Сиппит үүнээйигэ эрэ битэмиинэ элбэх

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Билигин сир аһын үгэнэ. Кылгас сайыҥҥа төһө кыалларынан битэмииннээх, элбэх отону сомсон ыларга дьулуһабыт

Моонньоҕон хараҥа сиргэ туран чахчы ситэр дуо? Ханнык сэдэх уонна дьааттаах отонноох үүнээйилэр баалларый? Хас биирдии Саха сирин олохтооҕун долгутар ыйытыылар тула РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сирин ирбэт тоҥ буордаах зонатын биологическай кыһалҕаларын чинчийэр институт билимҥэ сүрүн үлэһитэ, дириэктэри билим үлэтигэр солбуйааччы Александр Исаевы кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ.

Сир аһын сиикэйдии хомуйуу

— Сир аһын хомуйуу үгэннээн турар. Социальнай ситимнэртэн да көрдөххө, дьэдьэни букатын сиикэйдии хомуйаллар, мап-маҥан буолар. Аны моонньоҕону эмиэ биир оннук — күөхтүү үргүүллэр, хараарар дииллэр.

— Моонньоҕон хараарарын хараарар эрээри, ис өттө сиппэт, битэмиин хото киирбэт. Дьиҥэр, айылҕа бэйэтэ буһарбытын, толору сиппитин кэннэ үргэниллиэхтээх. Сиикэйдиҥи моонньоҕон битэмиинэ аҕыйах, туһата кыра буолар. Дьэдьэни эмиэ ити курдук битэмиин, амтан ситэ киирэ илигинэ хомуйан ылаллар.

— Ыстараап эҥин баар дуу?

— Сир аһын хомуйуу болдьоҕун дьыл кэмиттэн көрөн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ быһаарар. Миэстэтигэр ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ хонтуруоллуур соруктаах кэрийэн көрөөччүлэр. Кэлин үксүн баһаар үлэтиттэн орпоттор. Отон кэмигэр син кэтээн көрөөччүлэр.

Дьэдьэн уонна Амма

— “Дьэдьэн” уонна “Амма” синонимныы тыл курдук өйдөбүл үөскээтэ. Атын сирдэргэ тоҕо Аммаҕа курдук өлгөмнүк үүммэтий?

— Амма килиимэтэ дьэдьэн үүнэригэр ордук табыгастаах. Атын сирдэргэ букатын суох диир кыаллыбат, аҕыйах да буоллар баар. Быйыл Сунтаар диэки үүннэ диэн иһитиннэрэллэр. Сүрүннээн киин улуустарга хото үүнэр. Хоту букатын суох, соҕуруу — аҕыйах.

Баһаар уонна отонноох үүнээйилэр

— Кэлин сылларга баһаар өрө турар буолла. Отонноох үүнээйигэ дьайан, отонун кытта киһи доруобуйатыгар буортулаах эттиктэр киириэхтэрин сөп дуо?

— Чопчу оннук чинчийиилэр ыытыллыбатахтара. Үүнээйи силиһинэн туһата суох элэмиэннэри ылбат, син сүүмэрдээн, саамай туһалааҕын иҥэринэр. Онон улахан буортута суох буолуохтаах. Арай, олус хоруолаах сир эҥин буоллаҕына, таһыгар быыл курдук сыстыан сөп.

— Баһаар барбыт сиригэр моонньоҕон хойуутук үүнэр. Туох эрэ уларыйыы барар дуо?

— Биология уруогуттан “внутривидовой, межвидовой конкуренция” диэни билэбит. Холобур, уулаах отон, дөлүһүөн уга умайан, моонньоҕон, биэ эмийэ үүнэллэригэр туох даҕаны мэһэй, харгыс суох буолар. Уонна өрт кэнниттэн ирбэт тоҥ сир ирэн, буор сиигирэр, ууланар, састааба даҕаны уларыйар, онон сөптөөх услуобуйа үөскүүр. Эрдэ уга эрэ баар эбит буоллаҕына, алын, одоҥ-додоҥ баһаар кэнниттэн иккис-үһүс сылыгар тыа саҕатынааҕы көрүҥнэр (опушечный вид), холобур, дьэдьэн элбиэн сөп.

Сир аһа — битэмииннээх

— Саха сиригэр баар отонноох үүнээйилэртэн саамай битэмииннээҕэ, туһалааҕа ханныктарый? Туохха туһалыылларый?

— Чопчу бу үүнээйи битэмииннээх диэн ойоччу тутан этэр кыаллыбат, бары даҕаны туһалаахтар. Холобур, дьэдьэн, биэ эмийэ үгүс битэмииннээх, доруобуйаны бөҕөргөтөр, вируһу утары дьайар.

Моонньоҕоҥҥо, хаптаҕаска С битэмиин элбэх, биир бастыҥ отонноох үүнээйи диэххэ сөп. Амтанынан ылан көрдөххө — ким тугу сөбүлүүрүнэн.

— Аны оргуйбут ууга отон битэмиинэ сүтэр дииллэр.

— Уулаах отону Саха сирин олохтоохторо морс оҥорон ыарыыны сэрэтии быһыытынан үгүстүк туһанабыт. Ол эрээри, отону итии ууга куттахха, барыанньалыырга оргуттахха С битэмиинэ аҕыйыыр. Ол иһин сорохтор оргуйбут ууну сойута түһэн баран отону ньыһыйан куталлар, барыанньалыырга эмиэ оргуппакка саахары кытта булкуйуллар. Бу — ордук. Ханнык баҕарар отону бу курдук ньыһыйыллар. Арай, уһун кэмҥэ хаһаанарга соччо табыгаһа суох ньыма, аһыйыан, кыйырыан сөп. Буһарыллыбыт сир аһын сөпкө харайдахха хас даҕаны сыл барар кыахтаах, буорту буолбат. Отонноох үүнээйилэри барыанньалыырдааҕар тоҥорон сиир быдан туһалаах.

