Норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы институт үлэтин кэмигэр Сингапур учууталларын Профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Майк Тируман маастар-кылаастары биэрэр. Ити туһунан СИА суруйар.
Тэрээһиҥҥэ Саха сирин улуустарыттан 80 дириэктэр кыттар. СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров сэминээр арыллыытыгар бүгүн оскуола дириэктэрдэрэ, уопсай үөрэхтээһин салайааччылара үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр, аныгы технологияны дэгиттэрдик баһылаабыт, уларыйыылары барытын билэ сылдьар буолуохтаахтар диэтэ. Билиҥҥи кэмҥэ бу эйгэҕэ Сингапур оскуолаларын үөрэҕин модела инники күөҥҥэ сылдьарын этэр.
Миниистир бэлиэтииринэн, бүгүн ыалдьыттар кэпсиир бырагыраамалара Татарстаҥҥа ситиһиилээхтик киирбит, Москва уобалаһыгар үлэлиир, ону тэҥэ бу куурустары Санкт-Петербург оскуолаларын дириэктэрдэрэ ааспыттар.
Оттон Майк Тируман Сингапур үөрэҕин систиэмэтэ учууталлары сөптөөхтүк сүүмэрдээһинтэн саҕаланарын кэпсиир. “Биһиэхэ оскуоланы бүтэрбиттэр сылга 30 % эрэ педагогическай бакылтыакка киирэллэр. Хас биирдии кылааска үрдүк квалификациялаах учуутал баар буолуохтаах. Университеты бүтэрдэхтэринэ, үлэҕэ киирдэхтэринэ даҕаны, преподавателлэр квалификацияларын таһымын үрдэтиинэн күүскэ дьарыктаналлар. Оскуолаҕа сүрүн болҕомотону XXI үйэҕэ ирдэнэр сатабылы сайыннарыыга уурабыт”, — диэн санаатын үллэстэр.