Ил Дархан ахсынньы 11 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕы таһаарда.
edersaas.ru
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дэлэтиигэ сүөһү аһылыгын базатын таһыма быһаарар оруолу ылар. Быйыл бэс ыйын 15 күнүгэр Айсен Николаев сааскы ыһыы хаамыытын боппуруоһугар ыыппыт мунньаҕар мелиорация салаатыгар куулайбыт кыһалҕалар арыллыбыттара. Үбүлээһин ситэтэ суоҕуттан, урут хаһыллыбыт хоруулар айгыраан, ууну аһарар кыамталара аччаан, шлюз-регулятордар туруктара мөлтөөн иһэрэ, ууну халытан нүөлсүтэр 40 ситимтэн 19-һа, уу ылбыт сирдэриттэн ууну түһэрэр 126 ситимтэн 51-э эрэ үлэлиирэ, бу эбийиэктэри толору туһаннахха, гектар ахсыттан 18-25 сэнтиниэр от, эбэтэр көннөрү ходуһатааҕар икки төгүл элбэх от ылыллар кыахтааҕа этиллибитэ. Инньэ гынан, ыйаахха сиртэн үүнээйини ылыы салаата бастакынан чорботулунна: тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сир иэнин 28 тыһыынча гектарга тиэрдэр, нүөлсүтүллэр сир иэнин 11 тыһыынча гектартан 15 тыһыынча гектарга, куурдуллар сир иэнин 26 тыһыынча гектартан 45 тыһыынча гектарга диэри улаатыннарар сорук турда. Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар сөп түбэһэр сиэмэни таһаарыыга бэйэбит учуонайдарбыт төһө эмит үлэлииллэрин, анал сиэмэ хаһаайыстыбалара баалларын үрдүнэн, ыһыы сиэмэтин сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалар буоламмыт, туруктаах үүнүүнү ылбаппыт. Балаһыанньаны көннөрөр инниттэн тыа хаһаайыстыбатын култуураларын оройуоннаммыт сиэмэлэринэн хааччыйыыны (бурдукка 18 %-тан 100 %-ҥа, хортуоппуйга 3 %-тан 16 %-ҥа, сүөһү сиир култууратыгар 2 %-тан 42 %-ҥа диэри) үрдэтэргэ этилиннэ. Маны сэргэ, сиилэс траншеяларын оҥорууга, ходуһалары-бааһыналары бүтэйдээһиҥҥэ, үлэ тиэхиньикэтин атыылаһыыга улахан соруктар туруорулуннулар. Итинэн, үрдүк үүнүүнү ылан сүөһү аһылыгын бөҕө базатын тэрийэргэ тустаах хаһаайыстыбалартан саҕалаан, агрохимия, мелиорация сулууспалара, сортобуой учаастактар, учуонайдар, тиэхиньикэнэн хааччыйар тэрилтэлэр биир ситиминэн үлэлииллэрэ ирдэннэ.
— Кэнники биэс сыл устата тупсарыллан оҥоһуллубут 16 тыһыынча гектар сиртэн 60 %-а эрэ туһаныллара өйдөммөт. Бу ходуһалары чөлүгэр түһэрэргэ элбэх үп кутуллубута, онон улуустар оҥорторбут сирдэрин туһаныыга эппиэтинэһи сүгүөхтээхтэр, – диэбитэ Ил Дархан ааспыт саас буолбут мунньахха.
Тылтан дьыалаҕа киирэн, ыйаахха улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарыгар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтэр инниттэн мэччирэҥи уонна ходуһаны, ол иһигэр оҥоһуллубут сирдэри көдьүүстээхтик туһаныыны тэрийэргэ сүбэлэннэ.
Чахчыта даҕаны, хас улуус уонна хас нэһилиэк ахсын олохтоох дьаһалталар үлэни-хамнаһы тэрийиигэ көмөлөһөр, сир уопсай сүбэнэн итиэннэ дьиҥ аналынан, көдьүүстээхтик туһаныллар буоллаҕына, тыа хаһаайыстыбата сайдыаҕа, тыа сирин дьонун дохуоттара үрдүөҕэ, оттон өрөспүүбүлүкэҕэ ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуута хааччыллыаҕа.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.