Олоҕун олуктара
1947 с. сэтинньигэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1970 с. Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ, аспирантураҕа киирбитэ.
1973-1975 с.с. ЫБСЛКС Дьокуускай куораттааҕы кэмитиэтин 2-с сэкирэтээрэ, комсомол Саха уобаластааҕы кэмитиэтин пропагандаҕа уонна култуурунай-маассабай үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйэ.
1976-1992 с.с. Ем.Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай мусуой дириэктэрэ, СӨ култууратын миниистирин солбуйааччы.
1993-1995 с.с. СГУ Саха сирин историятын кафедратын доцена, историко-юридическэй факультет деканын солбуйааччы.
1995 с. Мирнэйдээҕи политехническэй институт (СГУ филиала) гуманитарнай уонна естественнэй наукаларга факультетын декана.
2003 сылтан – Ем.Ярославскай аатынан Хотугу омуктар историяларын уонна култуураларын судаарыстыбаннай мусуойун дириэктэрэ.
История наукатын кандидата, Хотугу Форум чилиэнэ, РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.
Бүгүн биһиги, “Култуураҕа аат” // ”Имя культуры” норуот билиниитин күрэҕин чыпчаал кыайыылааҕа, биллиилээх учуонай, историк, кыраайы үөрэтээччи, уопсайа үйэ чиэппэрэ устата Саха сирин сүрүн мусуойун салайан кэлбит Егор Спиридонович Шишигинниин сэһэргэһэбит.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Туочунай наука
—Егор Спиридонович, история – бэрт дьэҥкэ, чуолкай, чахчыларга олоҕурар наука. Оттон билигин биһиги дойдубут историятын саҥардан суруйа сылдьабыт, история учуобунньуктарыгар уларытыылары киллэрэбит… Итиннэ эн сыһыаныҥ?
—Урут биһиги, эдэр устудьуон оҕо эрдэхпитинэ, ордук математик-физик уолаттар, “история диэн – нууччалыы биир тылынан эттэххэ, “болтология” – тылынан куолулааһын буоллаҕа” диэх курдук этэллэрэ.
Оттон профессор Георгий Прокопьевич Башарин бэйэтин лекцияларын кэмигэр, “история диэн – туочунай наука” , — диэн үгүстүк тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Онуоха мин сөбүлэһэбин.
Ол гынан баран, историяны хаһан баҕарар, субъективнай соҕус диибин. Ол эбэтэр, хайа баҕарар судаарыстыба бэйэтин историятын тупсарына, бэйэтин көрүүлэригэр сөп түбэһиннэрэ сатыыр. Ону өйдүөхтээхпит. Холобур, биһиги билигин дьоммутун-сэргэбитин, ыччаттарбытын, Россияны ытыктыырга, таптыырга иитэргэ дьулуһабыт. Оттон кэлин сылларга, араас дойдулар учуобунньуктарыгар араас түмүктэр оҥоһуллаллар… Холобур, Украинаҕа майдааны история учууталлара оҥорбуттара, дииллэр. Кинилэр, туспа судаарыстыба буолаат, бэйэлэрин историяларын уларытан, наар Россияттан, Москваттан атаҕастаммыт-баттаммыт курдук суруйаннар, Россияны утарар бүтүн көлүөнэни иитэн таһаарбыттара. Ол дьонуҥ Бандераны “дьоруой” дииллэр…
Уопсайынан, дойдугун таптыырга, ытыктыырга иитэр-үөрэтэр учуобунньук суолтата олус улахан. Ол иһин, биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин, историяҕа биир түмүктэри таһаарар учуобунньуктары оҥоруохха, диэбитэ олоххо киириэхтээх. Онно араас боппуруостар бааллар. Холобур, Владимир Путин, биир учуобунньугу оҥоруохха, ол эрээри, манна идеологията олох аҕыйах буолуохтаах, диэбитэ.
Идеология
—Идеологията аҕыйах үөрэх кинигэтэ?..
—Мин эмиэ, историяҕа үөрэх кинигэтэ хайдах идеологията суох буолуой диибин. Аҥардас бу – биир өйгө-санааҕа аҕалар, түмэр учуобунньугу оҥоруу – улахан идеологияттан тахсар буоллаҕа! Идеология диэн тылы туттартан куттаныа суохтаахпыт.
Урут биир кэмҥэ, мусуойу көрөн баран, араас историческай событиеларга киһи бэйэтэ түмүк оҥорунан тахсыахтаах, биһиги бэлэм түмүгү биэриэ суохтаахпыт, диэн өйдөбүл баара. Ону утарабын. Дьэ, оттон бу академическай история сурулуннаҕына, онон сирдэтинэн үлэлиэхтээхпит турдаҕа.
