Соҕотох аҕалар бастакы бэстибээл-куонкурустарыгар муһуннулар

Ааптар: 
24.02.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ үһүс сылын бэлиэтиир.

edersaas.ru

Биллэн турар, бу кылгас кэм иһигэр 800-тэн тахса соҕотох аҕаны (бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэммит сыыппара) бииргэ түмэ охсубатыҥ чахчы. Онон төһө да «өрөспүүбүлүкэтээҕи» дэннэр, «Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай түмсүү саҥа атаҕар туран эрэр кэмэ. Уопсастыбаннай тэрилтэни Хатас сэлиэнньэтин олохтооҕо Иннокентий Спиридонов салайар.

Түмсүү дириҥ ис хоһоонноох үлэтин хайа күн тэриллиэҕиттэн Дьокуускай куорат мэриятын кытта ыкса сибээстээбитэ. Онон ыытар тэрээһиннэрэ өрүү күүстээх өйөбүллээхтэр. Ол курдук, былырыыҥҥыттан киин куорат пааркатын салалтатын кытта дуогабардаһан, соҕотох аҕалар оҕолорун кытта пааркаҕа тиийэн субуотунньуктууллар. Ол дуогабар сүнньүнэн оҕолорун араас аттракционнарга босхо оонньотоллор.

Быйылгы  үлэлэрин «Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ» соҕотох аҕалары түмэн Аҕа дойду көмүскээччилэригэр анаан аҕа уонна оҕо кыттыылаах «Мин аҕам — барыларыттан бастыҥ» бэстибээл-куонкуруһунан саҕалаатылар.

Киирэр аантан туох эрэ интэриэһинэй тэрээһин буолара эрдэттэн билиннэ. Ол курдук, «Алгыстаана» дьахталлар сэбиэттэрэ быйыл аан бастаан ыытыллар  соҕотох аҕаларга анаммыт киин куорат таһымыгар ыытыллар 1-кы «Мин аҕам — барыларыттан бастыҥ» бэстибээл-куонкуруһу алгыһынан аста. Кэлбит ыалдьыттары дьахтар сэбиэтин чилиэннэрэ ип-итии, мип-минньигэс алаадьынан көрүстүлэр.

Онон Хатастааҕы «Алгыстаана» дьахтар сэбиэтэ (сал. Евдокия Семенова) бэрт уоттаахтык-күөстээхтик үлэлии олороро харахха быраҕылынна.

Аан бастаан ыытыллар тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат уокуруктарыттан уонна СӨ «Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэттэн 11 соҕотох аҕа кыттыыны ылла.

Сүрүннээн кыргыттар уонна дьахталлар күрэстэһэллэригэр үөрэнэн хаалбыт буолан, эр дьон күөн көрсүүтүн ылынарга судургута суоҕа. Ол эрээри «Аҕам мэтириэтэ» диэн куонкурус кыттыылааҕын билиһиннэрии түһүмэҕэр уокуруктардааҕы дьахталлар сэбиэттэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, аҕалар бэйэлэрэ, кинилэр оҕолоро, быһата, ким туох кыахтааҕынан «түһүнэн», куонкурус хара маҥнайгыттан бэрт интэриэһинэй буочарданан барда.

Бастакынан тахсыбыт  Марха олохтооҕо, «Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ  актыыбынай чилиэнэ Александр Необутов эмдэй-сэмдэй кыргыттара «Аҕа мэтириэтэ» түһүмэххэ бэйэлэрин ырыаларын «тардан» кэбистилэр.

Сценаҕа 59 саастаах Промышленнай уокурук бэрэстэбиитэлэ Рафик Аветисян кыыһа Каринэлыын таҕыстылар. «Мин аҕам саамай-саамай…» диэн ирэ-хоро кэпсээн, кыысчаан аҕатын ис дууһатын арыйда.

Биллэн турар, үгүстэрэ видеоматырыйааллары оҥорон аҕалбыттара улахан интэриэһи тарта.

Бу, биллэн турар, дьиэ кэргэн историятын биир тутаах докумуонунан буолара саарбаҕа суох.

