“Түҥ” учаастак аатын курдук түҥ* буоллаҕа, ол эрэн, бэйэтин кэмигэр, дэриэбинэ аатын толору сүгэн, ньиргийэн-ньаргыйан, чэчирии сайдан “Түҥ дуо” дэтэ сылдьыбыта. Сэбиэскэй тутул эстэн, олох айгыраан, кыанар-сэниэлээх өттө киэҥ сиргэ талаһан, дэриэбинэ иччитэхсийбитэ. Сопхуостар суох буолуохтарыттан, дьон кэтэх хаһаайыстыбанан барбыттара. Сүөһү, сылгы аччаан от үрэх оттонор ходуһалара сэтиэнэҕинэн бүрүллүбүттэрэ, талаҕынан саба үүммүттэрэ.
Биэс оҕолоох уһуйааннаах, аҕыс оҕо үөрэнэр алын сүһүөх оскуолалаах. Биэлсэрскэй пуун баара үлэлээбэтэҕэ хас да сыл буолла. Билигин ол дьиэ түннүгэ-үөлэһэ алдьанан, иччитиэхсийэн турар. Түҥкэтэх сир буолан, ким да үлэлии кэлиэн баҕарбат. Хараастыылаах.
Киин сири кытта сибээс – сайынын уунан эрэ баар. Кыһын сырыы аҕыйах буолан, суолларын тибии тибэн айан суола суох, онон кыһалҕалаахтар бураанынан сылдьаллар. Диизэлинэн үлэлиир ыстаансыйа дьыл оройуттан, уматыга бүтэн, түҥ былыргы олох эргийэр.
“Түҥҥэ” түҥ былыргыттан дьон-сэргэ сөбүлээн олохсуйбут сирэ. Дьикти-кэрэ айылҕата, булда-аһа икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи умсугуппут ахан сир. Төрүт уус дьон бары булчуттар. Ыраас салгын, сибиэһэй ас дьон олоҕун биллэрдик уһатар. Орто саас манна 80-90 буолар. Саастарын тухары балыыһа диэни билбэттэр. Эми айылҕаттан ылаллар. От-мас, кыыл-сүөл бары, кинилэр өлбөт мэҥэ ууларыгар тэҥнээх. Дьиҥнээх айылҕа оҕолоро.
Айылҕаны дьиэлэрин курдук харыстыыллар. Сиэри-туому эҥкилэ суох тутуһар буоланнар, көмүс хатырыктаах, үрүҥ-хара түүлээх кэмнэнэн бултаныллар. Улахан булду киһини матарбакка үллэрэллэр. Булт бэрэбиэркэтэ манна кэлбэт. Айана эрэйдээх уонна бас-баттах сиэри таһынан бултаабаттарын билэллэр.
***
Айылҕа силигилии чэчирээн сайдан ахан турар. Чыычаахтар күргүөм* ырыалара, кэҕэлэр куоталаспыттыы кэҕийэллэрэ – кэрэ кэм эргийбитин кэрэһэлиир**.
Өрүс чуумпу ньуурун, мотуордаах оҥочо сүр эҥсилгэннээхтик силэйэ тыыран, балысхан баалы үөскэтэн иннин диэки дьулуһар. Оҥочоҕо үс киһи, туохха эрэ үөмэн эрэрдии, бүк түһэн олороллор. Сырдык хааннаах, ас-үөл иҥмэтэх дьарамай, кубаҕай дьүһүннээх, саас ортолоох киһи айылҕаны абылаппыттыы одуулуур. Олохтоох уолаттар, Бааска уонна Хаанньа өрүкүйбүттэрэ сүр. Дьокуускайтан кэлбит күндү ыалдьыт, арыгы испэтэхтэрэ ырааппыт уолаттарга, аһыы утаҕынан төбөлөрүн эргитэн, муора тобуктарынан, халлаан хабарҕаларынан буолбут. Дьаллараҥнаһан**, мээнэнэн көрбүттэр, тугу барытын тоҕо солуохтуу сытыылара киирбит. Ол да иһин, бу, сиэргэ баппат быһыыга туруннахтара.
Алдьатыылаах “ас” арыгы төбөлөрүгэр дьайан, уһуну-киэҥи толкуйдаабат буолбуттар. Ыппыт охтуу баран иһэр оҥочо, эмискэ туора салаллаат от үрэҕинэн өрө өксөйөн, баллар баалларынан кытылга охсуллан түҥ ойуур диэки бара турда.
