Симпозиум кыттыылаахтарын Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ

26.05.2022
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр, Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар «А.Е.Кулаковский – духовный лидер Якутии» диэн научнай- практическай симпозиум үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Бу симпозиум Алексей Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сыллаах үбүлүөйүнэн уонна «Интеллигенцияҕа сурук» 110 сылынан ыытылынна.

Симпозиумҥа 300 киһи кытынна. Ол курдук, араас тэрилтэ, улуус бэрэстэбиитэллэрэ, судаарыстыбаннай былаас уорганын үлэһиттэрэ Өксөкүлээх нэһилиэстибэтэ аныгы да үйэҕэ тоҕоостооҕун, улахан суолталааҕын кэпсэтистилэр.

Тоҕо симпозиум Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар буолла диир буоллахха, бу нэһилиэккэ Өксөкүлээх Өлөксөй атыыһыт Семен Барашков ыҥырыытынан оҕолору сурукка-бичиккэ үөрэппитэ, олорбута. Хачыкаакка олорон Өлүөнэ эбэ биэрэгэр «Интеллигенцияҕа суругун” суруйбута. Ону сэргэ “Өрүс бэлэхтэрэ”, “Ойуун түүлэ” айымньыларын суруйбута.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха сирин бастакы бэрэсэдьиэнигэр Михаил Николаевка уонна симпозиуму тэрийбит дьоҥҥо, кыттыылаахтарыгар махталын тиэртэ:

— Алексей Елисеевич Кулаковскай бөлүһүөк  суруйааччы эрэ быһыытынан буолбакка, кини төрөөбүт дойдутун инникитин сылыктыыр, ол туһугар суолталаах уларыйыылары оҥорбут киһинэн буолар. Бэйэтин кэмин эрэ буолбакка, инникини өтө көрөн анаарар киэҥ толкуйдаах, сүүс да сыл ааспытын кэннэ кини хас да көлүөнэ саха дьонугар-сэргэтигэр, олоҕор-дьаһаҕар олук уурбут улахан оруоллаах. Өксөкүлээх Өлөксөй үбүлүөйэ Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбит 390 сылын уонна Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн кытта бииргэ бэлиэтэнэр. Хачыкаат олохтоохторо улуу киһибитигэр «Путь Кулаковского” диэн саҥа туристическай суолга-иискэ өйдөбүл бэлиэ туруораллара хайҕаллаах суол.
Биһиги сүрүн сыалбыт – олох-дьаһах уларыйа турар кэмигэр норуоппутун харыстаан, Арассыыйа судаарыстыбатыгар биир ситим буолан Саха сирэ инникибит диэки эрэллээхтик көрүөхтээхпит. Сахабыт сирэ сайдарыгар Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтэ саҥа саҕахтары арыйыаҕа!

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0