Бу түбэлтэни былырыын федеральнай трассаны тутууга үлэлээбит уол кэпсээбитэ.
Самаан сайын кэлэн, үрүҥ түүннэр сатыылаан турбуттар. Бэс ыйын ортото эбит. Трасса буор кутуу суолун таас аспаалга уларытыы үлэтэ тэтимнээхтик баран испит. Күнүстэри уонна түүннэри үлэлиир икки биригээдэҕэ арахсан үлэлээбиттэр. Икки биригээдэҕэ үлэһиттэрин ахсаана 18 киһиттэн аҥаардара таджиктар уонна сахалар эбит.
Биир кэмҥэ үрэххэ тиийэн кэлбиттэр, онно муоста тутар атын биригээдэ баар эбит. Онон үрэҕи тумнар быстах буор суол кутар буолбуттар, ойуур солооһуна саҕаламмыт. Араас баараҕай тииттэри охторо сырыттахтарына биир таджик уолга мутук ыстанан кэлэн төбөтүгэр түспүт. Улахан хаһыыны истэн, чугас сылдьыбыт дьон сүүрэн кэлбиттэр. Киһилэрэ куйахата хайдан хаанынан оҕуолуу сытар эбит. Биир уол футболкатын устан төбөтүн ыксары баайбыт, хаана барара ама буолаатын кытта аптечка аҕалан, бааһыгар эмп-том биһэн баран биинтэнэн бэрэбээскилээбиттэр. Масыынанан чугас нэһилиэккэ ыыппыттар. Күнүс үлэлээбит биригээдэ сынньанан аһаан-сиэн баран, утуйардыы балоктарга тарҕаспыттар.
Ол сытан саха уолаттара эчэйбит таджик уолун туһунан кэпсэппиттэр.
— Мин Мурадка аарыма хаппыт тиити охторума диэбитим да истибэтэҕэ, «мешает» дии-дии эргийэ сылдьан тиити эрбэтэн эрдэҕинэ үөһээттэн мутук кэлэн төбөтүн арыый халты түстэ, онон тыыннаах хаалла, иччилээх мас быһыылаах.
— Буолуо, мин ол тииккэ үөһэ, киһи тиийбэт сиригэр былыргы суоруллубут бэлиэ баарын көрбүтүм, тиит чөл эрдэҕинэ суоруллан оһон испит бэлиэлээх этэ. Аны ол суоруу ортотугар квадрат хаһыы көстөр этэ. Былыр хайдах итинник көнө квадраты хаспыттара буолла, тугунан?
— Дьикти эбит, сарсын миэхэ көрдөрөөр эрэ, — диэн баран улаҕа эргийэн утуйан хаалла. Төһө өр утуйбута буолла, сотору атаһа илгиэлиириттэн уһуктан кэлбит.
— Доо, тур эрэ, били омуктарбыт таһырдьа тахсан айдаара сылдьаллар, уоскутуохха эрэ, — диэт, таһырдьа ойбут. Тахсыбыттара доҕоор, били оту-маһы тоҕо тыытыах омуктарбыт куттаммыт сирэйдээх-харахтаах ким маайкалаах, сорох ыстааннаах эрэ балок таһыгар сукуллан тураллар эбит. Саха уолаттара бары тахсан ыйыталаспыттара маннык буолбут.
Бары сөбүлүүр пловтарын астанан, оҕуруот аһынан салаат оҥостон, лаваш лэппиэскэ буһаран аһаан-сиэн баран, бары сытаат утуйбуттар. Эмискэ бары балоктарын сууллуох айылаахтык илгиэлииллэриттэн соһуйан уһуктубуттар. Дьээбэлииллэр диэн таһырдьа тахсан көрбүттэрэ уу-чуумпу, ким да суох эбит. Кинилэртэн тэйиччи турар икки балокка дьон утуйа сыталлара биллэр эбит.
Тура түһэн баран киирэн сытан утуйан эрдэхтэринэ, хоһооно биллибэт киһи саҥата, лүҥсүйэр тыас кэлэн балогы эргийэ сылдьыбыт, түннүгүнэн көрбүттэр да көстүөх айылаах суох эбит. Бары куттанан салыбырас буолан таһырдьа куоппуттар.
Сахалар уоту, сири аһатыахтааххыт диэн этэллэрин омуктар итэҕэйбэтэхтэр, «Аллах нас бережет» диэбиттэр.
Сотору саҕахтан күн тахсыбыт, уоскуйбута буолан баран дьэ утуйбуттар.
Сарсыарда тураннар хомуллар уһун тимир остуолу тардан аһаабыттар. Түүҥҥү сменаҕа үлэлээбит дьон эрдэ кэлэн утуйбуттар. Таджиктар түүн буолбут түбэлтэ кэнниттэн күлэллэрэ-үөрэллэрэ, саҥараллара-иҥэрэллэр чуумпурбут, бары уку-сакы туттан үлэлэригэр тарҕаспыттар.
Ол күн эмиэ мас бөҕөтүн охтороннор, былааннарын толорон эрдэ бүтэрбиттэр уонна кумах таһан суол оҥорбуттар. Киэһэ бары аһаан баран утуйардыы балоктарыгар киирбиттэр. Таджиктар бары халлаан диэки хантайан Аллахха үҥэн сиргэ умса түһэ түһэ турбуттар.
Ол аата Аллах таҥара абааһылартан араҥыччылаа диэтэхтэрэ диэн сахалар өйдөөбүттэр. Түүн үөһүгэр бары кытаанахтык утуйа сытаннар эмиэ улахан айдаантан уонна саҥаттан уһуктан кэлбиттэр. Үлэһит дьон бары тахсан көрбүттэрэ таджиктар таһырдьа тураллар эбит. Эмиэ куттаммыт сирэй-харах, дьүүлэ-дьаабыта биллибэттик айманаллар эбит. Дьэ онно эрэ сахалартан биир саастаах соҕус киһилэрэ Дьөгүөр уоту күөдьүтэн тиҥинэччи умаппыт. Уонна алҕаан, көрдөһөн баран буокка аҥаарын уокка саба куппут, ас-үөл бэрсибит. Уот иччилээхтик өрө уһууран тахсан күөдьүйэ умайбыт. Сотору уот уостан умуллан, бары уоскуйан тарҕаспыттар.
Оттон нөҥүө күнүгэр үлэһиттэр ортолоругар мунньах буолбут. Онно биригээдэҕэ үлэлии сылдьыбыт уон таджик уурайан барабыт диэн сайабылыанньа биэрбиттэр. Оттон атыттара төһө да куттана санааталлар салгыы үлэлиибит диэбиттэр.
Онон бу үрэх иччитэ, эбэтэр ол дьикти бэлиэлээх хаппыт тиит иччитэ муокастаан, үлэлии кэлбит омуктары куоттартаабыт. Кэлин уонна туох да биллибэтэх.
edersaas.ru саайтка анаан Үөһээ Бүлүүттэн
Виктор Васильев.
СИА хаартыската.