СИТИМ САЛҔАНАР. Суруйааччы Эрилик Эристиин төрөөбүт күнэ

24.01.2018
Бөлөххө киир:

Саха биллиилээх суруйааччыта, бастакы романиһа Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, төрөөбүтэ 126 сылын туолла.

Былырыын үбүлүөйдээх сылыгар суруйааччы дойдутугар, Чурапчы улууһугар уонна өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга араас өрүттээх литературнай тэрээһиннэр, быыстапкалар  буолуталаабыттара. Филологическай наука доктора Варвара Окорокова “Эрилик Эристиин олоҕо уонна айар үлэтэ” научнай монографията күн сирин көрбүтэ.  Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин сыдьааннара, аймах-билэ дьоно альбом бэлэмнээбиттэрэ.

Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин өр сылларга ситиһиилээхтик чинчийбит киһинэн литературовед, филологическай наука доктора, профессор Николай Тобуроков буолар. Кини “Эрилик Эристиин” кинигэтэ 1963 с. тахсыбыта. Оттон Тобуроков “Писатель корчагинской закалки” кинигэтин суруйааччы Сэмэн Тумат Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин чинчийии кылаан чыпчаалынан ааҕар.

Сэмэн Тумат бэйэтэ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар Эрилик Эристииҥҥэ элбэх ыстатыйалардаах, итиэннэ,  “Кэриэс туолуута” (2011),“Кэм кэхтибэт кырдьыга” (2014) диэн Эрилик Эристиин айымньыларынан икки кинигэни таһаартарбыта. Итиэннэ “Саха суруйааччылара —оҕолорго” диэн сериянан дойдутун дьоно таһаартарбыт Эрилик Эристиин кэпсээннэрин кинигэтигэр киирии тылы суруйбута.

Ол иһин даҕаны буоллаҕа, былырыын, төрөөбүтэ 125 сылын  туолуутугар  Чурапчы улууһунан уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһунан сөргүтүллүбүт Эрилик Эристиин аатынан Литературнай бириэмийэ чуолаан Сэмэн Андреевич Поповка- Тумакка туттарыллыбыта. Онон, ситим салҕанар…

Саха литературатын биллиилээх кириитигэ Егор Шестаков-Эрчимэн, учуонай Петр Слепцов, Чакырдааҕы мусуой дириэктэринэн өр сыл үлэлээбит Николай Филиппов, суруйааччы Николай Павлов-Тыаһыт, фронтовик-учуутал, Чурапчы улууһун историятын үөрэппит Гаврил  Ефимов, саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан, Эрилик Эристииннээх сиэннэрэ Иоган Максимов, суруйааччы Николай Уус, о.д.а. араас кэмнэргэ Эрилик Эристиин туһунан суруйууларыгар саҥаны-сонуну этэргэ дьулуспуттара, урут ахтыллыбатах чахчылары киллэртээбиттэрэ.

Лоп-курдук 80 сыл анараа өттүгэр ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбут саха бастакы романиһа Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин чинчийиэн,  үлэлэһиэн баҕалаахха интэриэһинэй тиэмэ, үлэ хайысхата билигин даҕаны үгүс. Холобурун ыллахха, кини бэчээккэ өссө да тахса илик  олоҥхолоро сыыйа күн сирин көрөн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Татьяна МАРКОВА. 

 

Ыспыраапка

 

Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин (24.01.1892 с. — 06.10.1942 с.).

Биллиилээх судаарыстыбаннай деятель, суруйааччы, икки көрөрүттэн мэлийэн баран, кинигэтин дьоҥҥо этэн биэрэн суруйтарбыт, онон Николай Островскай хорсун быһыытын хатылаабыт саха бастакы чулуу романиһа. Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.

Гражданскай сэрии сылларыгар – кыһыл партизан. Үрүҥ бандьыыттар ону иэстэһэннэр, чугас дьонун, кырдьаҕас ийэтин холотуусканан кырбаан өлөрбүттэрэ. Ол суостаах түгэн “Чурапчы холотууската” диэн аатынан историяҕа киирбитэ.

1924 сыллаахха ССКП кэккэтигэр ылыллыбыта. 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

1923 сылтан бэчээттэнэр. 1928 с. “Чолбон” сурунаалга кини “Соһуччу үөрүү” диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта. Манна революция иннинээҕи саха тыатыгар тулаайах оҕо курус дьылҕата, саха интеллигенциятыгар политсыылынайдар дьайыылара көрдөрүллүбүтэ.

1931-1942 сс. — Эрилик Эристиин талаана арыллан, күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлээбит кэмэ. Аатырбыт “Маарыкчаан ыччаттара” романын хараҕынан көрбөт буолан баран ситэрбитэ. Айымньы сахалыы, нууччалыы тылларынан хаста даҕаны хаттаан бэчээттэммитэ. Саха сиригэр гражданскай сэрии бу ромаҥҥа дириҥник, кырдьыктаахтык сырдатыллар.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос, тыа сирин олоҕун тиэмэтигэр бастыҥ айымньы иһин литературнай бириэмийэни олохтообуттара. Бу, Эрилик Эристиин аатынан дьоһуннаах бириэмийэ бастакы лауреаттарынан  литературнай кириитик, учуонай Николай Тобуроков, саха норуодунай суруйааччылара Андрей Кривошапкин, Семен Руфов, поэт, прозаик И.Е.Федосеев-Доосо, уонна да атыттар буолаллар.

Төрөөбүт  түөлбэтигэр, Чурапчы улууһун Чакыр сэлиэнньэтигэр суруйааччы Эрилик Эристиин Мусуой-дьиэтэ баар.

Эрилик Эристиин айымньылара

“Талыллыбыт айымньылар” —1948 с.

“Талыллыбыт айымньылар” — 1954 с.

“Айымньылар” 2 томнаах. – 1969 с.

“Суорума соруктаммыт”. Пьеса –1931 с.

“Бассабыык Тиихээн”. Поэма – 1934 с.

“Уйбаан Дууһа”. Кэпсээн – 1934 с.

“Тулаайах Уйбаанчык”. Поэма – 1935 с.

“Революция уолаттара”. Сэһэн – 1936 с.

“Аймалҕан”. Сэһэн – 1937 с.

“Кэриэс туолуута”. Сэһэн – 1939 с.

“Маарыкчаан ыччаттара”. Роман – 1942 с.

“Кэпсээннэр уонна пьесалар” – 1963 с.

“Буура Дохсун”. Олоҥхо – 1993 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0