Биһиги Аҕа баһылыкпыт Егор Борисов соторутааҕыта соҕус биир мунньахха олус уобарастаан этэн турар, холобур: Покровскай киинигэр мусуойга сылдьаҕын – онно Сэбиэскэй былаас үчүгэй этэ диэн көрдөрөллөр. Онтон аҕыйах хаамыыны баран, атын мусуойга тиийэҕин. Дьэ онно, Сэбиэскэй былаас сыыһалаах этэ диэн көрдөрөллөр, диэн… Онно Серго Орджоникидзе мусуойа баар. Онно Павел Ксенофонтовтаах өрө турууларын көрдөрөр мусуой баар. Онно, биллэн турар, Сэбиэскэй былааһы сөбүлээбэккэ өрө турбут курдук көрдөрүү тахсар… Маныаха Егор Афанасьевич үчүгэй баҕайытык санаатын эппитэ. Мин эмиэ оннук саныыбын. Ол эбэтэр, биһиги олус биир дойдулааҕымсыйыыга уонна идеализацияҕа охтоору гынныбыт. “Идеализация”, ол аата – сорох киһини, биир дойдулааҕы, олус, аһары арбааһын диэн. Баай буолла, атыыһыт буолла – аны билигин арбыыбыт. Мин санаабар, холобур, Кушнарев атыыһыты да, Боссоойкону да, Артемьевы да наһаа идеализациялыыр сыыһа. Кинилэр Сэбиэскэй былааһы утарбыт дьон. Холобур, Артемьев саа-саадах тутан утарылаһан, 1928 сыллаахха тутулуннаҕа дии. Сэбиэскэй былаастан иккитэ амнистияламмыта. Оттон Боссоойкону дьон сымнаҕас киһи этэ диирэ, ол да буоллар, эмиэ саа-саадах тутан, сэбиэскэйи утарсыбыт киһи. История итини барытын кырдьыктаахтык көрдөрүөхтээх, сыанабыл биэриэхтээх.
Ойуунускай сааһынан да аҕа
—Саха сиригэр автономияны туруорсууга Платон Ойуунускайга, Максим Аммосовка, Исидор Бараховка – бу олох эдэр, саҥардыы үөрэхтэнэн эрэр норуот уолаттарыгар, хайдах, хантан итинник хорсун, модун өй-санаа киирбитэй, ким сүбэлээн-амалаан? Билигин да санаатахха киһи сөҕөр ээ…
—Дьэ мин итини элбэхтик толкуйдуубун. Уонна, итиннэ Ойуунускай оруола улахан дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, Платон Ойуунускай Аммосовтан да, Бараховтан да, Степан Васильевтан да, сааһынан 4-5 сыл аҕа. Уонна кини үөрэҕин эрдэ бүтэрэн, 1916 сыллаахха Томскайга тиийэр. Манна кини, “областниктар” Сибиири арааран туспа бараары, автономия курдук тэринээри гынар кэмнэригэр, Потанин үөрэҕэр игин сылдьыбыт, буспут-хаппыт киһи. Томскайга үөрэнэ сылдьан Аммосовка үгүстүк сурук суруйар эбит. Ол барыта кинигэ буолан тахсан турар. Ол суруктарыгар, манна автономия боппуруоһа турар диэн суруйар. Уонна саха интеллигенцията, Гаврил Ксенофонтовтаах эмиэ ити боппуруоһу билэллэр, туруораллар. Кинилэр “култуурунай автономия” диэн туруорсаллар. Оттон бассабыык баартыйатын политиката – “О самоопределении, о праве наций на самоопределение” диэн. Ол аата, Российскай империяҕа олорбут ханнык баҕар омук бэйэтэ туспа барыан эмиэ сөп, ол гынан баран, холбоһоругар, өрөспүүбүлүкэ дьоно бэйэтэ баҕа өттүнэн холбоһобут диэн этиэхтээх дэниллэр. Ону, Сэбиэскэй Сойуус тэриллэн киирэн барбытыгар, биһиги дьоммут бассабыык баартыйатыгар киирбиттэрин төрүөтүнэн – биһиги батталтан тахсаммыт, бэйэбит туспа судаарыстыбалаах, өрөспүүбүлүкэлээх буолуохтаахпыт диэн өйгө-санааҕа киириилэрэ буолар.
Мөккүөр да ханна барыай… Холобур, Степан Васильев автономнай уобалас буоллахпытына Россияттан көмө үгүөрү буолуо диир, оттон Ойуунускайдаах Аммосов өрөспүүбүлүкэ буолары туруорсаллар. Өйдөтүү үлэни ыыталлар, онон, маннааҕы хомуньуустар бэйэлэрин пленумнарыгар, өрөспүүбүлүкэ буолабыт диэн ылыналлар. Ону барытын докумуоннаан Москваҕа ыыталлар. Онно Аржаков баар, ону өссө көрдөһөннөр, кинини Национальностар дьыалаларын наркоматыгар үлэҕэ киллэттэрэллэр. Инньэ гынан, күүстээх үлэни ыытаннар, биир бастакынан автономнай өрөспүүбүлүкэ буолабыт.
Онон, мин санаабар, судаарыстыбаннаһы тэрийии ханнык баҕарар нацияҕа – бу улахан кыайыы, оттон саха норуотун ХХ үйэҕэ саамай муҥутуур ситиһиитэ!
