Бөһүөлэктэн тэйиччи соҕус, күөл уҥуор дьиэ-уот туттан олорбуппут. Билигин да онно ыаллар олороллор. Онон олорбут сирим аатын ыйарым соччо табыгаһа суох буолара дуу…
Оҕуруот бөҕөтүн олордон, сүөһү-ас ииттэн, тиэргэммит иһигэр тутуу бөҕө тутан «һай-һат» диэн тигинээн-таҕынаан, сорохтор ымсыыра көрөр ыаллара буолан олорбуппут. Оччолорго оҕолорум кыралар. Ким оскуолаҕа кыра кылааска үөрэнэр, ким дьыссаат, дьааһыла киһитэ. Эрим оччут-масчыт бэрдэ, үлэһит үтүөкэннээҕэ. Мин да нэһилиэккэ кийииттээн кэлиэхпиттэн соччо-бачча сирдэрбэт курдугум.
Биир саас хойутуу кэргэмминээн ыраахтан моонньоҕон уктарын, титириктэри, хатыҥнары көһөрөн аҕалан олортубут. Бүөбэйдээһин, үөрүү-көтүү бөҕөтө буоллубут. Ол эрээри, соторунан били үөрүүбүт сүтэн-оһон, аны бары куттанарбытыттан ордубат буолан бардыбыт.
Аан бастаан тойонум оҕонньор ыалдьыттыы кэлэ сылдьан, чэйдии олорон түннүгүнэн олордубут моонньоҕоннорбут диэки көрөн баран: «Бай, хайалара кэлэ сылдьарый? Тугу көрөр буоллаҕай?», — диэтэ. Биһиги бары ол диэки хайыһа түстүбүт, түннүгүнэн өҥөҥнөстүбүт да, ким да тугу да көрбөтө. Онуоха оҕонньорбут сирэйэ уларыйан хаалла. «Хараҕым иирдэҕэ», — эрэ диэн кэбистэ.
Аҕыйах хоммото. Кэргэним сарсыарда эрдэ таһырдьа тахсан баран, сүр улаханнык куттанан, сирэйэ-хараҕа туран, кубарыйан ахан киирэн кэллэ. Суулла сыыһа-сыыһа эргиллэн аанын сыыһа-халты хатыы сатыы турда.
Мин иһиппин тардан иһэн, оччону көрөн баран туруом дуо, ойон тиийэн ааны хатыырга көмөлөстүм. Ол быыһыгар кутталбыттан буоллаҕа, хаһыытыы былаастаан : «Туох буоллуҥ?!», — диэтим. Киһим хараҕын адьас туруору көрөн кэбиспит. Айаҕа аппаҥныыр эрэ. Эбиитин түннүк диэки ыйа-ыйа нэһиилэ тугу эрэ саҥара сатыыр. Онно аны саалабыт түннүгүн сабыытын саба тардаары сүүрдүм. Атаҕым ыараханыын. Биир сиргэ тэпсэҥнии турар курдукпун. Нэһиилэ тиийэн быыспын саба тардаат, аны куукунаҕа сүүрдүм. Сүүрүөм дуо, санаабар собус-соруйан атахпын туох эрэ кыаһылаан кэбиспитин курдук буолбуппун. Аҕабыт буоллаҕына сүрэҕин туттан баран уһуутуу-уһуутуу биэсэлкэҕэ иэҕэҥнии олорор.
Туохтан итиччэ айылаах куттаммытын бу диэн билбэтэрбин да, аҥардас кинини көрөн куттанан уҥуоҕум халыр босхо барбыта. Онтон дьэ, бэрт нэһиилэ киһибэр кэлэн аттыгар лах гына олоро түстүм. Ол да буоллар тыас иһиллиибин. Таһырдьа туох баар буоллаҕай диэн. Онтум уу чуумпу. Киһим чочумча олорбохтоон баран бэрт нэһиилэ: «Симэхтээх дьахтар сылдьар», — диэн сибигинэйэ былаастаан эттэ.
