Самаан сайыммыт төһө да кылгас буоллар, наһаа минньигэс, битэмииннээх, киһи доруобуйатыгар туһалаах сир аһын арааһынан күндүлүүр-маанылыыр. Маныаха бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар үүнэр үүнээйилэрбит, сирбит аһын арааһа ордук туһалаахтар, иҥэмтиэлээхтэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Аһын сэргэ сэбирдэҕин, сибэккитин кытары күүскэ туһаналлар. Кылаабынайа, тиэхиньикэ тэпсибэт, ол-бу араас тутуу ыытыллыбат сириттэн үргүүргэ сүбэлииллэр.
Билигин хаһаайкалар дьэдьэнниир, хаптаҕастыыр кэмнэрэ. Онон бүгүн бу маанылаах сирбит аһын хаһан, хайдах харайар, туһанар туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
ДЬЭДЬЭН
Дьэдьэн сир сүмэһинин иҥэринэн, минньигэс да минньигэс амтаннанар. Дьэдьэҥҥэ С битэмиин, пектин, антоциан, марганец, магний, фосфор, о.д.а. бааллар. Сэбирдэҕэ калийдаах, кальцийдаах, магнийдаах, селеннээх, дьуоттаах. Сибэккитэ капиллярдары бөҕөргөтөргө көмөлөһөр диэн быһаараллар. Онон бу минньигэс сирбит аһын үргээн хаһаанарбытын, барыанньалаан астына сиирбитин таһынан, өссө доруобуйабытын бөҕөргөтүнэргэ туһаныаҕыҥ.
Сир аһын хас биирдии хаһаайка бэйэтэ сөбүлүүрүнэн, билэринэн, хайдах сатыырынан барыанньалыыр. Олортон бүгүн саамай судургутук бэлэмнэниллэр ырысыаптары билиһиннэрэбит.
- Дьэдьэни үргээн аҕалаат, ыраастаан баран тута тоҥоруллар. Кыһын сиэҕи баҕардахха, ириэрэн баран саахарын амтаннаан көрөн эбэҕин. Тыаттан субу үргээн киллэрбит дьэдьэниҥ курдук дыргыл сытынан дьиэ иһин толоруо. Амтана да оннук минньигэс буолуоҕа.
- Дьэдьэни дуршлакка кыра-кыратык ууран, үрдүгэр тымныы соҕус ыраас ууну сэрэнэн кутан ыраастыахха сөп. Ол кэнниттэн саахар кутан баран, быһа холуйан 4-5 чаас устатыгар холодильникка ууруҥ. Биир киилэ дьэдьэҥҥэ 1,2-1,5 киилэ саахар сөп буолуо. Лаахтаах иһиккэ кутан кыратык буһара түһэн ылыахха сөп.
Дьэдьэни оҕоҕо сиэтиҥ диэн сүбэлииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук, састаабыгар тимир, кальций элбэх буолан, оҕо уҥуоҕунан улаатарыгар көмөлөһөр дииллэр. Сибиэһэй дьэдьэнинэн бүөрдэригэр таастаахтар, быар, таал, сүрэх-тымыр ыарыылаахтар, кыайан утуйбат буолбут дьон, тириилэрэ бааһырар дьон (экзема) эмтэнэллэр.
Сэбирдэҕэ эмиэ олус туһалаах диэн бэлиэтииллэр. Сэбирдэх көөнньөһүгүнэн гастриттаахтар, оһоҕосторугар тымныйыылаахтар, астмалаахтар, сүһүөх ыарыылаахтар туһаналлар. Сэбирдэҕи оргуппут ууларынан хаан оҕуолуур бааһын кэмпириэстииллэр. Эбэтэр сэбирдэҕи паардаан баран бааска саба уурдахтарына, түргэнник үтүөрэр диэн суруйаллар. Хатарыллыбыт сэбирдэҕи ууга көөнньөрөннөр, күөмэй ириҥэрдэҕинэ, айах бааһырдаҕына, тонзиллитка сайҕаналлар.
Өссө сэбирдэҕиттэн бэртээхэй чэй оҥостон иһиэххэ сөп. Онуоха С битэмиинэ элбэх буолан, тымныйыы кэмигэр ордук сөбүлээн иһэллэрин бигэргэтэллэр.
- 1 ч.нь. сэбирдэххэ 1/2 л оргуйбутунан ууну кутаҕыт. Хаппахтаан баран аҕыйах мүнүүтэ туруора түһэҕит, сиидэлиигит.
- Сэбирдэххэ уонна дьэдьэҥҥэ (холбоон 2 ч.ньуоска) 200 гр оргуйбутунан ууну кутаҕыт. Хаппахтаан баран 15 мүнүүтэ туруораҕыт.
Бу чэйгитигэр дьэдьэн силиһиттэн эбэр буоллаххытына, 1 ч.ньуоска от, дьэдьэн, силис булкадаһыгар икки ыстакаан оргуйбутунан ууну кутаҕыт. Маннык бэлэмнэниллибит чэйи куртахтара мөлтөх, диареялаах дьон иһэн туһаналлар эбит. Быардарынан аһааҕырар дьон чэбдигирдэр утах курдук иһиэхтэрин сөп. Ангиналаатахтарына, бронхиттаатахтарына, трахеиттаатахтарына, айахтара бааһырдаҕына, стоматиттаатахтарына маннык бэлэмнэниллибит чэйинэн сайҕаналлар.
