Ситиһиилэр 2022 сылга биир мөлүйүөҥҥэ тиийэргэ эрэли үөскэтэллэр

Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэҕэһээ быһа эпииргэ иһитиннэрбитинэн, бу сылга киирэн баран, тохсунньу 1-30 күннэригэр 820-тан тахса оҕо күн сирин көрдө.

«2021 сыл түмүгүнэн Саха сирэ оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ инники миэстэҕэ, Арассыыйаҕа сэттис миэстэҕэ сырытта. Биллэн турар, маннык ситиһии Саха сирин олохтооҕун ахсаана 2022 үбүлүөйдээх сылга мөлүйүөҥҥэ тиийэригэр эрэли үөскэтэр», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Онуоха Саха сиригэр тустаах көмөлөр, дьаһаллар олоххо киллэриллэллэр.
2022 сылга Ил Дархан сорудаҕынан, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрүүр оҕолорго «Сүүс сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал киллэрилиннэ. СӨ бырабыыталыстыбатыгар элбэх оҕолоох уонна оҕо иитэр ыаллар кыһалҕаларын быһаарарга, ийэ доруобуйатын харыстабылыгар үлэлииргэ, кинилэр дьарыктаах буолалларын хааччыйарга сорудахтанна.
5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыал олорор дьиэлэрин усулуобуйаларын тупсарыыларын боппуруоһа биэс сыл иһигэр быһаарыллыахтаах. Оҕолору иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ төлөбүр базовай кээмэйэ икки төгүл үрдэтиллиэҕэ.
Үс сыл иһигэр Дьокуускайга Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмө киинэ тутуллуоҕа. Дьиэ кэргэни, ийэлэри өйүүр бырайыактары олоххо киллэрэргэ уопсастыбаннай тэрилтэлэри гранынан өйөөһүн кээмэйэ икки төгүл улаатта.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0