Үрэх тоҕойугар, харыйа былаастаах ойуур саҕатыгар, дэбигис харахха көстүбэт үүтээҥҥэ айанньыттар чуо кэлэн тохтоотулар. Бу, Бааска уол бултуур ыыра. Кинилэр аймах хаһыс көлүөнэттэн манна бултууллара биллибэт. Ахтылҕаннаах сиригэр кэлбиччэ, Бааска түөһүн муҥунан сибиэһэй салгыны эҕирийбэхтээтэ, кырдьаҕас тэҥкэ тиити кууһан тура түстэ, хайдах эрэ хараастыбыт* курдук буолан ылла.
Күн төһө да үөһэ турдар, бүгүн ханна да барбакка – чалбараҥ* тэрийэр буоллулар. Эбии арыгылаан кинилэртэн ордук киһи суох буолла. Хаанньа холуочуйан баһа** босхо барбыт. Эмискэ төлүтэ биэрэн, бөтүгүрээн саҥарар бэйэтэ, биирдии тылы нэһиилэ төлө биэрэр буолбут. Баттаҕа арбайбыт, харахтара эрилиспиттэр, хара бараан бэйэтэ, көлөһүн аллан, сирэйэ оҕунуохха умньаммыт курдук. Хаанньа кэргэн, оҕо-уруу, дьиэ-уот, сүөһү-ас бөҕөтө, 40-нээх киһи. Сааһыгар улахан бултка дураһыйбат. Билбитэ эрэ – балык. Балык сырыытын эндэппэккэ билэринэн – тэҥнээҕэ суох. Ол да иһин, дьоно-сэргэтэ таптаан “Күөх Боллох” диэн ааттыыллар.
Куорат киһитэ Уйбаан, бу түҥ дойду баһыгар, иирэ байбыт дьон сорудахтарынан, эһэ оҕотун тутан илдьэ барар сыаллаах кэлбитэ. .Маннык дьыалаҕа сиэри-туому тутуһан олорор олохтоох дьон иннинэн сөбүлэспэттэрин билэр буолан Бааскалаах, Хаанньаны арыгы иһэрдэн тылларын ылла. Дойдуга – харчы, манна – арыгы тойон.
Өйдөрүн сүтэриэхтэригэр дылы арыгылаабыт дьон, сарсыарда сирэй-харах салбаҕыран, сэниэ-сээбэс эстэн тымныы ууну киллиргэтэртэн**орпотулар. Уйбаан дьонноро аккаастаныах курдук буолбуттарыттан, арыгы иһэрдэн, дэлби киһиргэтэн, чэпчээбит дьон айаҥҥа туруннулар.
Бааска бу эҥэр тыһы эһэ баарын билбэтэ кэлиэ дуо, хас да сыл бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэккэ, суолларын туора хаамсыбакка сырыттылар. Бааска 30-тан тахсыбыт, сулумах, булчут ааттааҕа киһи. Саас эһэтэ арҕахтан оҕолонон-урууланан, быстан-ойдон тахсарыгар балыгынан өл хаптаран сэниэ киллэртэрээччи, күһүнүн куһунан күндүлээччи. Бааска соҕотох оҥойор айаҕар төһө бэйэлээҕи сиэҕэй, онон эһэтинээн үллэстэллэр. Эһэ да, киһи үтүө сыһыаныгар хардаран, арааһынай айан эһэлэригэр киһитин үүтээнин тыыттарбат, үрэххэ уу баһар далаһатыгар кус өлүүлүүр. Быйыл икки оҕолонон – үөрүү үлүскэнигэр куустаран сылдьар.
Бааска төһө да холуочуйдар, сыыһа суолга туруммутун ис дууһата сөпсөспөккө иһэр. Онон эһэни таба хаампакка буола сатаан, хой баһынан*** эргитэр санаалаах. Күн ортото, өлүү түбэлтэлээх, эһэ бултуу барарыгар оҕолорун маһынан баттаппыт сирин таба хаамтылар. Олохтоох уолаттар, өйдөөбөтөхтүү бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр, иэдээн буолан эрэрин сүрэхтэринэн сэрэйэн тылларыттан маттылар. Уйбаан үөрэн – харыс үрдээтэ.
