Сахабыт сиригэр-уотугар үүнэр сирбит аһа элбэх битэмииннээҕинэн, доруобуйаҕа улахан туһалааҕынан биллэр. Ону сэргэ, уһун кыһыны быһа остуолга барыанньалаах буолары, ама, ким сирэр үһүө?
ДЬЭДЬЭН
Дьэдьэн саамай минньигэс амтаннаах үүнээйилэртэн биирдэстэрэ. Бу минньигэс сирбит аһа битэмииннэрэ элбэҕинэн биллэр. Барыанньатын көрөн сөптөөҕүнэн сии сырыттахха, сэбирдэҕин оргутан уутун туһаннахха ханнык да эмтээҕэр ордугун бэлиэтииллэр.
Сибиэһэй дьэдьэнинэн бүөрдэригэр таастаахтар, быар, таал, сүрэх-тымыр ыарыылаахтар, кыайан утуйбат буолбут дьон, экземэлээхтэр эмтэнэллэрин туһунан бэлиэтииллэр. Састаабыгар тимир баар буолан, хааннара аҕыйах дьоҥҥо олус туһалаах диэн бигэргэтэллэр. Саас, сайын күүһү, сэниэни биэрэринэн биллэр. Сэбирдэҕин көөнньөрөн гастриттаахтар, оһоҕосторугар тымныйыылаахтар, астмалаахтар, сүһүөх ыарыылаахтар иһэллэр. Буһарыллыбыт сэбирдэх уутунан хаан оҕуолуур бааһын кэмпириэстииллэр. Эбэтэр паардаммыт сэбирдэҕи бааска саба уурдахтарына, түргэнник үтүөрэрин туһунан суруйаллар. Өйдүүр дьоҕуру намтаппат туһугар интэриниэккэ маннык сүбэни биэрэллэр. 1 ост.нь. дьэдьэн сэбирдэҕэр 2 ыст.оргуйбутунан ууну кутаҕын, 4-5 чаас устата таҥаһынан бүрүйэн бардараҕын. Күн аайы аччык искэр ыстакаан аҥардыытын иһэҕин.
Бэйэни көрүнүү
Ууга көөнньөһүллүбүт сэбирдэх уутун эбири, пигментнэй бээтинэни сырдатарга, хатаалы эмтииргэ тутталлар.
Барыанньалыыбыт
Сир аһын хас биирдии хаһаайка бэйэтэ сөбүлүүрүнэн барыанньалыыр. Олортон самай судургу ырысыаптары биэрэбит.
1.Дьэдьэни үргээн, ыраастаан тоҥоруллар. Сиэҕи баҕардахха ириэрэн баран, саахарын амтаннаан көрөн эбиллэр. Саҥа үргээн киллэрбиттэн туох да итэҕэһэ суох буолар.
- Дьэдьэни дуршлакка кыра кыратык ууран, үрдүгэр ыраас уу кутан ыраастыахха сөп. Буккуйбаккын, илиигинэн таарыйбаккын. Саахар кутан, быһа холуйан 4-5 чаас, сүмэһиннэниэр диэри сытыараҕын. Биир киилэ дьэдьэҥҥэ 1,2-1,5 киилэ саахар сөп буолар. Лаахтаах иһиккэ кутан буһара түһэн ылаҕын.
ХАПТАҔАС
Хаптаҕас А, С, Е битэмииннэринэн баай. Киһи ис туругун бөҕөргөтөргө, кыраадыһы түһэрэргэ, быар, куртах, оһоҕос ыарыыларын эмтииргэ, о.д.а. тутталлар. Хаптаҕаһы сибиэһэйдии хаан ыарыытыгар, атеросклерозка, ыалдьыбыт киһи кыраадыһын түһэрэргэ, о.д.а. элбэххэ тутталлар. Хаптаҕастан бэлэмнэниллибит утах аһыыр баҕаны көбүтэр, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарар, иммунитеты күүһүрдэр.
Бэйэни көрүнүү
Күн уотуттан хараарбыты аһарарга туһаналлар диэн суруйаллар. Ыстакаан аҥара хаптаҕаһы биир оччо үүтү кытта булкуйаллар. Баатаны илитэн баран сирэйгэ уураллар, сииктээх сотторунан эбии бүрүнэллэр. 20 мүнүүтэнэн ылан куурдаллар (суумматтар) уонна сымнатар кириэминэн соттоллор.
Барыанньалыыбыт
1.Хаптаҕаһы кыра-кыратык ылан ууга сайгыыбыт, иһиккэ кутабыт. Холобур, 1 киилэ хаптаҕаска 0,5 киилэ саахары кутан булкуйабыт. Минньигэһи сөбүлүүр дьон эбэн биэриэхтэрин сөп. Блендердиибит.
- Үөһэ этиллибитин курдук бэлэмнээн баран, кыра уокка оргуйуор диэри туруорабыт. Оргуйарын кытары ылан сойута уурабыт. Оргуйа турдаҕына 5 мүнүүтэ умнубакка булкуйабыт.
МООННЬОҔОН
Моонньоҕон саамай элбэх битэмииннээх сир аһа диэн этэллэр. Иммунитеккын күүһүрдүөххүн баҕарар буоллаххына, күн аайы 20 устуука моонньоҕону сииргэр сүбэлииллэр.
Хаан аҕыйааһыныгар, тымныйыыга, аппетиты көтөҕөргө, капиллярдары бөҕөргөтөргө, иммунитеты күүһүрдэргэ моонньоҕон олус туһалааҕа бэлиэтэнэр. Владимир Кондаков “Аар айылҕа эмтиир күүһэ” кинигэтигэр моонньоҕон сэбирдэҕин уонна лабаатын ууга оргутан, диатезтаах оҕону сууннарар ууга кутан туттарга сүбэлиир. Сэбирдэҕин чэй курдук көөнньөрөн тирии ыарыыларыгар, хабахха, бүөргэ таас үөскээһинигэр, хаан аҕыйааһыныгар истэххэ улаханнык көмөлөһөрүн бэлиэтээбит. Клара, Петр Токумовтар “Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ” кинигэлэригэр моонньоҕон сүмэһининэн куртах бааһын эмтэнэргэ сүбэлииллэр. Интэриниэккэ тымныйдахха, күөмэй кыыкынаан хааллаҕына хайдах туһанары суруйаллар. Биир остолобуой ньуоска моонньоҕоҥҥо 250 миллилиитир оргуйбутунан ууну кутан көөнньөрөҕүн. Көөнньөрөргөр иһиккин суулаан икки чаас туруораҕын. Күҥҥэ үстэ 250 мл иһэҕин. Биллэн турар, моонньоҕон туһата өссө да элбэх.
Бэйэни көрүнүү
Хатаалы эмтииргэ, пигмени сырдатарга, кыра мырчыстаҕастары көннөрөргө көмөлөөҕүн, о.д.а. элбэххэ туһалыырын суруйаллар. Моонньоҕоҥҥо мүөтү, чөчөгөйү, сүөгэйи, йогурту, суораты, араас арыыны, о.д.а. тириигэр туох сөп түбэһэринэн көрөн туттарга сүбэлииллэр.
Барыанньалыыбыт
1.Моонньоҕону ыраастаан баран тоҥорон кэбиһэҕит. Сииргэ ириэрэҕит, кыратык уу кутаҕыт, блендердиигит, саахар сиробун оҥорон эбэҕит.
- 1 киилэ моонньоҕон; 1,5 киилэ саахар; 1,5 ыстакаан уу. Уубутугар саахары кутан үчүгэйдик булкуйан баран уокка ууран оргутан ылабыт. Ол кэннэ хас эмэ хос маарыланан сиидэлиибит. Сироппутун төттөрү иһиккэ кутан эмиэ оргутабыт. Оргуйа турар сироппутугар моонньоҕоммутун кутабыт. Хойунна эрэ барыанньабыт бэлэм буолар.
УУЛААХ ОТОН
Уулаах отон Сахабыт сиригэр саамай киэҥник тарҕаммыт үүнээйи. Отоҥҥо – аскорбиновай кислота 11-13 мг %-на баар буоллаҕына, сэбирдэҕэр аскорбиновай кислота 26,4 мг % уонна арбутин бааллар.
Хааннара аҕыйах дьон отону бэйэтинэн сииллэр, хойуу муоруһу иһэллэр. Тымныйдахтарына отонтон утаҕы иһэр, түргэнник үтүөрэргэ көмөлөөҕө биллэр. Маны сэргэ быар, бүөр ыарыытыгар, гастрикка, сүһүөх ыарыытыгар, хаан баттааһынын намтатарга киэҥник туттулларын суруйаллар. Клара, Петр Токумовтар «Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ» кинигэлэригэр “Хаан үрдүк батааһыныгар отон сүмэтэ ордук туһалаах. Хаан баттааһына түргэнник түһэр уонна наһаа хамсаабат” диэн сүбэлииллэр.
Бэйэни көрүнүү
Отон хатаалы суох оҥорорго, сирэй өҥүн тупсарарга, пигмени сырдатарга, тириини сымнатарга, о.д.а. элбэххэ туһалыыр. Сирэй тириитин тупсарарга, 5 мл отон сүмэһинэ, оччо олива арыыта, 5 гр. ыҥырыа буоската наада буолаллар. Ыҥырыа буоскатын иһиккэ уган, оргуйбут ууга туруоран ууллараҕын, арыыны, сүмэһини эбэҕин. Сүүрбэ мүнүүтэ сирэйгэр сылаас маасканы тутаҕын.
Барыанньалыыбыт
1.Отону ыраастаан баран тута тоҥорорго угабыт. Сиирбитигэр иһиккэ ириэрэбит, үрдүгэр балачча саахар кутабыт. Үс күн устатыгар сөп буола-буола көрөн булкуйаҕын. Эбэтэр ирбит отону саахардаан баран эрийтэрэбит, блендердиибит. Саахарын амтаннаан көрөн эбиэххэ сөп.
- Отону оргуйбутунан ууну үрдүгэр саба кутан сууйан ылыахха сөп. Саахары кытта хардарыта кутан, иһиккэ чаас курдук туруорабыт. Сүмэһинэ тахсыбытын кэннэ уокка туруорабыт, биэс мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт.
СУГУН
Сугуну эмтээх диэн улаханнык хайгыыллар. Диабеттаахтарга туһалыырын, истэрэ ыарыйдаҕына, чэй курдук бардаран иһэллэрин, айах бааһырдаҕына, төбүрөүҥҥэ сугун сүмэһининэн соттоллорун, куртахтара мөлтөх дьон саахара суох сугуну сарсыарда аччык истэригэр биир-икки ньуосканы сииллэрин суруйаллар. Сүрэх ыарыһахтар сэбирдэҕин ууга буһаран баран иһэллэр. Өссө сугуну харахха туһалаах дииллэр. Холобур, күһүҥҥү кэмҥэ күҥҥэ иккитэ-үстэ балтараалыы-иккилии ыстакаан сугуну сии сырыттахха, хараҕыҥ сытыытык көрөр буолар диэн интэриниэккэ кэпсииллэр. Онтон температураланнаххына, икки остолобуой ньуоска сугуҥҥа биир ыстакаан оргуйбутунан ууну кутуҥ уонна хаппахтаан баран чаас устата туруоруҥ. Сиидэлээн баран, сугунун ыган ылыҥ, кыратык саахар эбэтэр мүөт кутуҥ. Ыстакаан үс гыммыт биирдиитинэн күҥҥэ иккитэ-үстэ иһиҥ диэн сүбэлииллэр.
Бэйэни көрүнүү
Сирэй тириитин сымнатарга сугуҥҥа бэрт кыратык мүөт, иэдьэгэй эбэҕин. Булкуйан хааһы курдук оҥороҕун ол кэннэ сирэйгэр соттон баран 15-20 мүнүүтэ сыта түһэн ылаҕын. Сөрүүн уунан суунаҕын.
Барыанньалыыбыт
1.Төһө сугуну ылаҕын да, оччо саахары үрдүгэр кутан биир хонук туруораҕын. Кыра уокка бэрт түргэнник тэптэрэ охсон ылаҕын, сойутаҕын. Барыанньаны бэйэтинэн сиири сэргэ, минньигэс бөрүөккэ, бичиэнньэҕэ туттуохха сөп.
2. Тоҥоруллубут сугуну ириэрэҕин, уунан сайгыыгын. Барыанньалаары ылбыт сугуҥҥар балтараа төгүл элбэх саахар кутаҕын. Саахарын амтаннаан көрөн эбиэххин сөп.
Бэчээккэ хомуйан бэлэмнээтэ Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: интэриниэттэн.