Сиргэ түспүт сэрэбиэй (дьиҥнээх олоххо буолбукка олоҕуран)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дойдууна саҥа кэпсээнин ааҕыҥ:

Самаан сайын үгэннээн турар кэмэ. Кэрии тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйар. Суол икки өттүнэн хатыҥ мастар күөх сэбирдэхтэринэн көөчүктэнэ тураллар. Халлаан ып-ыраас, күп-күөх. Маннык үтүө күҥҥэ ким дьиэҕэ хаайтаран олоруон баҕарыай?! Эбэтэр ол хаһан эмит охсуллан ааһар таһаҕас массыынатын кэтэһэн күнү-дьылы барыай?

Ол да иһин буолуо, уолаттар аҕыс көстөөх сиргэ сатыы анньынан кэбиспиттэрэ. Суолларын аҥаарын бардылар. Үс сылы быһа аармыйаҕа сулууспалаан, Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлөөн баран, дьэ, бу дембеллэнэн иһэллэр.

Арыый намыһах уҥуохтааҕа Роман Кривошапкин, били этэллэрин курдук, дойдулаах суор. Кини аҥардас ийэ оҕото, алта бииргэ төрөөбүттэр. Ийэлэрэ Марыына сааһын тухары хотон үлэтигэр миккиллибит ыанньыксыт бастыҥа. Рома (дьиэҕэ ааттыылларынан Арамааскы) кыра эрдэҕиттэн ийэтигэр көмөлөһөн, үлэҕэ эриллэн улааппыта. Улахан уол буолан от-мас үлэтэ киниэхэ сүктэриллибитэ. Аармыйаҕа сылдьар кэмигэр сорох түүннэргэ, ийэтин аһынан аанньа утуйбакка, эрэйи көрөрө.

Иккис уол бааһынайдыы көрүҥнээх, үрдүк дьылыгыр уҥуохтаах, Олег Русланов. Геолог төрөппүттэрэ иккиэн оһолго түбэһэн суорума суолламмыттара. Биэстээх уолчаан тулаайах хаалан, оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ. Уон аҕыһын туолаат, аармыйаҕа ыҥырыллан барбыта.

Бу Ромалыын танковай чааска бииргэ сулууспалаан, биир өлүүгэ өлөн, сүрдээҕин доҕордуу буолбуттара. Аармыйа кэнниттэн, туох да мөккүөрэ суох, Роматын кытта кини дойдутугар барсарын туһунан эппитэ.

Дьэ, ол тылы толорон, бу Арамааскы дойдутугар сатыы айаннаан иһэллэр. Куйааска сатыы хаамар саллаат таҥастаах киһиэхэ ыарахана биллэр да, уолаттар ону баардыылаабаттар: тэтимнээх соҕустук хааман куһурҕатан иһэллэр.

Рома биир бүччүм санаалаах: кини доҕорун Олегы кытта бэйэтин балтын Галяны билиһиннэрэн, табылыннаҕына, кинини күтүөт оҥостуон баҕарар. Сороҕор ол санаатыттан бэйэтэ да сонньуйар.

Арай балта Олегы сөбүлээбэтин, бэйэтэ таптыыр уоллаах буоллун? Эбэтэр Олег атын кыыһы сөбүлээн кэбистин? Дьэ, кырдьык, олоххо араас буолуон сөп. Ол эрэн хайаабытын да иһин, доҕоро Олег аттыгар баар буолуо, биир бөһүөлэккэ.

Киэһэлик, күн арҕалаан эрдэҕинэ, дембеллэрбит тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн кэллилэр. Арамааскы ийэтэ Марыына кырдьаахтаабыт: онон-манан маҥан баттахтар кылабачыһаллар. Балта Галя, бырааттара улааппыттар, сүүнэ дьон буолбуттар. Галя оскуоланы бүтэрэн, комсомол путевкатынан сопхуоска дайааркалыы хаалбыт, биэс эрэ оҕону үөрэххэ барарга мэктиэлээбиттэр. Галя хойуу уһун суһуохтаах, кыыс оҕо кылааннааҕа буола улааппыт эбит. Кини Олегы көрөн баран, кыбыстан икки иҥэ тэтэрэ түспүтүн убайа Арамааскы бэлиэтии көрө оҕуста.

