Соҕотох аҕа ийэ хапытаалын туһанарын мэктиэлиир сокуон бырайыага оҥоһулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Судаарыстыбаннай Дууматын көрүүтүгэр  соҕотох аҕа ийэ хапытаалын туһанарыгар аналлаах сокуон барыла оҥоһуллан киирдэ. 

Сокуон бырайыагар этиллэринэн, иккиттэн элбэх оҕону иитэр соҕотох аҕа ийэ хапытаалын туһаныахтаах. Ыал ийэтэ  орто дойдуттан суох буолуон иннинэ (ыалдьан эбэтэр саахалтан…)  тустаах көмөнү туһамматах буоллаҕына эрэ, аҕаҕа бэриллэр.

Ону тэҥэ, бу судаарыстыбаннай социальнай көмө  иккис уонна үһүс оҕолорун, ол аата 2007 сыл тохсунньу 1 күнүн   уонна   бастакы оҕотун ол аата 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннилэриттэн  төрөөбүт оҕолорун соҕотоҕун иитэр аҕаҕа көрүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0