«Санаам эйиэхэ» диэн ырыаны толорор “Snow voice” (снежный голос – англ.) уолаттар бөлөхтөрө элбэх кыыс кутун туппут буолуохтаах. Омук артыыстарын курдук тэбис-тэҥҥэ хамсанан ыллыыллара ордук үчүгэйдик көстөр. “Snow voice” аат аан бастаан быйылгы «Саҥа ырыа» куонкуруска иһиллибитэ. Онно уолаттар “Сыл арыйыыта” анал аакка тиксибиттэрэ. edersaas.ru суруналыыһа ырыаһыттары кытта көрүстэ.
ЭС: Уолаттар, эһиэхэ ким сүбэ-ама буоларый, нууччалыы эттэххэ, «продюсердыырый»?
SV: Учууталбыт Семен Ченянов куоласпытын «туруорар», уобараспытын оҥорор. Кини биһиэхэ учуутал эрэ буолбакка, улахан убайбыт тэҥэ. Холобур, айар үлэҕэ араас түгэн тахсар. Онуоха, ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама биэрэн, киһи уонна ырыаһыт быһыытынан сайдарбытыгар көмөлөһөр.
ЭС: Ситиһии диэн тугуй, эһиги санааҕытыгар?
SV: Ситиһии…Туруоруммут сыалгын ситистэххинэ, баҕарбыт санааҥ ситтэҕинэ. Онтон биһиги сахалыы ырыа Арассыыйа таһымыгар тахсарыгар баҕарабыт. Билигин интернет үйэтигэр ону ситиһэр дөбөҥ.
ЭС: Уулуссаҕа көрдөхтөрүнэ, ырыаһыттар диэн төһө билэллэрий?
SV: Оо, «Сноу войстар» диэн хаһытыыллар игин… Күлүүлээх да түгэннэр эмиэ бааллар: оптуобуска төлөпүөҥҥэ тыастаахтык уонна өссө «вспышканы» араарбакка эрэ, хаартыскаҕа түһэрээччилэр.
ЭС: Билигин Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэри туттараары сылдьар оҕолорго тугу сүбэлиигитий?
SV: Дьиҥинэн БКЭ туох да ыарахана суох. Сүрэҕэлдьээбэккэ бэлэмнэннэххэ уонна наһаа долгуйбакка оҥордоххо, туттараҕын. Биһиги бэйэбит үчүгэй сыанаҕа туттарбыппыт.
ЭС: Саамай өйдөөн хаалбыт түгэннэргит?
Миша: Урут дьоммун кытары киэһэ аһыы олорон «Саҥа ырыаҕа» кытта барарым дуу — диэн дьээбэлэнээччибин. Онтон билигин номнуо кыттан, ырыаһыт буолан эрэбин. Куонкурус кэмигэр долгуйуу, айманыы да баара. Аан бастаан интервью биэрбиппитин хаһан да умнуом суоҕа. Барыта аан бастакы этэ биһиэхэ…
Андрей: 2016 сыллаах «Азия оҕолоро» спортивнай күрэхтээһиигэ мин Казахстан оҕолоругар волонтер-атташе буолбутум. Күн аайы, уопсай түннүгүнэн көрдөххө, сарсыарда аайы спортсменнар дьарыктана сылдьар буолааччылар, ол билигин даҕаны харахпар көстөр. Арыаллаабыт оҕолорбун дьарыкка илдьэрбин, куораты көрдөрөрбүн, Саха сирин туһунан кэпсиирбин астынар аҕай этим. Өссө кинилэр миигин ох саанан ытарга үөрэппиттэрэ. Билигин даҕаны социальнай ситимнинэн кэпсэтэбит. «Азия оҕолорун» түгэннэрин өйдүү-саныы сылдьар курдук, видеоҕа устубутум.
Эрхаан: Мин урут «Zavod» бөлөххө үҥкүүлүүр этим. Арассыыйааҕа миэстэлэһэммит, Америкаҕа, аан дойдутааҕы чөмпүйэнээккэ барар чиэскэ тиксибиппит. Нью-Йорк, Лос-Анджелес, Лас-Вегас куораттарга сылдьан баҕа санаам туолбута.
ЭС: Туохха итэҕэйэҕитий?
SV: Сахалыы итэҕэллээхпит. Билиҥҥи кэмҥэ, дьон туох эрэ буоллаҕына, наадыйдаҕына эрэ, Таҥараҕа итэҕэйэр – итинник гынар эмиэ да сыыһа дии санаабаккыт дуо? Гороскопка итэҕэйбэппит. Ол гынан баран, зодиак бэлиэтинэн киһи майгытын сөпкө суруйаллар. Киһи эрэ итэҕэйиэх курдук.
ЭС: Барытын хайдах ситиһэҕитий?
SV: Күннээҕи дьыаланы былааннаан, бириэмэни сөпкө аттара сатыыбыт. Сороҕор, ыгым да буолааччы. Дьоммут, төрөппүттэрбит, учууталларбыт, табаарыстарбыт биһигини өйдүүллэр уонна өйүүллэр, онон кинилэргэ улахан махтал.
ЭС: Элбэх кыыс эһигини астына көрөр буолуохтаах…
SV: Кэрэ аҥардарга анаан ыллыыбыт, айабыт-тутабын. Биһиги ырыаларбытыттан астыналларыттан ис сүрэхпититтэн үөрэбит.
ЭС: Инникитин туох былааннааххытый?
SV: Сотору кэминэн, клип устуохтаахпыт. Оҕолорго анаан лааҕыр арыйаары сылдьабыт, сайын гастролга барар санаалаахпыт — Бүлүү бөлөх диэки буолуо.
— «Эдэр саас» ааҕааччыларыгар, баҕа санааҕыт?
SV: Ыччат, туохтан да толлумаҥ, саҥаны саҕалыыртан куттанымаҥ. Ситиһиини, табыллыыны, сахалыы ырыаны сэргээҥ!
Лена Андреева, «Саха сирэ», edersaas.ru
Видео: «Саха» НКИХ