53 саастаах Хатас нэһилиэгин олохтооҕо Николай Алексеев үс кэрэчээн кыыһа аҕаларын туһунан бэрт истиҥ тылынан кэпсээбиттэрин, киһи уйадыйа истэр. Ыаллара Клара Захарова кэпсээбитинэн, Николай Яковлевич уонтан тахса сыллааҕыта үс кырачаан кыыһын кытта Хатаска олоро кэлбиттэр. Биир үтүө күн: «Кыргыттарбын, баһаалыста, душкутугар сууннарыҥ», — диэн көрдөспүтүн Клара Васильевна күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүр. «Ол кырачаан кыргыттар билигин кырасыабай бэйэлээх кэрэ куолар буоллулар», — диэн Клара Захарова Николай Яковлевичка ис сүрэхтэн тахсар убаастыбылы үөскэттэ. Үс оҕону, буолаары буолан, кыргыттары соҕотоҕун иитиэх диэтэххэ, уустуга чахчы. Нэһилиэк салалтата соҕотох аҕа кыһалҕатын өйдөөн, дьиэ тахсыбытыгар тута Алексеевтарга анаабыт. Инньэ гынан, соҕотох аҕа  иккис дойду оҥостубут Хатаһын салалтатыгар уонна олохтоохторугар махтала муҥура суох.

Оттон кини кыргыттара үс өттүттэн аҕаларын тула көтө сылдьаллара — киһи киэн туттар көстүүтэ. Оҕолорун тапталларыгар уйдаран, Николай Яковлевич «кырдьар сааһыгар дьоллонууһу» диэн үгүс үөлээннээхтэрэ ымсыыра саныыр киһилэрэ дьэ бу баар  эбит.

Николай Захаров күрэстэһэр дьонун кытта аны иккис түһэмэххэ кыттар. «Мин аҕам — асчыт бастыҥа» диэн түһүмэххэ аҕалар хаппыысталаах моркуоптан салаат оҥорон күрэстэстилэр.

Хаппыыстаны бары да тулуппатах буоллахтарына, моркуобу кырбааһыҥҥа уустук соҕус буолла. Ким эрэ эр киһилии бөдөҥнүү кырбастаан, мииҥҥэ кутар моркуобу хаппыыстатыгар булкуйда.

Оттон бу икки бэйэ-бэйэтигэр майгыннаһар «5» уонна «6» нүөмэринэн кыттыбыт эдэркээн аҕалар, астыы үөрүйэх дьон быһыытынан, моркуоптарын уһун синньигэс уонна синньигэс төгүрүк гына быһан, салааттарын бэрт түргэнник оҥорон кэбистилэр.

«Спортивнай» дэнэр түһүмэххэ кыттааччылар фитнес тренерин үтүктэн иһиэхтээхтэр. 37 саастаах Промышленнай уокурук бэрэстэбиитэлэ Юрий Иваненко атаҕын өлөрөн баттыктаах сылдьар буолан, аҕатын оннугар уолчаана кыттыыны ылла.

Онтон «Талааны көрүү» түһүмэххэ киирсии буолла. Манна Хатастааҕы култуура дьиэтин иһинэн үлэлиир орто саастаах дьон үҥкүүгэ бөлөҕө табаарыстарын Юрий Грязнухины өйөөн, кэлэктиибинэн тахсан үҥкүүлээтилэр.

Николай Алексеев кыргыттара иискэ уонна туоска дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Соҕотох аҕаҕа иитэн таһаарбыт кыргыттара тарбахтарыгар талааннарын көрөн киһи сөҕөр. Бу түһүмэххэ оҕолор киирсиилэрэ буолла диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Биллэн турар, хаһан да сценаҕа тахсыбатах  эр киһи аҕыйах түгэн иһигэр арылла охсон, талаанын көрдөрөрө уустуга чахчы.   Онон бу түһүмэххэ кыттыбакка эрэ, аккаастанан кэбиһиэхтэрин сөп этэ. Онон аҕаларын чиэһин көмүскээн ыллааччы ыллаата, хоһоон ааҕар оҕо билэрин-билбэтин барытын аахта.

42 саастаах Жатай бөһүөлэгин олохтооҕо Геннадий Абрамов  бэйэтэ айбыт хоһоонун аахта. Онуоха ааҕан бүтээтин кытта аҕатын арыаллаан тахсыбыт кини обургу саастаах кыыһа:

Эһиги ити мин аҕам хоһоонун көннөрү истэн эрэ кэбистигит. Билэргит эбитэ буоллар, мин аҕам хоһооннорун түүн, биһигини  утутан баран суруйарын. Кини хоһоон суруйар блокнотун кыбыстан аҕалбатаҕа. Хайдахтаах үчүгэй хоһооннор баалларый онно! Мин аҕам  наһаа талааннаах киһи. Онтун биллэрбэккэ сылдьар. Талааннаах киһи диэн — мин аҕам! Ону дьүүллүүр сүбэ хайаан да учуоттуура наада, — диэн кыысчаан ытамньыйан ыла-ыла аҕатын талаанын көмүскээтэ.  Оҕо аҕатын чиэһин көмүскээн, үрдүкү сценаҕа тахсан, аҕатын талаанын арыйан, барыларыттан кырдьык да чорботон таһаарда.  Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун, төрөппүт быһыытынан оҕо иитиитигэр эппиэтинэһин  үрдэтии — куонкурус биир соругун бу түһүмэх кыттааччыта толору ситтэ диэххэ сөп.

Уолун кытта өрүү бииргэ сылдьар, СӨ «Аҥаардас аҕалар түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ актыбыыһа, 35 саастаах предприниматель Георгий Васильев Ньурбаттан төрүттээх. Кэргэнэ ыалдьан өлбүт. Кэргэнин кытта туттубут чааһынай дьиэлэрин харчыга наадыйан атыылыырга күһэллибит. Билигин дьиэ куортамнаан олорор. Ньурбаттан ийэтэ кэлэн көмөлөһөр эбит. Эдэр киһи дьиэ тутта сылдьарын кэпсээтэ. «Оҕом улаатарыгар туспа дьиэлээх буолуо этэ», — диэн санаатын үллэстэр Георгий.

Дьүүллүүр сүбэ уустук балаһыанньаҕа түбэстэ — кыттааччылар бары да тэҥ баайыылаахтар. Оҕолоро аҕаларын чиэһин көмүскээн, дьүүллүүр сүбэни өссө толкуйга түһэрдилэр. Оҕо аҕатын туһугар төһөлөөх ыалдьарын илэ харахтарынан көрбүт дьон кими бастаталларыгар мунаардылар. Куонкурус ирдэбиллэрин бары кыттааччылар аһара толордулар эбээт!

«Мин аҕам — барыларыттан бастыҥ» 1-кы бэстибээл-куонкурус кыайыылааҕынан Александр Необутов буолла. Кини кыракый кыргыттара үөрүүлэриттэн аҕаларын аттыттан арахсыбакка, киэһэни быһа сиэттиһэ сырыттылар.

Дьокуускай к. Аҕаларын сэбиэтин салайааччыта Анатолий Кырдьаҕааһап өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа лигатын» мэтээлин туттарарыгар кыргыттара аҕаларын аттыгар ытыстарын таһына турдулар.

Соҕотох аҕаларга анаммыт киин куорат таһымыгар ыытыллыбыт 1-кы «Мин аҕам — барыларыттан бастыҥ» бэстибээл-куонкуруһу тэрийиини өйөөбүт Хатас сэлиэнньэтин дьаһалтатын салалтатыгар, «Тускул» култуура киинигэр, «Алгыстаана» дьахтар сэбиэтигэр,  Дьокуускай куораттааҕы «Аҕа сэбиэтэ» уонна «Дьахталлар лигалара», СӨ «Аҕалар лигалара» уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ истиҥ махталбын тиэрдэбин. Сомоҕолоһуу сылыгар бары бииргэ түмсэн, оҕолорун соҕотоҕун иитэр аҕаларга бэртээхэй бырааһынньыгы бэлэхтээтибит. Бу курдук бары тэрээһиннэрбитигэр актыыбынай кыттыыны ылыаххыт уонна өрүү биһигини өйүөххүт диэн эрэнэбит, — диэн барҕа махталын тиэртэ өрүү өйүүр санаалаах уопсастыбанньыктарга анаан СӨ «Аҥардас аҕалар  түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Иннокентий Спиридонов.

Куонкурус кэнниттэн «Алгыстаана» дьахтар сэбиэтин чилиэннэрэ кыттааччылары уонна кинилэр оҕолорун, куонкуруһу тэрийбит дьону минньигэс астаах остуолга ыҥырдылар. Кырдьык да, олус бэртээхэй бырааһынньык буолан ааста.Соҕотох аҕалар: «Биһигини өйүүр дьон бааллар эбит!» — диэн эрэх-турах санаалаах тарҕастылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0