1980 сыллар ортолоро-1990-c cыллар саҥалара. “Мин сахабын” диэн өйдөбүл саҥа уһуктан эрэр кэмэ этэ. Онуоха “Чороон”, “Чолбон”, “Айтал” уо.д.а. бөлөхтөр киһини үрдүккэ көтүтэр, сүрэҕи өрүкүтэр толоруулара, этэргэ дылы, улук уубутуттан уһугуннарбыттара, сахалыы тыыммытын иһиллииргэ, куппутун бөҕөргөтөргө ыҥырар курдуктара. Сүтэрбиппитин булбут, өбүгэлэрбит тыыннарын уһатарга ананан күн сиригэр кэлбиппитин дьэ, дьоһуннаахтык өйдөөбүт курдук буолбуппут. Кинилэртэн “Ай-Тал” бөлөх билигин – саха этническэй ырыатын, дэгэрэҥин, рок-муусукатын омук сиригэр аан бастакынан билиһиннэрбит саха эстрадатын биир бастыҥтан бастыҥ бөлөҕө.
Сахаҕа удьуордааһын диэн улуу күүс баар. Бу аан дойдуга сураҕырбыт саха бөлөхтөрүн удьуордаан, күн бүгүн саҥаттан саҥа талааннар үлэлии-хамсыы сылдьаллара – бу суолу бастакынан тэлбит, үөһээ ааттаабыт бөлөхтөрбүт ырыаһыттарын ситиһиилэрэ уонна дьоллоро. Ол эбэтэр, кинилэр ааттара-суоллара эрэ буолбакка, үлэлэрэ-хамнастара кэнчээри ыччакка бэриллэ турарынан, ситим быстыбатынан кэрэхсэбиллээх.
Оттон биһиги бүгүҥҥү кэпсэтиибит хаан-уруу аймаҕы удьуордааһыны кытта ситимнээх. “Ай-Тал” бөлөх уус-уран салайааччыта, матыып айааччы Юрий Николаевич Спиридонов-Сиэн Тиитэп хантан хааннаах, кимтэн кииннээх киһитин эдэр дьоҥҥо билиһиннэриэххэ диэтэххэ, кэрэ кэпсээн бэйэтэ ситимнэнэн тахса туруох курдук.
Талаан – норуокка
Билэрбит курдук, “Айтал” бөлөххө биир дьиэ кэргэнтэн үс киһи баарын оччоттон-баччаҕа диэри сөҕөн-махтайан, сэҥээрэн, сэргээн кэллибит. Бастатан туран, Бүлүүчээнтэн силис-мутук тардыылаах Спиридоновтар улаханнара Александр Николаевич Спиридонов – СӨ үтүөлээх артыыһа, муусукаан, “Айтал” бөлөҕү төрүттээччи, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох саксофонист. Александр аан бастаан 1965-66 сылларга биллиилээх суруналыыс, успуорт комментатора Вячеслав Степанов салайбыт оркестрыгар сылдьан муусуканы истэргэ үөрэммитэ. Кыра эрдэҕиттэн ханнык баҕарар муусука үнүстүрүмүөнүгэр оонньуу улааппыта.
Александр Николаевич кыһамньытынан 1968 сыллаахха “Кырыымпа” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы вокальнай-инструментальнай ансаамбыл баар тэриллибитэ. Онно Валерий Коротов, Анатолий Генеров, гитарист Анатолий Степанов, кулууп уус-уран салайааччыта Александр Лебедянцев кыттыһан, сүбэлэрин-амаларын холбообуттара. Онтон Саха судаарыстыбаннай университетыгар омук тылын факультетыгар үөрэнэр кэмигэр Егор Третьяковтыын тэрийбит “Сэргэлээх уоттара” вокальнай-инструментальнай ансаамбылларынан өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Сэбиэскэй сойууска элбэхтик гостуруоллаан, саха ырыатын муусука үнүстүрүмүөннэрэ доҕуһуоллаах киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара.
1978 сыллаахха Сунтаарга тэрийбит “Ыһыах” вокальнай-инструментальнай ансаамбыла Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ бастакынан “норуот кэлэктиибэ” ааты ылбыта. Муусукаҕа бэйэтин көрдөнө сылдьар, ол эрэн айар үлэ абылаҥар ылларбыта быданнаабыт Александр 1987 сыллаахха “Айталы” диэн ыччат устуудьуйатын тыйаатырын тэрийбитэ. Онтон 1989 сыллаахха этно-рок истиилинэн ыллыыр “Ай-Тал” бөлөххө кубулуйан, күн бүгүҥҥэ диэри аар-саарга аатыра сылдьар.
Кини быраата Юрий Николаевич Спиридонов-Сиэн Тиитэп – СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна.
Юрий Сунтаарга музыкальнай оскуола учуутала Валерий Семенцултан муусука бастакы олуктарын ылбыта. Оскуола кэнниттэн Дьокуускайга музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Аармыйаҕа сулууспалаан баран, “Оһуохай” ансаамбылга кэлэн, ырыа айааччы быһыытынан бэйэтин биллэрэн барбыта. Убайа Александрдыын “Ай-Тал” рок-бөлөҕү тэрийбиттэрэ, бөлөх музыкальнай салайааччытынан буолбута. “Ай-Тал” рок-бөлөх быһыытынан “Табык” диэн бастакы рок-бэстибээлгэ аатын дорҕоонноохтук ааттаппыта.
Юрий Николаевич 2000 сыллаахха “Сахам ата” диэн ырыатын иһин ырыа ускуустубатыгар “Норуот тапталлаах ырыалара” номинацияҕа СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын ылбыта. 2003 с. “Этигэн хомус” эстрада ырыатын куонкуруһугар “Бастыҥ ааптар” номинацияҕа кыайбыта, 2005 с. “Табык” бэстибээл лауреатынан ааттаммыта.
Балтылара – “Айтал” бөлөх көмүс куолаһа, сүрүн солистката, ураты күүстээх уонна кыраһыабай куоластаах Лена Спиридонова. Лена кырачаан эрдэҕиттэн эрэһиинэ скакалканы микрофон быатын курдук соһо сылдьан, күнү быһа ыллаан тахсара. Дорҕоон үрдүгүн тута истэр дьоҕурдааҕа, нотаны барытын эндэппэккэ билэрэ. Музыкальнай оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына учууталлара ону аһара сөҕөллөрө.
Кини сахаларга кимиэхэ да маарыннаабат, былыргы дьыллар мындааларыттан кэлбит ураты тыыннаах муусука баарын Арассыыйаҕа, Японияҕа, Англияҕа уонна Финляндияҕа билиһиннэрбитэ. Лена – “Дьокуускай-82” бэстибээл лауреата, 2000 сыллаахха “Этигэн хомус” ырыа куонкуруһугар “Бастыҥ ырыаһыт” номинацияҕа кыайбыта. Кэлин бөлөх этническэй муусукаҕа көһүүтүгэр кини сыана ортотугар тахсан дьигиһийэ-дьиһигийэ көмүс мөһүүрэ куолаһынан ыллаан бардаҕына, мэктиэтигэр этиҥ тымныйталаан ылара, орто туруу бараан дойдуну уҥуордаан, кылаан чыпчаалга тиийбит курдук буоларыҥ. Киһи этин сааһынан киирэр куоластааҕа, киһини турукка киллэрэр дьикти дьоҕурдааҕа. Убайдара “Ай-Тал” бөлөҕү киэҥ эйгэҕэ, аан дойдуга таһаарбыт киһинэн балтылара Лена буоларынан киэн тутталлар.
Айылҕаттан айдарыылаах Лена Спиридонова чаҕылхай сулус курдук умайан баран, хомойуох иһин, биһиги ортобутуттан туораан, барыбытын харах уутунан сууннарбыта. Ырыаһыт киһи кэннигэр хаалларара – ырыалара. “Дуораан рекордс” устуудьуйаҕа кини икки аудиоальбома тахсыбыта. Лена ырыаларын көрөөччүлэр умнубаттар, аныгы ыччат эмиэ бэйэтэ хайдах ылынарынан толорор, көлүөнэлэри ситимнииргэ дьулуһар.
Спиридоновтар өссө биир балтылара Светлана эмиэ ырыаһыт талааннаах эрээри, үрүҥ халаттаах аанньал идэтин баһылаабыта.
«Сиэн Тиитэп диэн ааттанан, улахан эппиэтинэһи сүкпүтүм»
Саха дьонугар Александр Спиридонов курдук муусукааны, Юрий Спиридонов курдук ырыа айааччыны, Лена Спиридонова курдук талааннаах ырыаһыты бэлэхтээбит ийэлэрин Екатерина Агафадоновна (билигин 91 саастаах) өттүнэн былыр-былыргыттан элбэх олоҥхоһут, тойуксут үөскээн олорон ааспыт. Ийэлэрин эһээтэ Тит Лыткин (Ырыа Тиитэп) номоххо киирбит олоҥхоһут, тойуксут. Кини туһунан үһүйээннэр, номохтор күн бүгүҥҥэ диэри уостан түспэккэ кэпсэнэллэр.
Былыр уһулуччу дьоҕурдаах киһини кытары абааһы күрэстэһэр диэн өйдөбүл баара. Абааһыга кыайтарбыт киһи суорума суолланар, бу орто дойдуттан күрэнэр эбит. Ырыа Тиитэп тойуксут, кэрэ куоластаах олоҥхоһут быһыытынан киэҥник биллэн-көстөн, аата-суола киэҥ сиринэн сураҕыран барбытыгар абааһы уола кинини булан, туойан күрэхтэһэргэ санаммыт. Ырыа Тиитэп бултуу сылдьан күһүҥҥү хараҥаҕа былдьатан, тыаҕа соҕотоҕун хоно хаалбыт. Идэтинэн туойан доллоһута олордоҕуна, абааһы уола буулаабыт. Үс түүннээх күнү быһа тохтоло суох туойсан, Ырыа Тиитэп атын тылларынан хоһуйан барбытыгар абааһы уола кэлэҕэйдээн кэбиһэн, часкыйа-часкыйа төттөрү тэскилээбитэ үһү.
Арай биирдэ, Ырыа Тиитэп дьону кытары аалынан устан иһэн ытыырга оҕустарбыттар. Онуоха Тиитэп үс күннээх түүн туойан, дьолго, быыһанан тураллар. Ити төһө кырдьыгын туһунан ийэлэрэ ыйыталаспытыгар аҕата: “Наһаа үс түүннээх күн да буолбатар, дьэ, туойбутум”, – диэн тойугунан алҕанан быыһаммытын туһунан кэпсээбит.
Ырыа Тиитэп уола Опподуон Лыткин—Олоҥхолоох Опподуон (Юрий эһээтэ) эмиэ дохсун тойуктаах уонна үҥкүүлээх, дьоруо олоҥхолоох киһи эбит. Сиэн Тиитэп эһээтэ тута хоһуйарын истэн сөҕө-махтайа улааппытын туһунан этэр. