Бүгүн, ыам ыйын 12 күнүгэр, аан дойду үрдүнэн Мэдиссиинискэй сиэстэрэ күнүн бэлиэтиибит. Мэдиссиинискэй сиэстэрэ идэтин төрүттээбит киһинэн Британия аристократкатын Флоренс Найтингейлы ааттыыллар. Бу ураты өйдөөх-санаалаах дьахтар баай дьиэ кэргэҥҥэ 1820 сыллааахха ыам ыйын 12 күнүгэр төрөөбүт. Ол иһин кыра эрдэҕиттэн бастыҥ үөрэҕи уонна чиҥ билиини ылбыт.
Хантан кэлбит бэлиэ күнүй?
Бу билиитин Флоренс Найтингейл атын кыахтаах ыал кыргыттарын курдук чэпчэки уонна кыһалҕата суох олоҕу олорорго анаабатах. Кини маны барытын сайыннаран, хаҥатан туран дьарыктаммыт. Бэл диэтэр, Флоренс тус олоҕун оҥостубатах. Кини тас көрүҥүнэн дьоҥҥо сирдэрбэтэ үһү. Кыыһы сөбүлүү көрөр, аҕатын халыҥ баайын да истэн буолуо, элбэх эр дьон кэргэн көрдөһө сатаабыт. Ол гынан баран айылҕаттан күүстээх санаалаах уонна өркөн өйдөөх эдэр кыыс дууһата тугу эрэ атыны ирдиирэ үһү. Ити курдук бэйэтин бириэмэтигэр өйүнэн-санаатынан чыҥха атын кыыс төрөппүттэрин санааларын утары баран, дьадаҥы дьону эмтиир балыыһаҕа үлэтин саҕалаабыт. Кини ыарыһахтары сөпкө көрүү-харайыы, түргэнник үтүөрдүү сүдү суолталааҕын уһуннук дьаныһан туран үөрэппит. Флоренс Найтингейл аан дойдуну биир гына айаннаан, ыарыһахтары көрүү-харайыы ньыматын үөрэппит, элбэх саҥа саҕалааһыннары, сөптөөх көрүү-истии ньымаларын төрүттээбит. Ону барытын сурунан, күннүгэр тугу көрбүтүн-истибитин бэлиэтэнэ сылдьара үһү.
1854 сыллаахха Крымскай сэрии үгэнигэр Флоренс Найтингейл бэйэтин кытта 38 сиэстэрэни уонна 15 таҥара үлэһиттэрин — монахинялары илдьэ миссия тэринэн, Великобританияттан Османскай империяҕа айаннаан тиийбит. Манна Скутари куорат казармаларын көрөн олус хомойор, хараастар, сэриигэ араас эчэйиини ылбыт саллааттар көрүүлэрэ-истиилэрэ мөлтөҕүн бэлиэтии көрөр. Онон манна кэлэннэр кинилэр аҥаардас гигиена ирдэбилин күүһүрдэн, бааһырбыттары көрүүгэ-истиигэ болҕомтону үрдэтэн, ыарахан сүһүрүүттэн өлүүнү 42% -тан баара суо5а 2%-ҥа диэри аччаталлар. Сиэстэрэлэр түүн сылайан охтубуттарын кэннэ, Флоренс Найтингейл лаампа туппутунан бааһырбыттары соҕотоҕун кэрийтэлиир эбит. Ол иһин кинини «Лаампалаах леди» диэн ааттаабыттар. Бу хайдахтаах курдук талан ылбыт идэҕэ бэринииний уонна ылсыбыт санааҕа, бэйэҕэ ирдэбилий?! Билигин санаатахха, киһи сөҕөр… Билигин бу улуу дьахтар төрөөбүт күнүгэр — ыам ыйын 12 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Мэдиссиинискэй сиэстэрэ күнүн бэлиэтиибит.
Сиэстэрэ идэтин баһылаабыт — Анастасия Кривогорницына
Оттон мин суруйуум дьоруойун өр сырыстым. Кини — мэлдьи солото суох, куруук ханна эрэ ыксыы сылдьар тиэтэллээх киһи. Оннук биир күн мин: «Анастасия Ильинична! Эн тускунан суруйуохпун баҕарабын. Көҥүллүүгүн дуо?» – диэн, эккирэтэн тиийэн ыйыттым. Онуоха Анастасия сүүрэн иһэн тохтуу биэрдэ, соһуйбуттуу көрдө уонна эйэҕэстик мичээрдээн толкуйдуу түһэн баран, сөбүлэстэ ээ, хата. Оттон киһим эмиэ сүүрэн хаалла, ханна эрэ ыраах ким эрэ ыҥырара иһиллэр: “Настя! Настя!” Кырдьык, Настяны куруук ким эрэ көрдүүр буолар, ким эрэ куруук киниэхэ наадыйбыт буолар. Бары Настяны көрдүүбүт, бары наадыйабыт, тоҕо диэтэргит Настя тугу барытын билэр-көрөр, тугу барытын сатыыр, тугу да көрдөстөххө аккаастаабат, мэлдьи наадалаах тылы булан этэр, тугу эрэ сүбэлиир, туохха эрэ кими эрэ үөрэтэр, куолаһын соноппот. Оннук киһи — биһиги Настябыт.
Анастасия Ильинична Кривогорницына 1-кы нүөмэрдээх Мэдисиинэ киинигэр «Отделение антенатальной охраны плода», ол эбэтэр төрүү илик оҕолору көмүскүүр отделениеҕа ыстаарсай акушерканан уонна УЗИ кабинетын сиэстэрэтинэн үлэлиир. Анастасия 1988 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Настя кыра оҕо эрдэҕиттэн миэдик буолар баҕа санаалаах этим диэн кэпсиир. Кыра эрдэҕиттэн куукулаларын эмтиир, укуоллуур, бэрэбээскэлиир эбит. Анастасия баара-суоҕа 12 саастааҕар тапталлаах ийэтэ ыарахан ыарыыттан суорума суолланар. Онон кыысчааны ийэтин бииргэ төрөөбүт быраата иитэ ылар.
«Ийэм бииргэ төрөөбүт балтылара бары миэдиктэр. Ол иһин миэдик буолар баҕа санааттан, 2005 сыллаахха Мүрү 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын химико-биологическай кылааһын бүтэрбитим», — диир Анастасия Ильинична. Оскуолатын бүтэрээт, кыыс Мэдиссиинэ Дьокуускайдааҕы кэллиэһигэр акушерка идэтигэр туттарсан киирэр. Бу үөрэҕин 2008 сыллаахха бүтэрээт, дойдутугар Уус Алдан Бэйдиҥэтигэр биир сыл ФАП-ка акушерканан ананан үлэлиир. Биир сыл үлэлээн көрөн баран, дьоруойбут үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсар баҕа санаалаах Дьокуускай куоракка кэлэр. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Мэдиссиинискэй институт ыстаарсай сиэстэрэлэри бэлэмниир салаатыгар ситиһиилээхтик туттарсан киирэр. Үөрэҕэ киэһээҥҥи буолан, Анастасия ол сылга медико-генетическэй консультацияҕа акушерканан үлэлиир. Ол үлэлии сылдьан ыстаарсай сиэстэрэлэр туох-хайдах үлэлииллэрин интэриэһиргээн көрөр-истэр эбит. Кини ол сылдьан ыстаарсай сиэстэрэ үлэтэ таһыттан эрэ көрдөххө судургу, ис иһигэр киирдэххэ олус уустук уонна эппиэтинэстээх, суолталаах үлэ буоларын бэлиэтиир. «Ити курдук киэһэтин үөрэнэн, күнүһүн үлэлээн, үксүгэр бэйэм отделением ыстаарсай сиэстэрэтин солбуйан, ыстаарсай сиэстэрэ сүрүн эбээһинэһин кыра-кыралаан үөрэтэн, баһылаан барбытым», — диэн Анастасия Ильинична кэпсиир.
«Ыстаарсай сиэстэрэ отделение сэбиэдиссэйин сүрүн солбуйааччытынан буолар. Ол эбэтэр кини отделениеҕа кыра уонно ортоку медперсонал үлэтин салайар, хонтуруоллуур, маны таһынан ыйдааҕы, кыбаарталлааҕы, сыллааҕы оччуоту оҥорор. Туох баар саҥа киирэр уларыйыылары, куйаар ситимин нөҥүө балыыһаларга киирэр анал бырагырамалары барытын аан бастакынан билэр, үөрэтэр уонна коллегаларын үөрэтэр-сырдатар киһи ыстаарсай сиэстэрэ буолар эбит. Бастаан утаа саллыах, ыарырҕатыах курдук буолааччыбын, «идэбин сөпкө талбыппын дуо?» диэн саарбахтыыр, мунаахсыйар санаалар киирэллэрэ. Онтон бииргэ үлэлиир дьонум, настаабынньыктарым өйөөннөр, быйыл ыстаарсай сиэстэрэлээбитим номнуо сэттис сылым буолла. Бу билигин үлэлии сылдьар «Төрүү илик оҕолору көмүскүүр отделением» баара-суоҕа 2020 сыллаахха аһыллыбыта. Саҥа отделение атаҕар турарыгар, үлэтин саҕалыырыгар, биллэн турар, элбэх уустуктар, ыарахаттар бааллара. Билигин дьэ кыра-кыралаан атахпытыгар туран эрэбит», — диэн Анастасия бэлиэтиир.
Анастасия Ильинична — тапталлах ийэ, кэргэн. Уола Аристарх үһүс кылааһы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн эрэр, оттон Аэлита — уһуйаан иитиллээччитэ. Кыра оҕолордоох киһи үөрэнэ-үөрэнэ үлэлииригэр ыарырҕатара ханна барыай? Манна барытыгар кини тапталлаах кэргэнэ Александр өйөбүл, тирэх буолар. Александр суоппар идэлээх, билигин эмиэ кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар. Эдэр дьон инникигэ былааннара элбэх. Анастасия бастыҥ хаһаайка, уран тарбахтаах иистэнньэҥ, кыра эрдэҕиттэн мааны куоластаах ырыаһыт буолар. Отделение иһигэр буолар туох баар тэрээһиннэргэ маҥнайгы кирбиигэ сылдьар тутаах үлэһитинэн буолар. Этэллэрин курдук, саха кыыһын бастыҥ баайа — майгыта. Бу олус сөптөөх бэлиэтээһин диэххэ наада. Биһиги дьоруойбутугар бу хаачыстыба баар. Анастасия төһө даҕаны эдэр буоллар, кини кэлэктиибигэр — убаастанар үлэһит уонна истиҥ дьүөгэ.
Түгэнинэн туһанан, Анастасия Ильиничнаны уонна бары идэлээхтэри бырааһынньыккытынан ис дууһабыттан эҕэрдэлиибин. Түбүктээх үлэҕит түмүктээх, сыралаах сырыыгыт сыаналаах буоллун, туруорбут соруккут туоллун!
Октябрина Голикова.
Хаартыскалары А.И. Кривогорницына тиксэрдэ.