Кэлин кэпсээбитинэн, таһырдьа тахсыбыта, арай, били моонньоҕоннорбутугар дьахтар төҥкөҥнүү сылдьар үһү. Мин киһим ким сырыттаҕай диэх курдук санаан иһэн, арай чыпчылыйбыт дуу, суох дуу… Сахалыы симэхтээх дьахтар өрө кылырдаан бу кинини көрдө көрбүтүнэн иһэр үһү. Атаҕа сиргэ үктэммэт, үөһэнэн хаамар диир. Дьиэҕэ хайдах киирбиппин өйдөөбөппүн, эн ааны хатыы турар этиҥ диир.
Оҕолорбутун куттаамаары тугу да кэпсээбэтибит. Тугу сыыспыт буоллахпытый диэн толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Кистии-саба кырдьаҕастартан ыйыталаһан да көрдүбүт. Алаадьылаатыбыт. Ким тугу сүбэлээбитин барытын оҥоро сатаатыбыт. Ол кэнниттэн син балачча туох да биллибэтэ. Биһиги аастаҕа дуу диэн дьэ уоскуйуох курдук буоллубут да, син биир куттанан купчуруҥнаһабыт.
Онтубут баара, биир түүн утуйа сыттахпытына, түннүкпүтүн кэлэн тоҥсуйан табыгыраттылар. Мин өс киирбэх, «Ким кэллэҕэй» диэт, түннүгүм сабыытын арыйа баттаатым. Онтум доҕоор, били, симэхтээх дьахтар түннүкпүтүн супту көрбүтүнэн үөһэнэн хааман дуу, көтөн да диэххэ сөп эбитэ дуу, бу иһэр эбит. Мин сарылаан эрэр курдугум… Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, оҕолорум куттанан ытаспыттар аҕай. Кэргэним ыксаабыт. Ороммор сытыарбыттар, аттыбар бааллар.
Ол кэнниттэн ыалдьан, хас да күн суорҕаннаах-тэллэххэ сыттым. Түүн утуйбаппын, уоту араартарбаппын. Оҕолорбутун эһэлээҕин аахха ыытан кэбистибит. Бэйэбит да, мин арыый буолан турарбын кытта, дьоммутугар көһөн күккүрээн тиийбиппит. Биһиги кэннибититтэн, эһиилгититтэн саҕалаан, ол эҥэр олорбут ыаллар бары биир-биир көһүтэлээбиттэрэ. Билигин онно оччолорго тутуллубут дьиэлэр иччитэхсийэн тураллар. Арай, кэлин ол эҥэр аҕыйах ыал дьиэ туттан киирбиттэрэ. Кинилэртэн туох да сурах-садьык иһиллибитэ биллибэт курдук. Оннук эрэ буоллун.
Эмээхсин
Оҕо сылдьан көрбүппүн адьаһын умнубаппын.
Биирдэ түүн ортото утуйа сытан уһуктан кэллим. Кулгааҕым уһугунан истибитим, аттыбар кэккэлэһэ ороҥҥо балтым ытаан сыҥыргыыр. Түннүгүнэн ыйдаҥа тыган турара. Мин балтым диэки көрөөрү эргиллбитим, хоспут ортотугар өһүөҕэ эмээхсин ыйанан турар. Туус маҥан баттахтаах. Сэлиэччигин уһул да уһул, кэт да кэт буолар. Мин наһаа соһуйдум да, куттанным да. Уунан саба ыстарбыт курдук буоллум. Суорҕаным анныгар түһэн хааллым.
Төһө өр сыппытым буолла, утуйбут этим. Кэлин, улахан дьон буолан баран, ону балтыбыттан өйдөөн ыйыппыппар, эмээхсини эмиэ көрбүт эбит этэ.
Аны санаатахпына, аҕабыт барахсан онтон өр буолбатаҕа. Арааһа, кини олохтон эрдэ барыан иһин көстүбүт буоллаҕа.
Ылдьаана.
Хаартыска: интэриниэттэн