбыттара. Бастаан дойдуларыгар кыралаан араас холтуура, сакаас ылан оҥороллоро. Сүрүннээн сыбаарканан үлэлииллэрэ. Онтон ыырдара кэҥээн кэлин оройуон киинигэр тиийэ сакаас ылар буолбуттара. Бэйэлэрин курдук талааннаах хас даҕаны киһини түмэн, устунан Бүөтүр кинилэр салайааччылара буолан, чааһынай предприниматель аатын сүкпүтэ. Оҕото номнуо улаатан оскуолаҕа киирэр сааһа үүммүтэ. Алын кылааска диэри үөрэммитин кэннэ, Бүөтүр кыыһын илдьэ Дьокуускайга көспүтэ. Куорат киинигэр удамыр сыанаҕа хос куортамнаабыта. Сыбааркатын таһынан аны соҕурууттан Саха сиригэр суох табаары аҕалтаран атыылыыр буолбута. Маҕаһыын арыммыта.
Биисинэһэ маҥнайгы сылларга бэрт түргэнник эргийэн, сыл иһигэр кыаҕын ылан, атаҕар лаппа турбута. Кыбартыыра атыылаһа охсубута. Мааны массыынанан эрэ сылдьар буолбута. Петр Ивановичтан атыннык ааттаабаттара. Биисинэс эйгэтигэр лаппа аатырар буолбута. Кыаҕа өссө улаатан аны тутуу хампаанньатын арыммыта. Оннук дьыалабыай көрүҥнээх, оҕолооҕун аахсыбатахха, холостуой турар бэйэтинэн сылдьар эр киһини куорат кырасаабыссалара сүгүн хаамтарбаттар этэ. Дьиэтигэр күн аайы кэриэтэ араас дьахтары аҕалан хоннороро. Кыыһын чугас доҕоругар илдьэрэ. Сотору буолаат Дунялыын билсибитэ. Кинини бастаан идэтинэн таҕылын ханнараары дьиэтигэр аҕалбыта. Арыгы төбөлөрүгэр дьайан Бүөтүр дьиэтигэр киирээт “наадаларын” тиһэҕэр тиэрдэ эрэ охсор баҕаттан, уураһан-сыллаһан, утарыта имэрийсэн, көҕүһэн барбыттара. Түүнү быһа таҕылларын ханнаран сылайбыт дьон быһыытынан, эбиэккэ диэри утуйбуттара.
Дуня арыый эрдэ туран эр киһиэхэ ас бэлэмнээн тоһуйбута. Киниэхэ ас астаан ким да тоһуйа илигин санаан буолуо, Бүөтүр Дуняҕа улаханнык махтаммыта. Остуолга тардыллыбыт аһы бэрт иҥсэлээхик аһаат, махталын биллэрэн иһит сууйа турар дьахтары тиийэн синньигэс биилиттэн кууһан ылбыта. Моонньуттан уураан, мөтөгөр түөстэрин бобута тутан, Дуняны уһугуннарбыта. Көтөҕөн ылан хоско ороҥҥо быраҕаат, түбэһиэх сиртэн уураан, убураан киирэн барбыта. Оннук бэрт өр өрүтэ мөхсөн киэһэ буолбутун да билбэккэ хаалбыттара. Билсэ түһэн баран, бииргэ олорорго быһаарыммыттара. Дуня Бүөккэ кыыһын бараа уол оҕолоох. Дьиэ кэргэҥҥэ төрдүө буолан, дьиэлэрин кыараһырҕатан, саҥа түөрт хостоох олус улахан кыбартыыраны атыылаһан көһөн киирбиттэрэ үс сыл буолбут.
Бу ааспыкка эрэ Бүөтүр куорат устун наадаларынан сылдьан урукку ойоҕун Суонньаны көрсө түспүтэ. Дьахтар доруобуйатын арыгыга быһа эмтэрэн, хаста да кырбанан киһи соччо билбэт гына уларыйбыт. Бомжтуу сылдьар эбит. Бүөтүрү көрөн сонно билбитэ. Хараҕыттан уу сүүрбүтэ. Бүөтүр урукку абата эмиэ уһуктан кэлбитэ. Суонньаны манныкка эрэ тиийиэ дии санабатаҕа. Дьахтар кыбыстан дьиэлэр быыстарын диэки бара турбута. Бүөтүр да эккирэтэ барбатаҕа.
Эмискэ төлөпүөнэ тырылаабытыттан Бүөтүр уһуктан кэллэ. Арааһы саныы олорон нуктаан ылбыт эбит. Партнердарын кытары болдьоспут кэмэ үүммүт. Сып-сап хомунаат тахсан барда.