Санаалыын самнан турар уолаттары эр-биир санныларын таптайда. “Маладьыастар,” – диэн тыл бастыҥынан хайҕаата. Эһэ оҕолорун сарылаппытынан саҕаларыттан харбаат, куулга симэтэлээтэ уонна алдьархай ааҥныы илигинэ суолларын көннөрдүлэр.
***
Түөртүүр ыам саҕана, иһэ дээдэйэн*, ыанньыйбыт ийэ эһэ ахтылҕаннаах оҕолорун аһата охсоору, атыҥҥа аралдьыйбакка бэйбэрэлээн иһэн икки атахтаах суолун таба тайанна. Сытыттан икки атын урааҥхай сыта баарын биллэ. Ийэ барахсан сүрэҕэ бэрт бөрүкүтэ суоҕу таайан бүллүргэччи тэптэ. Хааһаҕы быраҕаттаабыттыы сүүрэн, тэппит атаҕын кубулуппакка, оҕолорун хаалларбыт сиригэр тиийбитэ доҕоор… Бастаан көрбүтүн итэҕэйбэккэ, оҕолорун баттаппыт маһын аннын сытырҕалаан көрдө. Эмискэ, чэмэлийэн турбут күнэ кытарымтыйда, харахтара өһөхтөөх уотунан сириэдистилэр, арҕаһын түүтэ адаарыйан таҕыста, часкыйа-часкыйа сири сырбаталаата, сарайбыт тыҥырахтар сир кырсын логлорута тардан ыраах элиттилэр, оҕолорун баттаппыт маһын сулбу тардан ылаат, туох түбэһиэх саайталаата. Силбиэтэнии кытаанаҕыттан үүнэн турар мастар хатырыктара сулланна, мутуктара урусхалланна. Көй салгыҥҥа чыычаах ырыата иһийдэ, айылҕа чуумпурда. Арай оҕолорун сүтэрбит ийэ эһэ аймалҕана, аар тайҕаны аймаата. Дьулаан көстүү…
Хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри кыыһырбыт эһэ, сыраана саккыраабытынан, тыла былас түспүтүнэн үүтээҥҥэ ойуолаан кэллэ. Үрэххэ ыстанан киирдэ, салгыны сытырҕалаамахтаата. Оҕолорун таба туппатах абаккатыгар, хаһан эрэ Бааскаҕа өлүүлээн хаалларар далаһатын урусхаллаата, үүтээҥҥэ ыстанан кэлэн часкыйа-часкыйа киһи олорбот гына үнтү сыста. Онон уоскуйан хаалбакка, тыын да ылар бокуойа суох дьон олорор сирин диэки, оту-маһы барчалаан ыстана турда.
Сотору буолаат, чуумпуран турбут айылҕа, туох да буолбатаҕыныы чыычаах ырыатынан туолла, кыыллар-көтөрдөр оҕолорун биэбэйдиир аакка бардылар, арай элиэ, бүгүҥҥү аймалҕан тугунан түмүктэнэрин билэрдии, кый үөһээ модун кынаттарын сараадытан, көтөн дайаара сырытта. Күн арҕаалаан кытара кыыста.
***
Эйэ дэмнээхтик олорбут кыра дэриэбинэ, бүгүн ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы өрө оргуйа түстэ, баардара суохтара биллибэт, наар күлүгү батыһан, сыта мээрик буолбут, булчут ыттар эһэ оҕолорун сытын билэн, арҕастарын туруоран, өрө маргыһан, киһи көрө дьулайар киэбин ылыммыттар. Бааска ампаарын тула кытаанах ампаалыктаһыы. Сиэргэ баппат быһыы үөскээн – дьахталлар айахтара кытаран олорор. Итирик дьон дьахталлар саҥаларын аайы кыһанан бэрт, хата киһиргэс оҥостоллор. От кэмин үлүскэнэ буолан эр дьон сиргэ хоно-өрүү оттуу сылдьаллар, онтон атын Бааскалааҕы моһуораларын көннөрөллөрө хааллаҕа…
Баанньыска төрдүс кылаас үөрэнээччитэ, үөрэҕэр хоп курдук. Икки эдьиийдээҕэ улуус киинигэр үөрэнэллэр. Эдьиийдэрэ киэҥ сир туһунан кэпсээннэрин үлүбээй истэн эрэ кэбиһэр. Баанньыска дэриэбинэтиттэн тэйбэтэх буолан, “мантан кэрэ дойду баара буолуо дуо” диэн санаан да көрбөт. Манна барыта бэйэҥ киэнэ, санааны кынаттыыр кэрэ айылҕаҕа көҥүл дуолан олох, ыраас-чэбдик салгын, сөтүөлүүргэ күлүмүрдэс уу. Уол кырабын дэммэт, биэс сааһыттан аҕатыныын илимнэһэн, кустааһыҥҥа тэҥҥэ дээдэйэн* — улаатан энньэликтэһэн тымырын устун булчут хаана сүүрбүтэ ыраатта. Биир уостаах 16-лаах саанан кимнээҕэр кыраҕытык ытар. Өбүгэ саҕаттан, ким да былдьаспат, улар охсор сирдээхтэр. Аҕата ону Баанньыскаҕа анаабыта, онон сааһын тоҕуулаан* дьоно киэһэ күөстэнэллэрин булан үөрдэр.