II чааһа

Арамааскы балта Галя, Олегы көрөөт да таптаан, туспа эрэйгэ тэбиллибитэ. Уол кинини көннөрү балтын курдук ылыммыта, сүрэҕин атын кыыска биэрбитэ, буолаары буолан, Галя саамай чугас дьүөгэтигэр Ираҕа. Ира, кырдьыга даҕаны, киһи халты көрөн кэбиспэт, кэрэ бэйэлээх кыыс этэ. Онуоха эбии комсомольскай сэкирэтээр, куруук үлэ, олох үөһүгэр сылдьар актыбыыска ааттааҕа.

Кини Олегы тута сөрөөн ыччат ортотугар сыһыарбыта, спортивнай секторга эппиэттээҕинэн анаабыта.

Иралаах Олег куруук бииргэ сылдьар буолбуттара. Сотору кэминэн эдэр дьон икки ардыларыгар  таптал уота күөдьүйбүтэ. Күһүнүгэр кулууп дьиэтигэр комсомольскай сыбаайба буолбута.

Галя сөбүлүүр уолугар Олегка бастыҥ дьүөгэтэ кэргэн тахсыбытыттан улаханнык ороһуйбатаҕа. Дьылҕа хаан бэйэтин ыйааҕын, сиргэ түспүт сэрэбиэйин курдук ылыммыта. Бастаан утаа ытыы-соҥуу, эрэйдэнэ сылдьыбытын кэлин санаатаҕына, сонньуйар эрэ.  Кини икки сыл сопхуоһугар үлэлээн баран, Москуба куоракка технолог  идэтигэр үөрэнэ барбыта. Онно Узбекистантан сылдьар Азир диэн дьикти ааттаах уоллуун доҕордоһон, кэргэн тахсыбыта уонна уол дойдутугар олохсуйбуттара.

Арамааскы Дьокуускай куоракка автошколаҕа үөрэнэн суоппар идэтин ылбыта уонна дойдутугар тахсан ЗИЛ массыына уруулун туппута. Сындалҕаннаах уһун айаннарга сылдьан, араас көрүдьүөс да, мүччүргэннээх да түбэлтэлэргэ киирэн тахсара. Арай биирдэ улахан суолунан айаннаан иһэн, газик тохтоон турарыгар түбэспитэ. Суол суруллубатах сокуонун тутуһан, биир идэлээҕэр көмөлөһөн, алдьаммыт массыынаны чугастааҕы дэриэбинэҕэ соһон киллэрбитэ.

Ол Владик диэн уол этэ. Бачча түүн айаннаан, биһиэхэ хонон баран, сарсыарда айанныырыҥ ордук буолуо”, — диэбитэ.

Рома сөбүлэһэн хонор буолбута. Катя, Владик балтын Оксананы олус диэн сөбүлүү көрбүтэ. Сарсыныгар кыыс киниэхэ олорсон Бэстээхтиир буолбута. Ол айаннаан иһэн, уоллаах кыыс кэпсэппиттэрэ. Хаһааҥҥыттан эмэ билсэр дьон курдук буолан хаалбыттара.

Сыл курдук кэмҥэ таптал суруктара холууп курдук туналыһа көппүттэрэ. Икки таптаһар сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр тардыһар күүстэрэ баһыйан эдэр дьон олохторун холбообуттара.

Ити кэмтэн ыла үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааста. Мин кэпсээбит дьонум оҕолонон-урууланан, үлэни үрдүк таҥара оҥостон, дьоһун олоҕу олорон кэллилэр. Эдэр саастарын ыраас таптала, сааһыран истэхтэрин аайы, умуллубакка, өссө күүһүрэн, баай ис хоһооннонон иһэрэ ыччат дьоҥҥо үтүө холобурунан буолар.

Дойдууна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0