Бронхиты эмтэнэргэ. Сэбирдэҕин уонна умнаһын бытарытан, 20 г 1 ыстакаан ууга кутуҥ уонна 15 мүнүүтэ устата кыра уокка оргутуҥ. Сойутан, сиидэлээн баран, оргуйбут уунан ыстакааҥҥытын толорон биэриҥ. Күҥҥэ 3-4 төгүл биирдии ост.нь. иһиҥ.
ХАПТАҔАС
А,С,Е,Р битэмииннэринэн баай. Кыраадыһы түһэрэргэ, киһиэхэ сэниэни киллэрэргэ, туругу бөҕөргөтөргө наһаа көмөлөөҕүнэн биллэр. Хааннара аҕыйах, аллергиялаах дьоҥҥо хаптаҕаһы сииргэ сүбэ-ама биэрэллэр. Норуот эмчиттэрэ сүһүөх ыарыытын, тирии бааһын, о.д.а. эмтииргэ эмиэ туһаналлар. Хаптаҕастан бэлэмнэниллибит утах аһыыр баҕаны көбүтэринэн, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарарынан, иммунитеты күүһүрдэринэн сыаналанар.
- Хаптаҕаһы үргээн аҕалан ыраастаан, дуршлакка уган кыра-кыратык сөрүүн уунан сайҕаан баран, салапаан мөһөөччүккэ кутаҕыт, тоҥоро уураҕыт. Кыһын, саас хаптаҕас барыанньата минньигэһин ааһан, туһата баһаам.
1 киилэ хаптаҕаска 0,5 киилэ саахары кутан булкуйуҥ. Минньигэһи сөбүлүүр дьон эбэн биэриэхтэрин сөп.
- Кыра уокка оргута охсон ылыҥ. 4-5 мүнүүтэ булкуйуҥ. Сойутуҥ. Саахарын амтаннаан көрөн эбиҥ.
Хаптаҕаһы хайгыахтарын хайгыыллар. Хааҥҥа, тымырга улахан туһалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Остеопорозтаахтар хаптаҕаһы сэҥээрэн эмэтэнэллэрин туһунан кэпсииллэр. Өссө хаан барыытын бохсор, искэни эрдэттэн утарар диэн суруйаллар. Иммунитеты күүһүрдэрин, баттахтара түһэр дьон туһаналларын, сүрэх көбөрүн тохтоторун туһунан бигэргэтэллэр. Киһи организмыттан токсиннары, шлагы таһаарар күүстээх диэн хайгыыллар. Спортсменнар күүстээх эрчиллии кэнниттэн хаптаҕаһы сиэн, утаҕын иһэн чөллөрүгэр түргэнник түһэллэр, сэниэлэнэллэр. Бу “аптаах” битэмиини саастаах дьон эмиэ сөбүлээн туһаналлара бэлиэтэнэр.
Аһыыр баҕаны көбүтүөҕү баҕарар буоллахха, 1-2 нэдиэлэ устатыгар күҥҥэ иккитэ, аһыах иннинэ 30 мл хаптаҕас симэһинин иһэргэ сүбэлииллэр.
Улаханнык ыалдьыбыт киһиэхэ сэниэни киллэрэргэ, 1 ыстакаан хаптаҕастан утаҕы күн устатыгар кыра-кыратык иһэрдэргэ сүбэлииллэр.
Сылайбыты аһарарга уонна иммунитеты бөҕөргөтөргө хаптаҕастан утах оҥорон, күн аайы биирдии ыстакааны иһиҥ диэн этэллэр.
Хаптаҕастан утах тымныйбыт, гирииптээбит киһиэхэ иһэртэххэ наһаа көмөлөһөрүнэн хайҕанар. Ыстакаан 1/2 күҥҥэ 2-3 төгүл аһыах 20 мүнүүтэ иннинэ иһиллэр.
Хаптаҕас сэбирдэҕэ эмиэ туһалааҕынан биллэр. Тымныйыыны аһарарга, тымыры бөҕөргөтөргө, өйдүүр дьоҕуру сытыырхатарга, харах көрөрүн тупсарарга, ис-үөс, сүрэх-тымыр ыарыыларын, тирии бааһырыытын, сүһүөх ыарыытын аһарарга, намтатарга, күүс-уох киллэринэргэ о.д.а. туһаналлар.
Битэмииниҥ тиийбэт буоллаҕына, 2 ост. нь. сэбирдэххэ 0,25 л оргуйбутунан ууну кутан баран 15 мүн туруораҕыт. Сиидэлиигит уонна 5 күн устатыгар күн аайы биирдэ-иккитэ ыстакаан аҥаардыытынан иһэҕит.
Тымныйдахха, ангиналаатахха маннык сүбэ эмиэ баар. 5 ост.нь. бытарытыллыбыт сэбирдэххэ 1 ыстакаан оргуйбутунан ууну кутаҕыт. Хаппахтаан, таҥаһынан бүрүйэн баран чаас устатыгар туруораҕыт. Сиидэлиигит уонна күҥҥэ биирдии ыстакааны иһэҕит, сайҕаныахха эмиэ сөп.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru