“Сир суох” диир аньыы!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

1990-с сылларга, киһи бары сүөһүлэммит кэмигэр, Сунтаарга хаһан да оттоммотох сирдэр хаһаайыннанан ходуһа буолбуттара.


Сир бөҕө оҥоһуллубута, күрүө бөҕө тутуллубута. Оо, ол көрүөххэ үчүгэйин эриэхсит! Оттон билигин хайдаҕый? Чугастыы Сунтаарга Бэс Үрэҕин даҕаны ылан көрүөххэ. Урут от бөҕөтө турбут сирэ улахан омуна суох, киһи мунар ойуура буолаахтаан турар. Бары да нэһилиэктэргэ сопхуостар баалларын саҕана төһөлөөх сир оҥоһуллубута буолуой? Олор бары кур сэтиэнэх, лааҥкы бөҕө буолан тураахтыыллар.
Билигин ынах сүөһү биллэ аҕыйаан, “оттуур сир суох” диир аньыыта да бэрт буолуо. Сити этэр, биир билэр Бэһим Үрэҕэр даҕаны үлүгэрдээх сир хаалар. Атын нэһилиэктэргэ үксүлэригэр даҕаны оннук буолуо дии саныыбын. Элгээйи эҥин курдук нэһилиэктэр быыстарыгар кыбыллан олорор нэһилиэктэртэн уратыларга. Оттон урут сүөһүлээх эрдэхтэринэ ылбыт сирдэрин тус бэйэлэрэ оттообот эрээри, «тутан» олорор, түүлээн аһыыр дьон баарын баар. Ол аата сир таах хаалбат, аналынан туһаныллар. Онон, сүөһү-сылгы ахсаана элбиирэ буоллар, сир аналынан туһаныллыа этэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтыгар анаан Сунтаартан Борис Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0