Сир анныгар тэпилииссэлээх ыал (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сунтаар нэһилиэгин «Папанин» сайылыгар 85 сааһыгар үктэммит Лариса  Афанасьева  оҕолорунаан, сиэннэринээн оҕуруот аһын кыайа-хото үүннэрэллэр.

Лариса Ефимовна  хас биирдии оҕурсутун кэрийэ сылдьан  көрөн-харайан, имэрийэн-томоруйан маннык өлгөм үүнүүлээх буоллаҕа. Дьиэ кэргэн сайылыктарыгар кулун тутартан  тахсан үүнээйилэрин олордубутунан бараллар эбит, ол да иһин Ньукуолуҥҥа Сунтаар дьонун оҕурсунан хааччыйаллар.

Ивановтар  94 сылтан сайын аайы Сунтаар күөлүн аттыгар турар «Папанин» сайылыгар сайылыыр үтүө үгэстээхтэр. Киһи сөҕүөҕүн, ыаллар агроном аҕалара туппут сир аннынааҕы  тэпилииссэлэрэ  билигин да өлгөм үүнүүнү биэрэ турар.

Мария Кобельянова, Сунтаар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0