Былыр былыргыттан сиэркилэҕэ сыһыан омугуттан тутулуга суох биир соҕус, ол — сэрэхтээх сыһыан. Тоҕо диэтэр, сиэркилэҕэ сыһыаннаах үтүө да, мөкү да, кутталлаах да бит-билгэ балачча элбэх. Бүгүн интэриэскэ диэн, олортон сороҕун билиһиннэрэбит. Итэҕэйэргит-итэҕэйбэккит, ылынаргыт-ылыммаккыт — биллэн турар, бэйэҕит көҥүлгүт.
Көрбүөччүлэр, айдарыылаахтар бэлиэтииллэринэн, сиэркилэ көстүбэт эйгэҕэ тиэрдэр портал буолар. Онон, киһи сиэркилэ иннигэр туран, хайдах туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ, саҥарара барыта туох эрэ содуллаах буолуон сөп эбит.
Ол курдук, сиэркилэҕэ киэһэ, ордук түүҥҥү өттүгэр көрүнэ сатаамаҥ дииллэр. Бу кэмҥэ киһи дууһатын, олоххо тардыһар күүһүн оборон ылааччылар күүһүрэллэр үһү. Ордук кутталлаах бириэмэ — түүн 23.00-03.00 чааска.
Аны туран, сиэркилэ иннигэр туран, ыыс-бурут, үөхсэр, маатыралыыр, куһаҕан тылы-өһү таһаарыа суохтааххын. Тоҕо диэтэр, куһаҕан тыл энергетиката киһиэхэ мөкүнү тардан ылар.
Көрүнэ туран, бэйэҕин намтатар, түһэринэр, сэмэлиир, кыыһырар тыллары эмиэ этиэ суохтааххын — сиэркилэ ону барытын иҥэринэн, төттөрү бэйэҕэр ыытар, хас эмит төгүл күүһүрдэн. Ол-бу кыһалҕаны, иэдээни, эрэйи-муҥу эмиэ этиниэ-саҥарыа суохтааххын.
Ол оннугар көрүнэ туран, бэйэҕин хайгыыр, үчүгэй өрүттэргин бэлиэтиир, санааҕын эгди оҥорор тыллары этиэхтээххин. Онтуҥ харысхал курдук буолар.
Маны тэҥэ, сиэркилэ иннигэр аһыыр көҥүллэммэт: итинэн киһи бэйэтин доруобуйатын, өйүн, кэрэ сэбэрэтин «кэрбэнэр», сиир».
Өссө биир сэрэтии: кыһыл оҕону сиэркилэҕэ көрдөрбөт буолуҥ, ордук — 5 ыйыгар диэри. Оҕо кута-сүрэ бөҕөргүү илик буолан, куһаҕан тыынтан харысхала, көмүскэлэ суох.
Санаарҕаабыт, ыарахан санааларга баттаппыт, хомойбут-хоргуппут, ытыы-соҥуу, ыалдьа сылдьар кэмнэргэр эмиэ көрүммэт ордук. Ол мөкү энергетика барыта бэйэҕин утары туһуланар.
Аны туран, сиэркилэҕэ тэҥинэн икки, иккиттэн элбэх киһи көрүнүө суохтаах диэн уруккуттан биллэр бэлиэ баар. Оннук көрүнэ туран, биллибэтинэн атын киһи дьолун, уйгутун, ситиһиитин былдьыахха сөп.
Улахан куттал хайа барбыт, алдьаммыт сиэркилэттэн суоһуурун киһи барыта билэр буолуохтаах. Оннук сиэркилэ бытархайдарыгар көрүнэ туран, киһи энергетиката хас да гына хайдар, ол киһиэхэ куһаҕаннык дьайар.
Сорохтор, бэл диэтэр, сиэркилэ ол-бу киэргэллээҕин, оһуордааҕын-мандардааҕын утараллар эбит. Сиэркилэ бэйэтэ толору буолара ордук.
Маны тэҥэ, утуйа сытар киһи сиэркилэҕэ көстөрө отой бобуллар. Киһи утуйдаҕына, букатын көмүскэлэ суох буолар. Уонна киһи куһаҕан, кутталлаах түүллэри түһээн, баттатыан сөп.
Ыарытыйбыт, ыалдьа сытар киһи сиэркилэҕэ көрүннэҕинэ, ыарыыта өссө бэргиир. Өтөрүнэн үтүөрэн быстыбат.
Онтон өскөтүн сиэркилэҕэ киһи утары турар хаартыската көстөр буоллаҕына, ол далаһа, көрүдүөр курдук буолан, анараа дойду күүстэрэ киһи энергиятын супту оборон ылыахтарын сөп.
Киирэр аан утары турар, ыйаммыт сиэркилэ эмиэ оннук дьайыылаах, дьиэҕэ куһаҕан тыыны киллэриэн сөп. Онон, истиэнэ утары ыйанара ордук.
Былыргы, тас көстүүлэринэн сиэдэрэй оҥоһуулаах-ойуулаах сиэркилэлэр бэйэлэрин уһун үйэлэригэр үтүмэн элбэх киһини көрбүт буоланнар, олус кутталлаахтар, сэрэхтээхтэр. Итинник сиэркилэлэри атыылаһыахтааҕар буолуох, олох көрүммэт ордук.
Сиэркилэ кистэлэҥэ, битэ-билгэтэ өссө да элбэх. Киһи аймах ону арыйан иһиэхтээх. Ону сэргэ, олоххо сиэркилэҕэ сыһыаннаах хомолтолоох түбэлтэлэр баар буолуохтаахтар. Ааҕааччыларбыт, оннук чахчылары билэр буоллаххытына, комментирийдарга суруйуоххтун сөп.
Сиэркилэлэргэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, үчүгэй эрэ настарыанньалаах көрүнүҥ!
Хаартыска: интэриниэттэн.