Саха сиригэр хамсык дьаҥа сылаас кэмнэргэ тарҕаммыт буолан, ачыкылаах дьон мэһэйдэри көрсүбэтэхтэрэ. Халлаан тымныйбытын кэнниттэн, ачыкы туманнырара уустуктары үөскэттэ. Дьаҥ тарҕаныан иннинээҕи кэм курдук, бэрт үөрүйэхтик ылан тарбахпытынан имэрийэн сотор эбэтэр сиэпкэ укта сылдьар салпыакканан сотон кэбиһэр табыллыбат. Хамсык харах нөҥүө киириэ диэн сэрэхэдийэбит. Оччотугар хайдах гынабыт?
“Эдэр саас” саайт ааҕааччыларыгар анаан, аан дойду дьоно туһанар араас албастарын түмэбит.
Бастакытынан, биирдэ кэтиллэр мааскаларга иһигэр синньигэс боробулуохалаах буолар. Айахтан тахсар сылаас салгы тута ачыкыга ааспатын курдук, бу боробулуоханы мурун хоҥоруутугар сыһыары, ыга кэтиҥ. Бэйэ тигии маасканы кэтэр дьон, биирдэ кэтиллэр мааскаттан ылан тигэн биэриэхтэрин эмиэ сөп.
Иккиһинэн, кэлин атыыга тахсар биирдэ кэтиллэр мааскалар эрэһиинэлэрин олус уһун гына оҥороллор. Ол түмүгэр салгын көҥүл күүлэйдиир. Ол иһин эрэһиинэтин икки кытыытыттан кылгатан биэриҥ.
Үсүһүнэн, мааскаҕытын төһө кыалларынан хоҥоруугутугар өрө таһааран баран ачыкынан туттарыҥ. Бу түгэҥҥэ ачыкы ыйааһына баттаан сылаас салгыны үөһэ таһаарбат.
Төрдүһүнэн, мааска хоҥорууга ыга олорорун курдук, мааскаҕа медицинскэй лиэнтэни тигэн биэриэххэ сөп. Ол эрээри, олоххо-дьаһахха туттуллар лиэнтэни туһанымаҥ, киһи сирэйин аалыан сөп диэн сэрэтэллэр.
Бэсиһинэн, ачыкыгытын хаһаайыстыбаннай мыыла сурадаһынынан сотон көрүҥ. Линзаҕа бүрүөһүн үөскээн, туһалыыр дииллэр. Бу ньыманы ачыкылаах дьон урукку сылларга даҕаны туһанара иһиллэрэ.
Алтыһынан, ачыкыны туманы үөскэппэт анал сурадаһыннаах салпыакканан сотуҥ.
Сэттиһинэн, хайата даҕаны туһалаабат буоллаҕына, линзаны ылан кэтиҥ.
Биллэн турар, бу ньымалар киһиэхэ барытыгар сөп түбэһэр буолбатахтар. Онон барытын боруобалаан көрөн бэйэҕитигэр сөптөөҕүн талыаххытын сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas. ru
Хаартыска: Pikabu.ru