СӨ Тутуутун миниистирэ Павел Аргунов салайааччылаах бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕө бүгүн Таатта улууһугар кэлэн, Кыйы кэнниттэн Даайа Амматыгар сырытта. Олохтоох муниципальнай тэриллии баһылыга Петр Петров туох ханнык кыһалҕа баарын билиһиннэрдэ.
Даайа Аммата Чөркөөхтөн 50 км сиргэ баар, манна Дьиэбэгэнэ үрэҕи туоруур мас муоста эргэрэн, саахалланар туруктаах турар. Бастатан туран, олохтоохтор ол муоста тутуутун туруорсаллар. Ас-таҥас, тутуу матырыйаала, туох баар табаар барыта ити суолунан тиэллэн кэлэр тыын суолталаах. Онон сааскы халаан уута кэлиэн иннинэ муоста оҥоһулуннаҕына биирдэ массыына сырыыта баар буолуо.
Манна дьон үксэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи тутан, онон айахтарын ииттэн олороллор. Күн бүгүн ГСМ сыаната 60 солк тиийдэ, оттон үүт туттарыытын харчыта 45 солк. Онон кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо улахан дохуот киирбэт. Ол иһин дьон үүт харчытын улаатыннарары туруорсаллар.
Даайа Амматыгар 250 эрэ киһи олорор буолан, суотабай сибээс соҕотох оператора Билайн, ону даҕаны батсаап үчүгэйдик хаппат, интэриниэт мөлтөх.
«Чааһынай дьиэлэргэ тымныы уу турбатын тардан биэрэбит, киин ититиигэ холбуубут, ол эрэн септик оҥоһулла илик буолан, дьиэлэр толору хааччылла иликтэр. Убаҕас тобоҕу оботторор массыынабыт суох, ону атыылаһар ороскуоту нэһилиэк бүддьүөтэ сатаан уйуммат. Ону таһынан, быйыл хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэ саҕаланна. Ол курдук, Даайа Амматыгар 13 эргэрэн, саахалланар туруктаах дьиэ реестргэ киирэн, көһөрүллүөхтээх», — диэн кэпсээтэ олохтоох дьаһалта баһылыга.
Таатта улууһун куратора доруобуйа харыстабылын урукку миниистирэ М.Охлопков этэ. Билигин тутуу миниистирэ Павел Аргунов таатталарга тус эппиэттээх киһи буолла. Олохтоохтор кини быһаччы салалтатынан тутуу хардыыта тэтимириэ диэн үөрэ-көтө ылыннылар.
Бу диэки үгүс социальнай эбийиэктэр: оскуола, кулууп, спортивнай саала өссө ааспыт үйэттэн тураллар. Эргэрэн, харааран-барааран, тоҥ хаһаа уку -суку көрүҥнээхтэр.
«Былырыын 4 кыбартыыралаах эдэр исписэлиистэргэ дьиэ наада диэн олохтоохтор туруорсубуттара. Ону олоххо киллэрэргэ 1 млрд 195 мөл. солк үп көрүлүннэ»,- диэн эттэ миниистир Павел Аргунов.Олохтоох киһи Дмитрий Лебедев: «Олохтоох дьон үлэтэ суох олоробут. Ситэриилээх былаас отчуотун сыл ахсын үчүгэй диибит даҕаны, олохпут тупсубута көстүбэт. Олох тупсуо диэн эрэннэрэллэр даҕаны, олохпут чэпчии илик. Кыһалҕаттан кэргэммин куоракка үөрэттэрдим да үлэ суох»,- диэн кыһалҕатын кэпсээтэ.
Итиэннэ үүт туттарар саҕана, Таатта СХПК үүт сыатын 2,8% тутар. Хайдах да буоллун. Нэһилиэнньэҕэ үүт сыатын хайдах быһааралларын көрдөрбөттөр, онон үрүҥ илгэбитин, хара көлөһүммүтүн куттана — куттана туттарабыт диэн этиннилэр. Инникитин ыанар ынах төбөтүнэн субсидия көрүллүөн наада диэтилэр олохтоохтор.
«Билайн киирдэ да, интэриниэт суох, биир да отчуоту сатаан ыыппаппыт. Гаас Чурапчыга киирдэ, онтон бу диэки кыра нэһилиэккэ тардыахтарын сөп дуо? Манна заправка суох буолан, ГСМ-тын Чөркөөхтөн, Ытык Күөлтэн аҕалабыт.
Орто хамнас улаатта диэн дакылааттыыллар даҕаны,
20 чаастаах учууталлар 50 тыһ. солкуобайы хас да ыстаапкаҕа үлэлээн аахсаллар»,- диэн нэһилиэк дьоно туох кыһалҕалаахтарын Татьяна Павлова иһитиннэрдэ.
Даайа Аммалар туруорсар боппуруостарын истэн баран:
«Мындаҕаайы Мырыла диэкиттэн оптика сибээһэ кэлиэхтээх. Олохтоох дьаһалта кыттыгас үбүлээһиҥҥэ кииристэҕинэ, ити боппуруос түргэнник быһаарыллыа, түргэн интэриниэт быйыл-эһиил киириэн сөп. Уһук Илини сайыннарар федеральнай министиэристибэни кытта гааһы киллэртэрии ыытылларын курдук кэпсэтии бара турар. Оттон ГСМ-ы, сэлээркэни Чөркөөхтөн бензовоһунан аҕалыахха сөп«,- диэн хардарда миниистир Павел Аргунов.
Оттон бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас быйыл 4% үрдүөхтээҕин ыйдылар. Түмүккэ олохтоохтор бырабыыталыстыба отчуотун үчүгэй диэн сыаналаатылар.
Марианна Тыртыкова, edersaas.ru