Сиэннэр тэлгэһэлэригэр «кустууллар»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, дьиэҕэ олорор кэмҥэ үгүс дьон араас дьарыгы тобулаллар.

edersaas.ru

Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Валентина Прокопьева бэйэтигэр сарыы сону тиктэн, эбээн норуотун култууратын киэҥник көрдөрөн, тарҕатан, араас тэрээһиннэргэ кыттар, дьону бэйэтэ тикпит сарыы таҥаһынан сөхтөрөр.

Дьиэҕэ олорор кэмҥэ бэйэбэр туһалаах араас дьарыктаахпын. Ол курдук, иккис сарыы көстүүм тиктээри, таба тириитин кыппалаан, тирии имитээри бэлэмниибин. Сылаалаах үлэни төһө өр оҥорорум биллибэт, — диэн кэпсиир Валентина Николаевна.

Дьаҥтан куоттаран, сиэннэрин киин куораттан Томторго аҕалбыта үһүс ыйыгар барда. Онон сиэнэ кыыс иккис кылааһын тэйиччиттэн олорон, туйгуннук үөрэнэн бүтэрдэ. «Оҕобутун кытта икки саастаах сиэн уолчаанныын, эһээлиин — бары суулаһа сылдьан үөрэннибит«, —  диэн күлэр дьоллоох эбээ. Онон үөрэхтэрэ үтүө түмүктээх буолан, дьиэ кэргэн үөрэн-көтөн, Ньукуолуну хотойор астаах остуоллаах көрүстүлэр.

Бу манан бүппэт. Валентина Прокопьева сиэннэрин Ньукуолун иннинэ  тиэргэнигэр «бултаппыт».

Сиэннэрин дьаарбата таарыйа, биир күнү анаан кус булдугар анаабыттар Ол курдук, эбээ  булт туһунан сиэри-туому оҕолоругар анаан кэпсээбит, тиэргэнигэр «Булчуттар» диэн оонньууну тэрийбит.

Онон бу күн куорат оҕолоро «кустаан» улаханнык дуоһуйдулар. Ити курдук, саха төрүт үгэһигэр сыһыаннааҕы оҕону кыратыттан оонньуу быһыытынан иҥэрии — бэртээхэй үөрэх эбит!

«Ньукуолун күнүнэн эҕэрдэ!» диэн ыыппыт хаартыскаларын Валентина Прокопьева дьүөгэлэрэ олус астына көрдүлэр, үөрдүлэр.

Бу дьиэҕэ олоро эрэмсиими маннык туһалаахтык атаарыы биир үтүө холобура.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0