Билэр эрэ отоҥҥутун хомуйуҥ

— Сир аһын сыллата биэдэрэнэн үргүүбүт. Элбэҕи сиир доруобуйаҕа буортулаах дуо?

— Биэ эмийиттэн, дьэдьэнтэн, о.д.а. отоннортон аллергиялыыр дьон бааллар. Саахардара үрдүк дьоҥҥо эмиэ сэрэхтээх. Отонноох үүнээйилэр бэйэлэрэ айылҕаттан саахардаахтар, онуоха эбии барыанньалыырга өссө саахар кутуллар. Онон эт-хаан гликемическэй таһымыгар дьайыан сөп.

Диетическэй аһылык быһыытынан отонноох үүнээйилэр элбэхтик туһаныллаллар. Хаан эргиирин, ас буһарар уорганнарга көмөлөһөллөр эрээри, куртах-оһоҕос ыарыылаах дьон аһыы отоннорунан үлүһүйбэттэрэ, хааччахтыыллара ордук.

Саха сиригэр дьааттаах отоннор эмиэ бааллар — воронец красноплодный, смилацина даурская, паслен Китагавы о. д.а. балары букатын хомуллуо суохтаах. Паслен фиолетовай сибэккилээх, кыһыл отонноох буолар. Красноплоднай воронец тас көстүүтүнэн женьшеҥҥэ маарынныыр. “Саха сиригэр женьшень баар буолбут” дии-дии ичигэстииллэр, батсаабынан ыытааччылар. Женьшень улахан битэмииннээх үүнээйинэн биллэр, ол эрээри, Саха сиригэр үүммэт. Онон бутуйар сыыһа. Сир астааччы билэр эрэ отонун хомуйуохтаах.

Хортуоппуйга эмиэ помидор курдук отонноох буолар. Ол сиэниллибэт, соланин диэн дьааттаах бэссэстибэлээх. Аны күн көрбүт хортуоппуйа от күөхтүҥү өҥнөнөр, ити аата соланин мустар, сиэниллибэт.

Сэдэх отоннор

— Саха сиригэр сэдэх отонноох үүнээйи төһө элбэҕий?

— Саха сиригэр, уопсайа, отон 40‑тан тахса көрүҥэ үүнэрэ биллэр. Олор кэккэлэригэр сэдэхтик хомуллар отоннор эмиэ бааллар. Холобур, аҕыйах хонугунан бөллөкөнө (жимолость) ситиэҕэ.

Биһиэхэ сиэнэр (съедобный) уонна алтайскай (аһыы амтаннаах) бөллөкөнөлөр үүнэллэр. Сиэнэр бөллөкөнө сүрүннээн Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан улуустарынан хото үүнэр. Киин улуустарга аҕыйах баар, алтайскайы кытта бииргэ үүнүөхтэрин сөп. Сиэнэр көрүҥ уһун синньигэс астаах (ньолбуһах, уһун буолбатах). Дьон амсайан көрөн хомуйуохтарын сөп.

Киис, ыт тиҥилэхтэрэ бааллар. Саха сиригэр ыт тиҥилэҕин икки көрүҥэ (хмелелистная, обыкновенная) үүнэр. Уҥуохтаах диэн дьон үлүһүйэн туран хомуйбат.

Саха сирин соҕуруу өттүгэр — Алдан, Ленскэй диэки черника баар.

Сотору харас ситиэҕэ. Күлүүкүбэни букатын хомуйбаттар. Бу, дьиҥэр, эмиэ биир битэмииннээх отонунан биллэр.

Моонньоҕон, хаптаҕас бииһин ууһуттан моховка үүнэр да, сэдэх, биэдэрэнэн хомуллубат. Бу күөҕэр даҕаны минньигэс (саахардаах) буолар.

Шикша (атыннык вороника, водяника, зассыха диэн ааттыыллар) эттэн-хаантан ордук убаҕаһы (мочегоннай) таһаарар үүнээйи быһыытынан биллэр. Эмкэ-томко киэҥник туһаныллар. Хара, бытархай отонноох, бэстээх сиргэ үүнэр.

Кытыан (можжевельник) көрүҥэ араас. Настойка, джин оҥороллоругар, кулинарияҕа туһаналлар. Элбэҕи сиир буортулаах да буолуон сөп.

Морошка хоту эргин сөбүлээн үүнэр. Бэттэх диэки баар эрээри, аҕыйах. Онон эбии аһылык быһыытынан (ресурс) көрбөттөр.

Халыма, Алдан диэки уохтаны ичигэстииллэр. Үүнэр сиригэр балачча элбэх, бөдөҥ буолар.

Саха сирин тыйыс айылҕалаах усулуобуйатыгар — баара-суоҕа үс сайыҥҥы ыйга ситэр отонноох үүнээйилэр бары кэриэтэ туһалаахтар, ханнык эрэ ыарыыттан көмүскүүллэр, киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр аналлаахтар. Айылҕа анаан айбыт аһын кэмигэр эрэ хомуйуоҕуҥ, сөпкө туһаныаҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0