Скандинавскай хаамыынан дьарыктан — доруобуйаҕын тупсар

Ааптар: 
09.04.2021
Бөлөххө киир:

Киһи  сүрэҕэр  уонна тыҥатыгар туһалыыр, тобуккутун кытта сис тоноҕоһун, артериальнай дабылыанньатын намтатар, көхсүнү көннөрөр – бу барыта скандинавскай хаамыы.

Финляндияҕа үөскээбит спорт биһиэхэ тиийэн биһирэбили ылбыта быданнаата. Бу көрүҥү билбэт киһи суоҕа буолуо. Бэйэтэ олус судургу, элбэх тэрили, анал сааланы ирдээбэт буолан, биһиги курдук тыа сирин олохтоохторугар олус барсар. Спортивнай таҥаскын кэт да, хаалыгы тут да, хаам диэбит курдук. Ол эрэн барыта оннук боростуой буолбатах. Манна эмиэ туспа тиэхиньикэ ирдэнэр.

Ханнык баҕарар  дьарыгы саҕалыаххытын иннинэ сэрээккэ  оҥороргут тоҕоостоох, тоҕо диэтэххэ, итиннэ кынан былчыҥҥыт уһуктар, ноҕуруускаҕа бэлэмнэнэр, эчэйиини ылбат гына эккитин бэлэмниир. Бастакытын саҕалыыр буоллаххытына, бырааска сылдьан бу спорт миэхэ барсыа дуо, хайдах ноҕурууска чуолаан мин доруобуйабар көҥүллэнэрий диэн ыйытаргыт ирдэнэр. Уонна тренеры, инструкторы кытары саҕалыыргыт ордук. Сөптөөх тиэхиньикэни билбэт киһи доруобуйатыгар туһа оннугар буортуну оҥоруон сөп.

Маны таһынан  болҕомтону хаалыкка ууруох тустаахпыт. Кини эһиги уҥуоххутугар сөп түбэһиэхтээх, холобур,  аһара уһун эбэтэр кылгас буоллаҕына, туһата суох буолуон сөп. Ону эмиэ учуоттуохха наада. Ол эрээри аныгы хаалыктар  үгүстэрэ уһуур-кыччыыр, араас матырыйаалтан оҥоһуллар буоланнар быыбара элбэх.

Скандинавскай хаамыынан киһи сааһыттан тутулуга суох дьарыктанар. Баҕа эрэ наада. Ол эрэн ордук  саастаах дьоно сөбүлээн дьарыктанар. Сарсыарда эрдэ эбэтэр киэһээ Горнай Бэрдьигэстээҕин араас муннуктарыгар хаалыгы туппутунан хааман иһэр дьону көрүөххэ сөп. Маннык хартыына киһини үөрдэр, нэһилиэнньэ доруобуйатын чэбдигирдэргэ кыһалларын көрдөрөр. Бу хаамыынан дьарыктанааччы олохтоох дьону кытары кэпсэттим.

Екатерина Павлова, биэнсийэлээх:

Хаалыыктаах хаамыы туһунан тэлэбиисэринэн кэпсээбиттэрин сэргии, сэҥээрэ истибитим. Онтон 2015 сыллаахха дьаһалта көҕүлээһинэн спорт маастара Матвей Иванович Лыткин кэлэн скандинавскай хаамыыга маастар-кылаас ыытар диэн биллэрии таһаарбыттарыгар Парфенов аатынан спорт саалатыгар барбытым. Онтон ыла сөбүлээн дьарыктанабын. Лыткин сөптөөхтүк хаамары, тыынары, хайдах торуоска үчүгэйин билиһиннэрэн барытын кэпсээбитэ.

Аан бастаан нэдиэлэҕэ иккитэ хааман саҕалаабытым. Хааным баттааһына үрдүк буолан эрэйдэнэр этим, онтон дьарыктаныахпыттан саҕалаан хааным баттааһына түһэн, сүрэҕим тэбиитэ бытааран аҕылаабакка тыынар буолбутум. Доруобуйаҕа чахчы туһалааҕын тус бэйэм биэс сыл устата хааман биллим. Онон күһүн, саас хаамарбын тохтоппоппун, кыһын тымныыга сынньанабын, сайыҥҥы өттүгэр хас сарсыарда аайы дьарыктанабын.

Соҕотох хаамар буоламмын дьыл уларыйыытынан көрөммүн дьарыктанар сирдэрбин уларыта сатыыбын. Чаас, балтараа хаамабын уонна бастаан хайаан да сэрээккэлиибин. Скандинавскай хаамыыга суол үктэлэ көнөтө ордук буолан асфальт суолун ордордум.

Хаалыыктаах хаамыы доруобуйаҕа эрэ буолбакка киһи санаатын сааһылыыр, сэргэхситэр. Дойдубут барахсан айылҕата кэрэтэ, салгына ырааһа хас сарсыарда аайы ыҥыра, угуйа турар.

Парасковья Шамаева, биэнсийэлээх:

— Скандинавскай хаамыынан дьарыктанааччы сэлиэнньэбитигэр элбэх. Сорох соҕотохтуу хаамарын ордорор, сорох түөлбэнэн арахсан дьарыгырар.

Мин 2013 сылтан бу успуордунан үлүһүйэн дьарыгырабын. Бастаан бэйэм хаамар этим, кэнники Заречнай түөлбэттэн 6-7 киһи буолан тахсабыт. Сарсыарда алтаттан саҕалаан ипподромҥа тиийэн үөрэ-көтө айылҕабытын кытары тэҥҥэ уһуктан күммүтүн саҕалыыбыт, сэрээккэлиибит, күҥҥэ 5-6 км хаамабыт. Саҥа күнү күүс уох ылан көрсөбүт.

Мантан сиэттэрэн этиэм этэ, олохпут хаачыстыбата, биитэр доруобайыт бэйэбититтэн тутулуктаах. Куруутун эдэр эрчимнээх, энергиялаах, сэниэлээх, күүстээх доруобуйалаах буолуох баҕалаах буоллаххытына скандинавскай хаамыынан дьарыктаныҥ, эккитин-сииҥҥитин үлэлэтин, чөл олоҕу тутуһуҥ!

Милона Иванова, ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын устудьуона.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0