Эдэр эрдэҕинээҕи үөлээннээҕим балыыһаҕа эмтэнэ кэлбитин истэн, биир үтүө күн баран көрсөргө сананным. Киниэхэ бара сылдьар наадам суоҕа буоллар, кырдьаҕас киһи таһырдьа дьаарбайар күнэ-дьыла буолбатах. Ол гынан баран, олоруом дуо? «Атас туһугар атах тостор» диэн бэртээхэй өс хоһооно баар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Үөлээннээхпэр баран иһэрим туһунан төлөпүөннээбиппэр киһим: «Дьэ, тыыным-быарым хаайтаран олох иэдэйэн эрэбин. Хата, эн кэллэххинэ, ааны-хайаҕаһы сирдэтэн, таһырдьа тахсан ыскаамыйаларга олоруохпут», – диэхтээтэ. «Киһи таһырдьа олорбот халлаана буолбутун балыыһа киһитэ билбэт эбит», – дии-дии тиийэн кэллим. Медицина национальнай киинэ ыраахтан килэйэн-халайан бу көстө түстэ. Аны чугаһаабыппар сып-сырдык от күөх ыскаамыйалар харахпар быраҕылыннылар. Арай, киһибин дьиэттэн «хостоон» таһааран ыскаамыйаларга олороору гыммыппыт, «Осторожно, окрашено» диэн суруктаах буолан биэрдилэр. Испитигэр кыратык мөҕүттэн ыла-ыла, икки атахпытынан хааман көрдүбүт. Өр буолбатыбыт. Киһибин балаататыгар атааран баран, айаннаан иһэн иннээҕэр буолуох моһуокка түбэстэҕим үһү. Ааспытын кэннэ санаабытым, ыскаамыйалар кырааскаламмыттарыттан киһи санаарҕаабат, төттөрүтүн, үөрүөх эрэ дьыалата эбит.
Иккис оптуобуспар олороору тохтобулга турар ыскаамыйаларга чугаһаатым. Били, «социальнай» диэн ааттыыр элбэхтик рекламалаабыт, кырдьык олус туһалаах суруктардаах ыскаамыйаны туруораары гыммытым, харахпар силлээбиттэрин курдук буола түстүм. Хаарыан бэйэлээх ыскаамыйаҕа оруобуна олорор сиригэр сип-сибилигин хоп-хойуутук силлээн кэбиспиттэр. Мэктиэтигэр «сыраана сүүрэ» турар. Тоҕо да бэрдэй, култуурабыт суоҕа дуу, соруйан дьону кыйахаан оҥоһуу дуу? Дьон туһугар оҥорор үтүө дьыалаҕа итинник харыстабыла суох, эбиитин дьалаҕайдык сыһыаннаһар буоллахпытына, куораппыт хаһан ырааһырар? Олус ыксаабыт киһиэхэ аттыгар ууруна буолунай ээ. Арай эрэ дьон олорор сиригэр анаан-минээн холуннахтарай? Мин, кырдьаҕас киһи өйүм хоппот, туох санаалаах киһи итинниккэ тиийэрин.
Биллэн турар, итирик киһи ини диэххит. «Иирбит да, итирбит да биир» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru