Ситэриилээх былаас отчуота: Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга көмө

Бөлөххө киир:

«Саха» НКИХ уонна «Якутия24» телеханаалларынан ыытылла турар ситэриилээх былаас отчуотугар чаас аҥаарын иһигэр номнуо отуттан тахса ыйытыы олохтоохтортон киирдэ. Үгүс өттүгэр тутуу, социальнай эйгэ, урбаан боппуруостарыгар ыйытыылар киирэллэр,

Мэҥэ Хаҥалас олохтооҕо Ийэ сылынан сибээстээн биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы боппуруоһун туһунан ыйытта. Онуоха бастакы вице-премьер Кирилл Бычков: «Бу тыын суолталаах боппуруос буолар. Судаарыстыба демография боппуруоһугар улахан болҕомтотун уурар. Нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ, оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ үгүс хабааннаах үлэ ыытыллар», — диэтэ.

Санатан эттэххэ, биэс  уонна онтон элбэх (сокуоннай саастарын ситэ илик) оҕолоох ыалга олорор дьиэни туттарга эбэтэр атыылаһарга олохтоммут биир кэмнээх социальнай төлөбүрү ааспыт сылга  56 дьиэ кэргэн туһаммыт. Үбүлээһин кээмэйэ 199,2 мөл. солкуобай.  10 уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох 4 ыалга олорор дьиэни туттарга (атыылаһарга) социальнай төлөбүр оҥоһуллубут. Үбүлээһин кээмэйэ 27,6 мөл. солкуобай.
Тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга биир кэмнээх социальнай төлөбүргэ анаан  былырыыҥҥы курдук 200 мөл. солк. үбүлээһин көрүллүбүтүн туһунан эбэн эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0