Түҥ бөһүөлэгэ сүүрбэччэ эрэ ыаллаах. Бары булчуттар буолан, кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ булт эрэ туһунан, онон оҕолор булт суруллубатах сокуонугар, сиэргэ-туомҥа кыра эрдэхтэриттэн уһуйуллаллар. Аһыыр эбэлэригэр, андытыгар тиийэ, кус арааһа сымыыттаан, күһүн хара болуот курдук усталлара көрүөххэ дьикти үчүгэй. Кустары уйгуурдан ким да сааны эспэт, бэл ыттар кус оҕолооботтор. Кус сымыыт баттыыр кэмигэр улахан тыаһы таһаарбакка гына сатыыллар, оҕолор да ону бэркэ билэр буоланнар – ити кэмнэргэ чуумпураллар. Барыта сиэр быһыытынан.
* * *
Ийэ эһэ төһө да адьырҕатын киллэрдэр, бөһүөлэккэ киириэн толунна. Мыраан үрдүттэн кэлбити-барбыты маныы сытта. Көхсүн иһэ күп-күрдьүгүнэс, өр тулуйан сыппата. Туох да кыһалҕата суох мэччийэ сылдьар сүөһүлэргэ, хааһаҕы бырахпыттыы, аҕыйахта ойуолаан кэлээт, Хаанньа тыһаҕаһын сиһин тосту охсон кэбистэ. Тыһаҕас эрэйдээх харахтарын эриэнинэн көрбүтүнэн, орулаабытынан баҕалыы сыыллан хаалла. Нэс баҕайы сүөһүлэр өйдөөбөккө да хааллылар. Тыһаҕас өлөр орулааһыныттан өй ылан дэриэбинэ диэки тилигирэһэ турдулар.
Дэриэбинэҕэ ынахтар орулааһыннара, ыттар үрүүлэрэ, дьахталлар сарылааһыннара өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолла. Өтөр-наар буолбатах айдаантан, бэл дьүлэй Наһаар оҕонньор истэн, дьиэттэн алтахтаан тахсан, чарапчыланан көрөн турда. Адьырҕа оҕолорун эккирэтэн кэлбитин бары биллилэр. Эһэҕэ сааны эһиэх айылаах киһи суоҕа кутталы өссө үөскэттэ. Тыллаахтара Мааппа:
— Эһэ оҕолорун ыыталаан кэбиһиҥ! Эһэ барыбытын тыыннаахтыы тутуоҕа! – дьахтар кутталыттан сүрэҕин тутунна.
