Соҕотох аҕаларга Ийэ хапытаала төлөнүөҕэ

13.09.2021
Бөлөххө киир:

2022 сылтан суррогатнай ийэттэн оҕолоох аҕаларга Ийэ хапытаала төлөнөр буолуоҕа. Суррогатнай ийэ – ол аата дьахтар төрөөн эрэ биэрэр, харчы ылар, эрдэттэн дуогабар быһыытынан, оҕоҕо туох да бырааба суох буолар. Холобур, эстрада ырыаһыта Филипп Киркоров суррогатнай ийэттэн игирэ оҕолорун соҕотоҕун иитэрэ биллэр.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, вице-премьер Татьяна Голикова көҕүлээһининэн “Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыбаннай өйөбүл эбии миэрэлэрин туһунан” федеральнай сокуоҥҥа уларытыылар киирбиттэр. Билиҥҥи туругунан, холобур, суррогатнай ийэттэн оҕолоох аҕа саҥа кэргэннэнэр, ол ойоҕо оҕону иитэ ылар да буоллаҕына, кинилэргэ Ийэ хапытаала төлөммөт.

Сокуоҥҥа уларытыылары олоххо киллэрии үбүлээһинэ федеральнай бүддьүөттэн барыаҕа. Манна барыта 10,4 миллиард солкуобай барара былааннанар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: «Известия» РГ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0