Автономиябыт 100 сылыгар Владимир Путин Уурааҕа тахсыбыта. Ил Дархаммыт Егор Борисов үлэни күүскэ ыытар. Холобур, Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын мусуойун тутуу быһаарылынна. Дьокуускайга, тыһыынча кэриҥэ квадратнай миэтэрэ иэннээх “Антеннай хонуу” диэн сиргэ фундамена түстэ. Биһиги 3 оробуочай концепцияны суруйан бэлэмнээтибит.
Сэллиги эмтээбиттэрэ
—Эн санааҕар, автономия бастакы ситиһиилэрэ туохханый?
— Туох-ханнык иннинэ, гражданскай сэрии тохтуур, Саха сирин норуоттара сомоҕолоһоллор. Итиэннэ, бастатан туран, биһигини, хотугу ыраах олорор омуктары, сэллик, трахома курдук ыарыылартан өлө сыспыппытын, нуучча быраастара кэлэн быыһаабыттара. Иккиһинэн, саха омук үөрэхтэнэр. Үсүһүнэн, постпредство тэриллэн, Москваҕа каадырдарбытын бэлэмниир буолабыт. Экэниэмикэҕэ – “Алданзолото” тэриллэр. Наукалар академиялара, промышленноһа, суола-ииһэ сайдыахтаах Саха сирин үөрэтиини саҕалыыллар…
—Оттон билигин…
—Биһиги билигин төрүт олохтоох омук буолабыт. Улуу Россия биэс гыммыт бииригэр, үгэстэрбитин тутуһан, бултаан-алтаан, сүөһү ииттэн, куораттарбытын сайыннаран, ыччаттарбытын үөрэхтээн, бу үлүгэр киэҥ, ыраах, тымныы сири баһылаан, тутан, чэчирии сайыннаран, олохсуйан олоробут. Россия биһиэхэ махтаныах кэриҥнээх! Биһиги – сис омук, судаарыстыбаннай омукпут!
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Андрей Сорокин (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.
Е.С.Шишигин араас түгэннэргэ этиилэриттэн бэлиэтээһиннэр:
“Олус элбэх тэрээһиннээхпит. Үбүлүөй үөһэ үбүлүөй, куонкурус да бэстибээл, кэнсиэр да кэмпириэнсийэ, аны кырата норуоттар икки ардыларынааҕы… Саха биир бырааһынньыктаах буолуохтаах – Ыһыах!”.
“Олоҥхобутун баччааҥҥа диэри үчүгэйдик билбэппит. Ньургун Боотуру Туйаарыма Куолуун холбуур ыччаттар бааллар. Оттон Ньургун Боотур уонна Туйаарыма Куо бииргэ төрөөбүт убай-балыс буолалларын ааһан, игирэлэр ээ, ону билээччи аҕыйах…”.
“ Олоҥхо ыһыахтарыгар Аал Луук Маһы тутууга уончалыы мөлүйүөн солкуобайы “кутар” диэн – санааҕа баппат! Чөркөөх мусуойугар Аал Луук Маһы Суорун Омоллоон тиит мастан оҥотторбута. Олус улахан уонна үрдүк да буолбатар, үчүгэй”.
“Пепеляевы кэлин сорохтор “норуот дьанараала”, хоһоон, динэбиньиик суруйара дииллэр… Өссө манна ыһыах тэрийбит киһи, игин диир дьон баар буолтар. Мин ону утарабын. Историк быһыытынан эттэхпинэ, “быт да саҕа” үтүөнү сахаҕа оҥорботох киһи! Төттөрүтүн, киниттэн сылтаан бастыҥ, үөрэхтээх ыччат дьон суорума суолланнахтара… Онон, өрө тутар табыллыбат дии саныыбын”.
“Оттон Строд “тупсуу”, амнистиялааһын кэнниттэн киэҥ көҕүстээҕин көрдөрбүтэ… Сахалар сөбүлүүр киһилэрэ”.
“Политсыылынайдары тоҕо өрө тутуохха сөбүй?! Бу – баттыгастаах былааһы утары барбыт дьон буоллахтара! Оччотугар, сорох эдэр киһи, былааһы утары барыахха сөп эбит диэн сыыһа санааҕа кэлиэ суоҕа дуо? Сэрэхтээх ээ… Ол гынан баран, политсыылынайдар саха норуотугар оҥорбут үтүөлэрэ үгүс”.
“Сорохтор Емельян Ярославскайы, репрессия саҕана үөрэнээччилэрин көмүскэспэтэх дэһэллэр. Ити билбэттэриттэн тахсар. Кини партия Киин кэмитиэтин мунньаҕар Ойуунускайы, Омуоһабы, Бараахабы көмүскэһэн, үстэ төхтүрүйэн тыл эппитэ биллэр…”.
Сэмсэ тыл
Гаврил Адамов, СӨ Үөрэҕи сайыннарар институтун үлэһитэ, историк, суруйааччы:
—Егор Спиридонович хомуньууһум да, билиҥҥи демократическай идиэйэлэргэ да, хайаларын да диэки аһары охтубатах киһи. Кинини Сахабыт сирин, норуотун историческай сайдыытын төһө кыалларынан сөптөөхтүк, объективнайдык көрөргө дьулуһар историк-учуонай быһыытынан билинэбин уонна сыаналыыбын.