Билиҥҥи кэмҥэ дьахталлар өр кэмҥэ кэрэ сэбэрэлэрин сүтэрбэккэ сылдьалларыгар араас ньыма барыта баар. Бастатан туран, пластическай эпэрээссийэ көмөтүнэн сирэй тириитин тартаран биэрэллэр. Иккиһинэн, ультразвук, микроток, гиалуроновай кислота, о.д.а. көмөтүнэн аппараатынан эмтээһини туһаналлар. Бу олус көмөлөөх ньыма, дьахтар биллэ-көстө эдэригэр түһэр. Ол эрээри, манна элбэх харчы баранар.
Үсүһүнэн, дьиэҕэ олорон, элбэх харчыны бараабакка эрэ, бэйэҥ эрчиллиилэри оҥорон, фейслифтинг (сирэй гимнастикатын), массаас, араас мааска көмөтүнэн кырдьыыны кытары утары охсуһуохха сөп.
Кэнники кэмҥэ Россияҕа фитнес-тренер Галина Дубинина бэйэтэ айбыт методиката биһирэнэр – манна кини туочуканан массааһы, йоганы, тыыныы гимнастикатын холбуу киллэрбитэ.
Сирэй былчыҥнартан турар, оттон ханнык баҕарар былчыҥы эрчийиэххэ сөп. Хаан эргиирэ түргэтиир, былчыҥ нукаай курдук буолбута сүтэн, эрчимирэн, кытаатан кэлэр. Араас маасканы, массааһы холбоотоххо, сирэй тириитэ эмиэ тупсар, тардыллар.
Саамай сүрүн ирдэбил – эрчиллиилэри күн аайы умнубакка оҥоруохха наада. Сарсыарда уонна киэһэ 15-20 мүнүүтэ сиэркилэ иннигэр туран оҥордоххо, сөп буолар. Макияһы суунан баран, сымнатар кириэминэн, эбэтэр арыынан соттор ордук. Бастаан анал туочукалары баттаан, эбэтэр илиинэн имэрийэн, массаас оҥороҕун. Наһаа күүскэ баттаабакка, тириини тардыбакка, сэрэнэн имэрийэҕин. Хамсаныыҥ барыта сирэй ортотуттан кытыытын диэки барыахтаах.
1. Сүүс мырчыстаҕаһын көннөрүү. Илиигин бастакы хаартыскаҕа көстөрүн курдук тутан баран, хаастаргын түрдэһиннэрэн, күүрбүт былчыҥы бигиигин. Сынньатаҕын, онтон хаста да хатылыыгын.
2. Салгыы сүүс ортотуттан саҕалаан, икки кытыытыгар диэри имэрийэҕин. Уостаргын ньимиччи туттан баран, мичээрдиигин. Уоскун төһө кыалларынан чорботоҕун, онтон омуркун салгынынан толорон баран, күүрдэҕин.
3. Сирэй аллара өттүн күүрдэн баран, хараххын үөһэнэн туора-маары көрөн, былчыҥнары үлэлэтэҕин.
4. Айаххын “оо” диэбит курдук туттан күүрдэҕин, тарбахтаргынан иэдэс былчыҥын булан, баттыалыыгын.
5. Хаартыскаҕа көстөрүн курдук туттан, муннугун үөһэ анньаҕын.
6. Моонньуҥ былчыҥнарын күүрдэҕин. Сынньатаҕын, онтон эмиэ хаста да күүрдэҕин.
7. Үөһэ уоскун үөһэ таһаара сатыыгын, илиигинэн ону баттыыгын.
8. Айаххын “оо” диэбит курдук туттан баран, күүрдэҕин. Илиигинэн бигээн, төһө күүрбүтүн хонтуруоллуохха сөп.
9. Уоскун айах иһигэр оборон, былчыҥнары күүрдэҕин.
10. Сэҥийэ, моой былчыҥнарын күүрдэн, тылы муннуга тиэрдэ сатыыгын, уҥа-хаҥас хайыһаҕын.
Бу курдук сүрэҕэлдьээбэккэ күн аайы оҥорон, битэмииннээх маасканы, туочуканан массааһы, сөпкө тыыныыны дьүөрэлээтэххэ, эдэр буолуу кистэлэҥнэрин баһылыаххыт.
Шиатсу кистэлэҥнэрэ
Туочуканан массаастааһыны шиатсу диэн ааттыыллар. Илиҥҥи медицинаҕа эниэргийэ сүүрүгүрэр меридианнардаах, эниэргийэ мустар анал сирдэрдээх диэн өйдөбүллэр бааллар. 1919 сыллаахха дьоппуон бырааһа Токудзиро Намикос шиатсу туһунан кинигэни бэчээттэппитэ, алта сыл буолан баран, анал клиниканы арыйбыта. Мэрилин Монро бу ньыманан бэркэ сөбүлээн эмтэммитэ биллэр. Ол кэнниттэн Америкаҕа “бум” буолбута.
Бу ньыма уратыта – туочукалары имэрийбэккэ, баттааһын эрэ. Шиатсу көмөтүнэн араас ыарыылары да эмтиэххэ сөп. Организм ис күүһүн уһугуннаран, бэйэтэ ыарыыны суох гынарыгар көмөлөһүү буолар. Киһи бэйэтин илиитэ бэйэтигэр ордук тиийимтиэ эниэргийэлээх.
Сирэй масааһа төбө, харах ыарыыларын, утуйбат буолууну, тумууну, о.д.а эмтиир кыахтаах. Ону тэҥэ мырчыстаҕастары утары охсуһарга, сирэй былчыҥын күүһүрдэргэ эмиэ туһаналлар. Коллаген уонна эластин түргэнник оҥоһуллар буолар эбит.
Бэлэмнэнии
Сирэй тириитин арыынан, эбэтэр кириэминэн сотон баран, ханна да ыксаабакка уоскуйан, сытан эрэ оҥоһуллар. Маннык массаас сирэй былчыҥын олус сынньатар.
Туочукалары наһаа күүскэ баттаамаҥ. Ыалдьар буоллаҕына, күүскэ баттыыр наадата суох. Ыалдьар – ол аата бу туочукаҕа кэһиллии тахсыбыт, ону ыалдьыбат буолуор диэри сэрэнэн баттыахха наада. 4-7 сөкүүндэ устата баттыахха сөп. Күҥҥэ биирдэ 10-15 мүнүүтэ устата массаастаныахха наада.
Ойууга көстөр туочукалары, сүүстэн саҕалаан, баттаталаан 7 сөкүүндэ устата тутабыт. Онтон тарбахтары сыҕарытан, түөртэ баттаан, чанчыктарга тиийэбит. Үс туочука тэҥҥэ ойууламмыт буоллаҕына, үс тарбаҕынан сэргэ баттыыбыт. Бастаан харахтан саҕалаан, ити ойууга көстөрүн курдук туочукалары баттаталаан иһэбит. Бүтэһигэр кулгаах тула баар туочукалары баттаталаан, кулгааҕы имитэн да ылыахха сөп. Салгыы мурун, айах, сэҥийэ тула туочукалары баттыыбыт.
Бүтэн баран, ытыһы ытыска аалан, ититэн баран, харахтары саба туттахха, күнү быһа сылайбыт харахтары эмиэ олус сынньатар, көрөрүҥ тупсар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru.