Саргылаана Скрябина: «Саха сиригэр киинэ экэниэмикэ биир салаата буолуоҕа»

Ааптар: 
16.10.2020
Бөлөххө киир:

Саха киинэһиттэрин үгүстэрэ кинини Саргычок диэн ыҥыраллар. Кыра уҥуохтаах, хатыҥыр кыысчааны, кырдьык, киинэ устар сиргэ төрөппүттэрин батыһан кэлбит оҕону кытта бутуйуохха сөп.

Ол эрэн, дьиҥнээҕэ, кини киинэ устуутун биир төһүү киһитэ – ту­­руорааччы художник режиссеру, операторы кытта тэҥҥэ олоххо киириэхтээх хартыына моһуонун быһаарар киһи. Кини улахан ха­маанда хотуна, түүннэри-күнүстэри сүүрэр-көтөр, салайар. Оннооҕор өрөбүл күн сарсыардатыгар интервью туһунан үлэһэн кэпсэтэ турдахпына, эмискэ айанныырга кү­­һэллибитэ — киинэһиттэргэ өрөбүл диэн суох, массыына көстөн, киинэ устар сири (локация) көрө ыстаммыта. Саргылаана Скрябина маннык түгэннэри холкутук ылынар, 2016 сыллаахха ВГИК художественнай факультетын бүтэрэн дойдутугар кэлиэҕиттэн ыла, тохтоло суох бырайыактан бырайыакка көһө сылдьан үлэлиир.

ХААН БИЛЭР ЭБИТ

— Миигин удьуор худуоһунньук диэн ааттыахха сөп — ийэлээх аҕам иккиэн П.П. Романов аатынан художественнай училищены бүтэрбиттэрэ. Аҕам Семен Тихонович Скрябин муоһу, маһы, тааһы кытта үлэлиир маастар-худуоһунньук идэтигэр үөрэммитэ, ийэм Ульяна Дмитриевна тыйаатыр худуоһунньук-декораторын идэтин баһылаабыта. Биир эһээм үчүгэй уруһуйдьутунан аатырара эбитэ үһү. Онон идэбин таларбар улахан саарааһын суох этэ, кыра эрдэхпиттэн уруһуйдуур этим – хаан биллэҕэ.

Бастаан дьонум үөрэммит кыһаларыгар ЯХУ-га “живопись” кы­­лааһыгар үөрэммитим. Орто үөрэҕи онно бүтэрэн баран, ханна үрдүк үөрэххэ туттарсабын диэн толкуйга түспүтүм. Дьиҥинэн, тыйаатыр худуоһунньугар үөрэнэ киирэр санаалаах этим. Ону Култуура министиэристибэтигэр киирэ сылдьыбыппар, Ирина Энгелис “киинэ худуоһунньуга буолуоххун баҕарбаккын дуо?” диэн ыйыппытыгар, “кырдьык даҕаны” диэн санаа киирбитэ. Онон ВГИК-ка туттарсан киирбитим. Маастарым Вадим Кислых буолбута, олус ытыктанар, сэбиэскэй кэмтэн үөрэтэр кырдьаҕас маастар. Кытаанах үөрэх этэ: декорацияны тутуу, операторы кытта үлэ, эскизтары оҥоруу, сценарийы кытта үлэ. Улуу суру­йааччылар айымньыларын экраҥҥа хайдах быһыылаахтык туруоруохха сөбүй диэн ырытар этибит.

МАҤНАЙГЫ БЫРАЙЫАГЫМ — “МУММУТТАР”

— Үөрэнэ сылдьан быраактыка быһыытынан кылгас миэтэрэлээх киинэлэргэ идэбинэн үлэлээн көрбүтүм. Оттон маҥнайгы улахан үлэм сахалыы бырайыактан саҕаламмыта. Бэһис кууруска үөрэнэ сырыттахпына, “Муммуттар” киинэ бырайыагар ыҥырбыттара. Продюсердарга Семен Аманатов сүбэлээбит эбит, “үөрэҕин бүтэрэн эрэр кыыс баар” диэн. Дойдубар кэлэн Илья Портнягинныын, Яна Байгожаевалыын, Михаил Кардашевскайдыын сирэй көрсөн кэпсэппиппит, кэпсэтии түмүгүнэн хамаандаларыгар ылбыттара. Онон производственнай быраактыкабын дьиҥнээх уус-уран киинэни оҥорон көмүскүүр киһи буолбутум.

“Муммуттарга” иккиэ буолан үлэлээбиппит. Сергей Слепцов, дьиҥэр, гример идэлээх үлэһит этэ эрээри, бу киинэҕэ иккиэн биир үлэни оҥорбуппут. Декорация оҥоруутугар даҕаны, бутафор да быһыытынан, көстүүм та­­ҥааччынан, грим түһэрээччинэн, барытыгар күүспүтүн холбоон, иккиэн үлэлээбиппит. Бу киинэ үксүн айылҕаҕа уһуллар уонна икки эрэ сүрүн дьоруойдаах буолан, үлэлииргэ син чэпчэки этэ. Ол да буоллар, хас даҕаны локация, интерьер, балай да элбэх атын артыыстар баар этилэр, онон икки эрэ киһи тула сүүрэ сылдьыбыппыт диир сыыһа.

Ити бырайыак бүппүтүн кэнниттэн хас да киинэҕэ ыҥырбыттара. “Вертолет” диэн Михаил Лукачевскай киинэтигэр үлэлэспитим, Илья Портнягин “Кэрэлигэр” эмиэ кыттыбытым. Ити эмиэ бэһис кууруска сылдьан. Онтон алтыс кууруска тахсыбытым кэннэ Лукин уонна Амбросьев “Аптаах дор­ҕоон” бырайыактарыгар ыҥырбыттара, онтон сааһыары “Тойон Кыылга” үлэлэһэн барбытым. Ити курдук, үөрэхпин бүтэриэм иннинэ үлэ үөһүгэр түспүтүм.