— Эһэ оҕолоро Бааска ампаарыгар хаалла сыталлар. Барыаххайыҥ онно! – саастарынан аҕалара, оттомноохторо Кэтириис эппитигэр, бары Бааскалаахха сууллан* тиийдилэр. Көмүскэнээри атырдьах, мас ылбыттар. Бааскалаах, Хаанньа итирэн утуйа сыталлар. Эһэ оҕолорун ыыталаары гыммыттарыгар, куорат Уйбаана, холуочугар тэптэрэн “бэйэтэ эһэ тириитин кэтэн”,** саанан үөһэ ытыалаан дьахталлары куоттартаата. Икки уот икки ардыгар түбэспит дьахталлар мээнэ тылга тииһэ сырыттылар. Киһи наадыйдаҕына, биир да отчут өйүө ылына кэлбэт буоллаҕа…
* * *
Киэһээҥҥи ыам бүттэ. Дьахталлар эһэ буруоҕа кэлиэ суоҕа диэннэр, түптэ бөҕө оҥордулар. Сүөһүлэри далга хаайдылар. Эсэһит ыттар бааллар, онон эрэллэрэ – ыттарга. Ыттар да бултаабаттарын билэн эрдэхтэрэ. Булка күөртүүр иччилэрэ суох буолан, арҕастарын түүтүн туруоран, халдьаайы диэки көрө-көрө үрэллэриттэн тойонноотоххо, Баанньыска Куолуктуун дьахталлар утуйбуттарын кэннэ, эһэ оҕолорун ыытарга былааннаннылар. Ыттары тутан баайталаатылар, хата, булчут ыттар барахсаттар истигэннэрэ, сымнаҕастара бэрт буолан үлэлэрэ судургутуйда. Аны ампаары аһыы – саллыы диэтэҕиҥ. Бааска күлүүһүн тылын моонньугар иилинэрин бары билэллэр. Өссө күлүү-элэк оҥостооччулар:
— Ампааргар кылааттаах буолан хатыыгын дуо? – диэн. Этэр эттэҕинэ, эмиэ да сөп курдук. Манна хаһан да дьиэ-уот хатаммат… Уоруу диэни төрүт билбэттэр.
Маннааҕы сиэринэн, дьиэ иһиттэн хатамматах. Уолаттар аргыый сыбдыһан киирдилэр, сүрэх тыаһа истиэнэ чаһытынааҕар улаханнык иһиллэр курдук. Куолук Баанньыскаттан биир сыл балыс. Сытыы, сылбырҕа уолчаан эрээри, бу түгэҥҥэ кутталыттан сыҥааҕа түһэн, харахтара төгүрүһэн хаалбыттар. Баанньыска атын кэмҥэ күлүөх эбит да, үөскээбит тыҥааһыннаах быһыы куттала баһыйда. Итирик дьон хаһыҥыраһаллара, куорат киһитэ хабырынара, Хаанньа эргийэн орону хаачыгыратара иитиллэн турар айаны санатар. Куолук ааҥҥа туран хаалла, төттөрү ойорго бэлэм. Баанньыска кэтэҕэмэйдээн тура түстэ, онтон синим биир диэбиттии, супту Бааскаҕа тиийдэ. Салыбырас илиитинэн, бүк тутуллар быһаҕынан күлүүс тылын быатын быһа баттаата, субуйа тардаат таһырдьа ыстанна. Кыратык тура, уоскуйа түстүлэр. Ампаары аһаат, кууллаах эһэ оҕолорун ылаат, халдьаайы диэки сырыстылар. Биир кутталы мүччү түһээт – киҥэ-наара алдьаммыт адьырҕа айаҕар баран эрэллэрин маҥкыларыгар** оҕустарбатылар. Өйдөрө-санаалара эһэ оҕолорун быыһыырга түмүлүннэ.
— Тохтооҥ! – түүҥҥү нуурал чуумпуну дьахтар хатан хаһыыта уйгуурдан, ой дуораана буолан, хайаларга охсуллан дуораһыйа турда. Уолаттар сиргэ тоһоҕоломмут курдук, эмискэ тохтуу түстүлэр. Куолук ийэтэ Сүөкүччэ ыҥыыр атынан бу битигирэтэн кэллэ. Сүөкүччэ түргэн-тарҕан туттуулаах, эр киһи үлэтэ диэн көрөн турбат, отуччалаах хоһуун дьахтар. Харабыыны туора сүкпүтэ дөссө эр хаанныыр:
— Акаарылар! Эһэҕэ өлө баран эрэҕит дуо?! – уонна эппиэт күүппэккэ, кууллаах эһэ оҕолорун сулбу тардан ылла. Эһэ сытын ылбыт ат, хаһыҥыраат кэннинэн тэйбэхтээтэ, икки кэлин атаҕар турда. Үүнүн ытыраат, төбөтүн булкуйа-булкуйа кырыытынан сүүрбэхтээтэ.
