Наталья Михалёваны-Сайаны мин урут истиҥ иэйиилээх хоһооннордоох бэйиэт, дьоҥҥо сөбүлэтэр биэриилэрдээх ыытааччы диэн билэр эбит буоллахпына, билигин кинини дириҥник хорутан суруйар прозаик быһыытынан арыйар дьоллоннум.
«Уйгур» сэһэнинэн Сайа ааспыт алдьархайдаах сэрии хаһан да оспот бааһын хаанынан оҕуолатта! Сэрии сиэртибэтинэн ол уот будулҕан ортотунан сылдьан дьоруойдуу охтубут, тыылга үлэ саамай ыарын билэн, туос аччык буолууттан, хоргуйууттан өлбүт хаарыаннаах дьоммут эрэ буолбатахтарын чахчы даҕаны киһини итэҕэтэр, долгутар, сороҕор ытатар да гына суруйбут!
Сэһэн сүрүн дьоруойа Уйгур Уйбаан, күөгэйэр күнүгэр сылдьар, кыыс кырасыабай дьүһүннээх, илии-атах оонньуутугар кимиэхэ да иннин биэрбэтэх, аны айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт, тойуксут, оһуохайдьыт эдэркээн киһи.
Кини олоҕор көрсүбүт улахан тапталыттан Иэйэттэн сылтаан, Ийэ дойду көмүскэлиттэн күрээн тыаҕа дугуйданан сылдьыбыт дэһэртиир.
Тапталлааҕа Иэйэ – сып сырдыгынан сандаарыччы көрбүт, уус киһи чочуйан оҥорбутун курдук быһыылаах-таһаалаах, уолан дьон сүрэҕин уйгуурдар кэрэ көрүҥнээх кыыс. Кини оҕотуттан сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, элэстэммит бэйэлээх, хомсомуолка, актыбыыска. Иэйэ уонна Уйгур оҕо саастарыттан доҕордоһон, сороҕор бэйэ-бэйэлэрин тургутуһан, кэлин бэркэ таптаһан, сэрии аҕай иннинэ ыал буолаллар. Уйбаан сэриигэ бэбиэскэ тутар кэмигэр Иэйэ сүрэҕин аннынан кыракый киһи үөскээн, эдэр дьон сэмээр долгуйа күүтэллэр. Баҕар, ол да иһин буолуо, оҕо күүтэр эдэркээн кыыс таптыыр киһитин сэриигэ ыытыан баҕарбат. Кини санаатыгар тапталлаах кэргэнэ өлүү айаҕар илэ бэйэтинэн киирэн эрэр курдук! Кыыс төбөтүгэр араас санаалар кииртэлииллэр. Бүтэһигэр Иэйэ хайдах эмит Уйбаанын сэрииттэн, өлүү айаҕыттан быыһыыр былааны оҥостор. Эрдэттэн барытын толкуйдаан, киһитин сэриигэ барааччылары өрүһү туоратар кэмнэригэр ойуурга түһэн хааларыгар сүбэлиир. Бэйэтэ аттаах тыа быыһыгар күүтэр.
Уйгур Уйбаан тугу оҥостон эрэрин толору өйдүүр эрээри, Иэйэҕэ күүстээх таптала, төрүөхтээх оҕотугар тардыһыыта кыайар. Кини буруйа – өй уонна сүрэх мөккүөрүгэр сүрэх диэки буолуута.
Сүрэҕэ тугу этэрин истэн Уйбаан олоҕор хаһан да көннөрүллүбэт улахан алҕаһы оҥорон, таҥнарыахсыт буолар, дьонтон туора көрүллэр, сааһын тухары ол буруйа киниэхэ хара мэҥ ыарык-баттык буолар.
Таптыыр дьахтара эмиэ, дэһэртиир ойоҕо аатыран, элбэх эрэйи, үтүргэни көрсөр, оҕотун сүтэрэр, үлэ ыараханыгар умса анньыллар. Дьону салайар дьоҕурдаах, үчүгэй тыллаах-өстөөх дьахтар боростуой хара үлэҕэ эрэ миккиллэр, инникитин сарбынар.
Уйгур хараҥа буруйун боруостаан, хаарыаннаах эдэр сааһын хаайыыга атаарар. Ол сэрии кэннинээҕи тыйыс, тииммэт-түгэммэт, чычырбас кэмнэргэ Ийэ дойдутун таҥнарбыт дэһэртииргэ сыһыан хайдаҕын, дьон өтөрү-батары саҥатын тулуйар төһөлөөх ыараханын ааптар итэҕэтиилээхтик ойуулуур.
Мин биир бэйэм Уйгур Уйбааны абааһы көрбөтүм, мин кинини аһынным! Тоҕо? Итиччэ кыахтаах, талааннаах киһи тыыннаах өлүк курдук буолан үйэтин моҥообутуттан. Муҥ саатар таптыыр уонна таптатар Иэйэтин кытта, төһө да ыарахаттары көрсүбүттэрин иһин, бииргэ буолбуттара буоллар…
Сэрии холоруга ытыйбатаҕа буоллар, бу икки таптаһар сүрэхтэр бииргэ тэбэн, оҕолонон-урууланан, ыал бөҕө буолан, уопсастыба туһугар үлэлээн, дойдуга-норуокка төһөлөөх туһаны аҕалыа этилэрий?! Бу барыта сэрии содула! Иэйэ уонна Уйгур Уйбаан – сэрии сиэртибэлэрэ.
Бу кинигэ сүрүн идиэйэтэ итинник, мин санаабар. Сирдээҕи Улуу Тапталга ананар. Бу кинигэни ыччат дьон ааҕыан наада. Киһини толкуйдатар, үрүҥү-хараны ырыҥалыырга үөрэтэр айымньы.
Елена ПРОКОПЬЕВА, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.
Хаартыска ayar.ru ылылынна