СНИЛС нүөмэрин эттэххинэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СНИЛС нүөмэрин этэн, тугу билиэххэ сөбүй?

Коронавирус саҥа дьаҥын кэмигэр ыалдьыбыт киһи бүлүтүөҥҥэ олорор. Үгүс үлэһит үтүөрэн, бүлүтүөнүн илииһин туттаран баран, хаһан бүлүтүөнэ төлөнөрүн кэтэһэр. Ол өйдөнөр. Дьон үксэ кирэдьииттээх, ипэтиэкэ төлүүр, араас түһээннэрэ эҥин элбэх. Ону барытын кэмигэр төлүөххүн наада.

Онуоха төлөбүрүм хаһан түһэрэ буоллар диэн таайа, кэтэһэ олорбокко, куорат олохтооҕо, холобур, анал нүөмэргэ эрийэн ыйытыан сөп.

РФ Социальнай страховкалааһын пуондатын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэгийиэннээҕи салаата бэркэ дьаһаммыт. Ол курдук, 319-919 нүөмэргэ эрийэн, ити төлөбүрүн киириитин ыйытыаххын сөп. Онно хайаан да СНИЛС нүөмэрин этэҕин, оччоҕо эпэрээтэр ол СНИЛС-ын нүөмэринэн көрөн, төлөбүр бирикээһэ хаһан баттаммытын уонна быһа барыллаан хас хонугунан түһэрин этэр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0