— Барыҥ, дьиэҕитигэр! – буруйдаммыт уолаттар дьиэлэрин диэки тилэхтэрэ хараара турда. Сүөкүччэ кыыла туран уйуһуйбут аты халдьаайы туһаайыытынан салайаат, тиҥилэхтээн кэбистэ. Ат буутайдыах курдук буолан иһэн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы кырыытынан лаһыйан туос бөтөрөҥүнэн түстэ. Сүөкүччэ алааска тумустаан киирбит тыаҕа чугаһыан куттанан, атын тохтотто. Хайыыбын диэбиттии эһэлэрин оҕолорун көрөн ылла. Ат адьырҕа сытын ылан, таныытын тардырҕатта. Тумустаан киирбит тыаны көрө-көрө кулгаахтара чөрөстүлэр, харахтара күлтэстилэр. Сүөкүччэ эһэ ити тыаҕа кирийэн сытарын сэрэйдэ. Эһэ оҕолорун сарылаппытынан куултан таҥнары сүөкээт, атын эргилиннэрээт, быһа биэрэн кэбистэ. Дьөһөгөй оҕото барахсан өлөр өлүү айаҕыттан куотардыы, туох баарынан түстэ. Ат сиэлэ бураллан, кутуруга субуллан, көтөн эрэрдии дайда. Сүөкүччэ иҥэһэтигэр туран, салгыны хайытардыы хаптайан хаалла. Түргэн айантан уһун суһуоҕа субулунна, былаачыйата тэлээрдэ, хараҕыттан уу бычалыйда. Сытыы баҕайытык “атым эрэ бүдүрүйбэтэр” дии санаата. Кэннин хайыһан көрбүтэ, эһэ оҕолорун ылан тыа диэки түүтэхтэнэн* эрэллэр эбит. Сүөкүччэ атын сыыйа тохтотто. Ааспытын кэннэ куттаммытын дьэ биллэ. Сап-салыбырас буолбут, сүрэҕэ өлөхсүйэн хотуолуох курдук буолла. Атыгар Ураанньыкка махтанан, моонньун таптайбахтаата. “Арай аттан сууллубут буолуум,” – диэн ынырык санаа өйүгэр охсуллан ааста. Оҕолорун, кэргэнин санаан ытамньыйан ылла.
Эһэлэр халыҥ хаххаларыгар, суон дурдаларыгар тыа саҕатыгар тиийдилэр. Ийэ эһэ икки атаҕар туран, Сүөкүччэни одуулаата уонна оҕолорун иннигэр уктан тыаҕа киирэн сүтэн хааллылар.
— Барахсан, оҕолорун туһугар… – Сүөкүччэ аһыммытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
* * *
Бу айдаан кэнниттэн Түҥ дэриэбинэтэ үүт тураан** олоҕор эргиллибитэ. Оттон эһэ оҕолорун да ылан уоскуйбатаҕа, майгыта алдьаммыта. Оҕолорун эмиэ икки атахтаахтары абааһы көрөргө үөрэппитэ, онон кинилэр ыырдарыгар сылдьар кутталламмыта…
Бэрээдэги кэстэххэ, суут-сокуон бултуургун бобор, сааҕын-сэпкин былдьыыр, оттон сиэри-туому кэстэххэ, олоҕуҥ да айгырыан сөп. Бу түгэн кэнниттэн Бааска бултуур быраабын ким да быспатаҕа. Ол эрэн, оҥорбут аньыытыгар тыаҕа тахсара күөмчүлэммитэ. Өһүөннээбит эһэ сонордоһоро кыра, Баай Барыылаах Байанайы кэлэтии – хаһан да бырастыы гыныллыбат.
Бааска арыгытын тамты бырахпыта. Улуус киинигэр көспүтэ. Быстах-остох үлэлэр кинини аралдьыппатахтара. Көҥүл-дуолан айылҕатын суохтаан, иинэн-хатан, чүмэчи курдук умуллан барбыта.
Иннокентий Попов-ОҔУРУОТТААХ.
Түҥ* — суола-ииһэ, сайдыыта суох үрэх баһа сир
Күргүөм**- элбэх чыычаах тэҥинэн ыллааһыннара
Кэрэһэлиир* — туоһулуур
Дьаллараҥнаһан** — киһиргээн
Хараастыбыт* — хомойбут
Чалбараҥ**- аһааһын-арыгылааһын
Баһа**- төбөтө
Киллиргэтэртэн** — иһэртэн
Хой баһынан*** — ырааҕынан
Тоҕуулаан* — туһахтаан
Сууллан** — тоҕо ааҥнаан
“Бэйэтэ эһэ тириитин кэтэн”* — кыыһыран
Эһэ арахпаттыы аараабыта* биллэр.
Түүтэхтэнэн* — сүүрэн
Үүт тураан** — чуумпу
Аараабыта* — тохтообута
Маҥкыларыгар** — өйдөрүгэр