СИР АҺЫН ТУҺАНЫАҔЫҤ

11.10.2019
Бөлөххө киир:

“Киһи доруобуйата аһылыгыттан” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Маныаха маанылаах айылҕабыт барахсан бэрсэр быйаҥа, амтанныын ураты минньигэһин, иҥэмтэлээҕин сэргэ, доруобуйаҕа туһалааҕынан биллэр. Сир аһын күн аайы сиир, утах оҥорон иһэр буоллахха, доруобуйаҥ сыл устатыгар биллэ тупсар диэн бигэргэтэллэр.


ДЬЭДЬЭН

Дьэдьэн отонун, сэбирдэҕин кыраадыһы түһэрэргэ, тымныйдахха, битэмиин тиийбэтигэр, сүрэх, быар, таал, харах, тиис ыарыыларыгар, тумуулааһыҥҥа тутталларын, сибиэһэй дьэдьэн хааннара аҕыйах (анемия) дьоҥҥо туһалыырын туһунан норуот эмчиттэрэ бэрт элбэҕи сүбэлииллэр. Клара, Петр Токумовтар “Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ” кинигэлэригэр быар, бүөр, куртах, оһоҕос ыарыыларын эмтииргэ дьэдьэн сэбирдэҕин хайдах бэлэмниири суруйаллар. Ол курдук, икки улахан ньуоска үлтүрүтүллүбүт сэбирдэҕи икки ыстакаан оргуйбутунан ууга чаас аҥаара көөнньөрөн, сиидэлээн, ыстакаан аҥаардыынан күҥҥэ аһыах иннинэ түөртэ иһэҕин. Сорох дьон аллергиялыахтарын сөбүн, онон кыраттан саҕалыыллара ордугун ыйаллар. Айыы ойууна Владимир Кондаков харах уонна тиис ыарыыларыгар дьэдьэн сэбирдэҕин халыҥ соҕустук ууран эмтэниллэрин туһунан “Аар айылҕа эмтиир күүһэ” кинигэҕэ көрүөххүтүн сөп.

ХАПТАҔАС

Хаптаҕас кыраадыһы түһэрэргэ бастыҥынан биллэр. Маны сэргэ куртах, оһоҕос, быар, бүөр, сүһүөх ыарыыларын эм­тииргэ, хаан аҕыйааһыныгар, сэниэни киллэрэргэ, туругу бөҕөргөтөргө, атеросклерозка, тымныйыыга туһанылларын туһунан бэлиэтииллэр. “Норуот эмчиттэрин ырысыаптара” кинигэҕэ биир остолобуой ньуоска отону биир
ыстакаан оргуйбутунан ууга көөнньөрөн баран, күҥҥэ үстэ ыстакаан 1/3 истэххэ, сүрэх-тымыр ыарыылара мүлүрүйэллэрин туһунан суруйаллар. Оттон аһыыр баҕаны көбүтэргэ 1-2 нэдиэлэ устатыгар 30 мл хаптаҕастан утаҕы аһыах иннинэ күҥҥэ иккитэ иһэргэ сүбэлииллэр.

СУГУН

Сугуну кыраадыһы түһэрэргэ, айах, миилэ бааһырдаҕына, куртах, оһоҕос, хабах ыарыыларыгар, авитаминозка, о.д.а. туһаналлара биллэр. Холобур, Токумовтар “айах бааһырыытыгар, ангинаҕа сугун сибиэһэй сэбирдэхтээх угун көөнньөһүгүнэн сайҕаннахха көмөлөһөр” диэн суруйаллар. Биир ыстакаан ууга биир улахан ньуоска сэбирдэхтээх угу көөнньөрөҕүн.
Сугунтан чэй доруобуйаны бөҕөргөтөр. Биир остолобуой ньуоска сэбирдэҕи эбэтэр отону 250 мл оргуйбутунан ууга кутан баран, 6 чаас хаппахтаан туруораҕын. Күн устатыгар кыра-кыратык иһэ сылдьаҕын диэн суруйаллар.

МООННЬОҔОН

Тымныйдахха, төбө ыарыйдаҕына, сэниэлэнэргэ, тымныйыыны аһарарга, о.д.а. туһаналларын туһунан элбэхтик суруйаллар. Күөмэй ыарыйдаҕына, ыстакаан оргуйбутунан ууга сөбүгэр соҕус көрөн моонньоҕону кутан бардара түһэҕит. Ол кэнниттэн хаппахтаан туруораҕыт. Сойбутун кэнниттэн сиидэлээн баран, күөмэйгитин сайҕанаҕыт диэн сүбэни
“Кыһыл көмүс ырысыаптар” кинигэҕэ суруйаллар. Биир ыстакаан ууга үс улахан ньуоска моонньоҕону (отонун) көөнньөрөн, аһыыр баҕаны улаатыннарарга, сөтөлгө, тымныйыыга ыстакаан аҥаардыытынан күҥҥэ үстэ иһэргэ Токумовтар сүбэлииллэр.

ОТОН

Отону гастриттаахтар, сүһүөх ыарыылаахтар (арамачыыс), бүөрдэрэ таастаахтар, үөстэрэ ыалдьар дьон, хааннарын баттааһыннара үрдүктэр сөбүлээн тутталлара биллэр.
Токумовтар “Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ” диэн кинигэлэригэр сүһүөхдьарҕа ыарыылаахтар иһэн, ыарыыларын мүлүрүтэллэрин туһунан булуоххут. Икки кыра ньуоска бытарытыллыбыт сэбирдэҕи биир ыстакаан ууга кутан, 15 мүнүүтэ мөлтөх уокка оргутан, сойутан, сиидэлээн баран, күнү быһа кыра-кыратык нэдиэлэ устата иһэргитигэр сүбэлииллэр. Маннык иһэ сырыттахха, сүһүөх уларыйыыта тохтуурун, ыарыы биллэ үмүрүйэрин туһунан бэлиэтииллэр. Тымныйыыны аһарарга интэриниэккэ норуот эмчиттэрин маннык сү­бэлэрэ баар: 250 г отон сэбирдэҕэ, 20 г отон. 600 г оргуйбутунан ууга отону, сэбирдэҕи кутаҕыт уонна 15 мүнүүтэ устата кыра уокка тэптэрэн ылаҕыт. Хаппахтаан баран, 30 мүнүүтэ туруораҕыт. Сиидэлээн баран, мүөт эбэтэр саахар эбиэххитин сөп. Күҥҥэ 2-4 иһиэххитин сөп.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриниэттэн

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0