Сирдьит сулустаах эдэр ырыаһыт — Рудольф Елизаров

08.06.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Рудольф Елизаров архыыбыттан.

Дьону кытта кэпсэтии, алтыһыы, бодороһуу саҥа билиилэри, сүргэ көтөҕүллүүтүн, олоххо тардыһыыны, доҕордоһууну түстүүр. Ол курдук, көрөн билэр эрээри, билсибэт киһибин Рудольф Елизаровы кытта кэпсэтэн матырыйаал суруйбутум. Ол ыстатыйа Томпо улууһун хаһыатыгар, саайтыгар тахсыбыта.  Онно кини биллэр-көстөр ийэтин кытта ураты сыһыаннарын, ситимнэрин туһунан кэпсэтии буолбута. Рудольф — Саха сирин үгүс дьонун сүрүн-кутун туппут ырыаһыт Ирина Елизарова уола. 

Онтон ыла Рудольфы көрдөхпүнэ үөрэбин, санаам көнньүөрэр, ситиһиилэриттэн истиҥник үөрэбин. Олунньуттан ыла үтүмэн элбэх тэрээһиҥҥэ кытынна. Онон сонунна кэпсээ диэтэххэ, хантан, туохтан саҕалыыбын диир киһи буолан биэрдэ.

Рдуольф — 22 саастаах. Ылдьыын таҥаратын күнүгэр төрөөбүт. Дьоно Иринаҕа уолгун Илья диэн ааттаа диэбиттэр. Ол эрээри, кини Рудольф Нуреев диэн сөбүлүүр үҥкүүһүтүн, артыыһын аатын биэрбит. Саһыл орто оскуолатын 9 кылааһынан бүтэрбит. Арктикатааҕы агротехнологическай университет 2 кууруһугар үөрэнэр. Бастакы үөрэҕэ — Саха промышленнай техникума. Саха сирин улуустарын ыччатын хабар «ZEMA» түмсүү актыбыыһа буолар. «Устудьуон олоҕум умнуллубаттыы ааһарын туһугар онно-манна көхтөөхтүк кыттарга дьулуһабын», — диэн этэр ыалдьытым.

Рудик оҕо сааһа Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгэр ааспыт. Эһэтэ Николай Гаврильевич Елизаров олоҕор сүҥкэн оруоллаах эбит. Тоҕус сааһыгар диэри ийэтэ эһэтин көмөтүнэн ииппит-такайбыт. «Аҕабын солбуйбут киһи буолар. Саамай чугас киһим этэ. Бииргэ оттуур, бултуур этибит. Чээлэй күөх саймаархай сайынын наһаа да үчүгэй буолара. Сэттэ сааспар от охсорго үөрэппитэ, миэхэ анаан оҥоһуллубут кыра кыраабыллаах этим. Күндү киһим 2016 сыллаахха ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Бүтэһигин чөл эрдэҕинэ, көрсүбэтэхпиттэн, атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэхпиттэн олус кэмсинэбин, билигин кинини олус суохтуубун», — диэн уол кэпсиир. Онтон убайа Николай Елизаров бэйэтин кынатын анныгар ылбыт. Билигин — биэс оҕо аҕата.

Ийэм — суолдьут сулуһум

— Ийэм — ханнык баҕарар хараҥа күҥҥэ суолбун тэлэр, сирдиир сырдык сулус. Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үс сааһыгар Винокуровтар диэн ыалтан иитэ ылбыттар. 1996 сыллаахтан 2010 сылга диэри эстрада эйгэтиттэн сүтэ сылдьыбыт эбит. Мин 2000 сыллаах төрүөх буоллахпына, ийэм бэйэтин кэмигэр дьон-сэргэ тапталын ылбыт ырыаһыт буоларын билбэт, сэрэйбэт да этим. Онтон 35 сааһыгар кинини таптыыр, куруук күүтэр сэргээччилэрин, истээччилэрин туһугар төннүбүтэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Сэҥээрээччилэрин олус күндүтүк саныыра, кинилэр тустарыгар айара-тутара.

Ийэм олус уйан, чараас дууһалаах киһи этэ. Санньыар санааҕа ылларааччы. Онтон хайдах быыһанар этэй? Айылҕаҕа тахсан ырыа суруйдаҕына, уоскуйара, дуоһуйара. Хоһоон эмиэ суруйара.

Икки түгэни өйдөөн кэллим. Хаандыгаҕа олорор эрдэхпитинэ, ийэм гостуруоллуу бараары, бакаалаһаары миигин кууспут, сыллаабыт, ону мин тэлэбиисэр пультунан төбөҕө охсубуппун. Ол баран иһэн массыыналара саахалламмыт этэ. «Оҕом таайбыт курдук эбит» дии санаабыт үһү. Билигин ону дьиктиргии саныыбын. Өссө биирдэ ийэм дьиэ иһигэр миигин сүтэрбиттин кэпсээбитэ, өр көрдөөбүт. Ону уота да суох бааннаҕа үрдүбэр бороһуогу кутта-кутта сууна олорор үһүбүн… Ийэм ханна эрэ барарыгар куруук батыһыннара сылдьааччы.

Аҕам туһунан кэпсиир буоллахха… Кини эмиэ Уус Тааттаттан төрүттээх. Ийэм бүтэһик кэнсиэригэр көрсүбүтүм. Биир кыыс оҕолоох, ол аата мин бииргэ төрөөбүт балтылаахпын.

Сыалым — дьэҥкэ, көхсүм — киэҥ

Уолу ырыа эйгэтигэр ийэтэ сабыдыаллаатаҕа дии. «Ол эрээри, гитараҕа бэйэм 2017 сыллаахха үөрэммитим. Ийэм барахсан үөрэтэ сатыыра. Тугу эрэ тургэн баҕайытык көрдөрөрүн өйдөөбөт этим, бытааннык көрдөрүүй диирим. Ырыаҕа оҕо эрдэхпиттэн тардыһыылаах буоламмын, сыыйа-баайа бэйэм ырыа суруйар буолбутум», — диир Рудольф.

— Актыбыыс буолбатах этим. Былырыын ийэм суох буолбутун кэннэ, олус тулаайахсыйан, саас санааҕа ылларбытым. Салгыы хайыырбын, олоҕум суолун устун аны соҕотох хаамарбын – барытын санаабытым. АГАТУ-га академическай уоппуска кэнниттэн барыта уларыйбыта. Сайын Воронеж, Москуба куораттарга баран сынньаммытым, сэргэхсийбитим. Үтүөҕэ, сырдыкка, ырааска тардыһар күүһүм улааппыта, олоххо көрүүм уларыйбыта.

Доҕотторум өйөбүллэринэн күн ахсын үөрүүлэрбитин, ыарахаттарбытын тэҥҥэ үллэстэ, эҥэрдэһэ, эдэр сааспытын атаара сылдьабыт.

Былырыын KitJah «Хайҕаа» ырыатыгар кавер устууга куонкурус биллэрбитэ. Куоластааһыҥҥа кыайбыкка свитшот бэлэх уунуом, оттон иккис миэстэлээҕи кытта сыанаҕа ыллыам диэбитэ. Кыайаммын, «пахай, ыллаабаппын дуо ама» дии санаабытым. Онтон иккиэммитин тэҥҥэ ыллаһарга ыҥырбытыгар үөрүүм муҥура суох этэ. KitJah, Jeedda, Инвент, Понсаш, Амыычча курдук ырыаһыттар айар үлэлэрин, толорууларын сэргиибин.

Саамай чугас доҕорбунуун, Дьулус Колодезниковтыын суруйбут ырыабыт «Вконтакте» саайтка тахсыбыта. Онно мин ааппын суруйдаххытына, судургутук булан истиэххит. Мин үөрэхтэнэн, үлэһит бастыҥа, киэҥ эйгэҕэ билиниини ылбыт ааттаах-суоллаах ырыаһыт буолуохпун баҕарабын, ол туһугар үлэлиибин-хамныыбын.

2023 сыл аанын эрэллээхтик

«Туох сонун?» диэбиккэ дылы… Рудольф саҥа буруолуу сылдьар кыайыыларын-хотууларын, арыйыыларын туһунан кэпсиэххэ. «Биһиги көрсүһүүбүт  кэннэ, кырдьык, элбэх тэрээһиҥҥэ кытынным.  «Zema» түмсүүбүтүнэн «Айыы Куо» тэрээһиҥҥэ, онтон да атын былаһааккаларга доҕорбун Дьулуһу кытта «Jasmine» диэн бэйэбит суруйбут ырыабытын толорбуппут.  «Саха» НКИХ «УОННА» биэриитэ кулун тутар 31 күнэ мин ийэбэр анаммыта. Онно доҕотторо, сүгүрүйээччилэрэ кэлбиттэриттэн, ылбаҕай ырыа толорбуттарыттан олус үөрбүтүм. Ийэм доҕоро Николай Донской кэнсиэригэр кыттыбытым, «Сулустары» ыллаабыппын дьон-сэргэ сэҥээрбит этэ, тарҕаммыта аҕай. «UMNULLUBAT LIVE» кэнсиэригэр, уруу киэһэтигэр, Оҕо көмүскэлин күнүгэр «Прометей» микро-оройуоҥҥа уоттаах уонна муусукалаах фонтан аһыллыытыгар кыттыбытым.

Ааптар санаата

Рудольфы кытта алтыһан, атах тэпсэн олорон кэпсэтэн, бу уол олус сэмэй майгылааҕын, үтүө, холку санаалааҕын таба көрбүтүм. Киһи үөрэрэ — кини доҕоттордоох. Ол аата, кини икки өттүнэн дабыдаллаах, үрдүккэ көтөр кынаттаах. Николай Босиков этэн турардаах: «Дьиҥнээх доҕору, кэбиһиилээх окко түспүт сулумах иннэни көрдүүр курдук, көрдөөн булуохха сөп. Оччоҕо эрэ кинини олоҕуҥ устата сүтэриэҥ суоҕа. Түбэһиэхчэ киһи доҕор, табаарыс буолбат». Биири бэлиэтээбитим — дьоруойбар дьон тардыһар. Ол эмиэ эриэккэс көстүү. Сырдык дьон диэн баар буолар эбит быһыылаах. Кинилэр, холобур, кыыһыра, тымта, этиһэ сылдьар дьону аҥаардас дьиэҕэ киирэн кэллэхтэринэ уоскутар дьоҕурдаахтар. Тула өттүлэрэ сырдыгынан сыдьаайар.

Рудольф ыччакка туһаайан этэр: «Ийэҕитин таптааҥ, харыстааҥ, чугас буолуҥ, элбэхтэ кэпсэтиҥ. Мин ийэбиттэн ыйыппакка хаалбытым олус элбэх, онтон хомойон, кэмсинэн ылааччыбын. Ийэм майгытынан наһаа да элэккэй, холку, туох да кэтэх санаата суох, киэҥ көҕүүстээх киһи этэ. Куһаҕан дьаллыгы батыһымаҥ, түүннэри хаамсымаҥ. Туһалаахха тардыһыҥ, сыалла-сорукта туруорунуҥ!»

+1
39
+1
0
+1
12
+1
0
+1
0
+1
2
+1
3