ЭНТУЗИАЗМ КЭМЭ ААСТА, ИДЭТИЙИЭХ ТУСТААХПЫТ

— Киинэ худуоһунньуга үөрэхтээх дьон дойдубутугар аҕыйах, биир бырайыак бүттэҕинэ, үргүлдьү иккис бырайыакка сүүрэбин. Билигин эдэр оҕолору үөрэтэ ыла сатыыбын. Батыһыннара сылдьан, үлэ хайдах барыахтааҕын көрдөрөбүн, тугу бэйэм билэрбин такайабын. Ол эрэн, оҕолор үгүстэрэ “киинэ быстах кэмнээх үлэ, сүрүн үлэ оҥостор сатаммат” диэн өйдөбүллээхтэр. Дьиҥэр, Саха сиригэр киинэ эйгэтэ быыстала суох үлэлиир, үлэ миэстэтин таһаарар, дохуот киллэрэр экэ­ниэмикэ салаата буоларыгар мэһэйдиир туох да суох. Саха киинэтэ алҕас үөскээбит быстах муода буолбатаҕа көстүбүтэ ыраатта эрээри, билигин даҕаны олус элбэх анал идэлээх үлэһиттэр тиийбэттэр. Анаан-минээн, тус сыаллаах ­миэстэлэри тобулан, оҕолору соҕуруу үөрэтэ ыытыах тустаахпыт, энтузиастар кэмнэрэ ааһыахтаах. Бырабыыталыстыба диэки каадыр бэлиитикэтинэн дьарыктанар дьон оҕолору үөрэххэ ыытар туһунан толкуйдаатылар ини диэн эрэнэ саныыбын.

Учууталларым “Аныгы кэми итэҕэтиилээхтик көрдөрөр саамай ыарахан” диэн үөрэтэллэр этэ. Кырдьык, экшн киинэни устарга элбэх сыра барар, уустук бы­­һаарыылары, элбэх сүүрүүнү эрэ­йэр. Холобур, биир бырайыакка оҕо ойбоҥҥо түһэрин оҥорбуппут. Онно ЫБММ сулууспаларын кытта дуогабардаһан, бассейн иһигэр араас албастары оҥорон, элбэх үлэни оҥорбуппут. Ол эрэн, олох көрдөрөрүнэн, ордук уустук үлэни былыргы кэм туһунан киинэ эрэ­йэр. Харчынан хааччахтамматах киинэ бырайыагар, баҕар, бы­­лыргыны көрдөрөр, кырдьык, чэпчэки соҕус буолуо. Толору хааччыллыылаах павильоҥҥа уларытыллар декора­циялар көмөлөрүнэн дьиэ иһиттэн тахсыбакка элбэҕи уһулуохха сөп. Ол эрэн, Саха сиригэр устуоруйаҕа олоҕурбут киинэни устар олус уустук. Урукку кэм тутуулара суохтарын кэриэтэ, хаалбыт дьиэлэр олус мөлтөх туруктаахтар. Устар локацияны булар олус уустук. Былыргы малы-салы көрдүүр эмиэ туспа кыһалҕа. Анаммыт реквизит мунньар, атыылаһар пуонда биһиэхэ суох, онон тыйаатырдартан, мусуойдартан көрдөһөн булабыт. Москваҕа итинник уларсыһыы улахан үп барааһыннаах дьарык, хата, биһиэхэ киһилии сыһыан баар буолан, дьон үксүн өйдөөн көмөлөһөр.

ИДЭМ КЫҺАЛҔАЛАРА

— Ол эрэн, бу балаһыанньаны хайдах эрэ гынан уларытыах тустаахпыт. Холобур, “Сахафильм” дьиэтигэр реквизиторскай хос баар эрээри, бүтүн өрөспүүбүлүкэ бырайыактарыгар тиийбэт кыра. Онон көстүүмнэр куулларга хааланан сыталлар, биллэн турар, буорту буолаллар. Көстүүмнэри хара­йарга туспа хос дуу, дьиэ дуу баар буолуохтаах. Реквизит чааһыгар элбэх эпохаларга сыһыаннаах маллар тиийбэттэр. Билигин киинэттэн киинэҕэ кыра-кыралаан син ба­­йытыллан иһэр эрээри, син биир тиийбэт. Ханнык эрэ киинэҕэ туох эрэ тиийбэтэ билиннэҕинэ, сүпсүгүрэбит. Дьиҥэр, туһунан эспэ­дииссийэ тэрийэн, дэриэбинэлэри кэрийэн, аахсыйалары ыытан малы-салы байытыахха баар этэ, олус туһалаах тэрээһин буолуо этэ.

Киинэ элбэх киһини түмэр, уонунан араас идэни ирдиир улахан үлэ. Итиннэ биир кыра туох-эрэ “доҕолоҥноотоҕуна”, түмүктүүр хартыына барыта үрэллиэн, бөрүкүтэ суохтук көстүөн сөп. Онон саха киинэтин бары өттүнэн тэҥҥэ сайыннарыахтаахпыт. Бүгүн бу салааны өйүүргэ ылыныллыбыт миэрэлэр сарсын уон оччону төттөрү төнүннэриэхтэрэ диэн бүк эрэллээхпин!

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар Саргылаана Скрябина тус архыыбыттан туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0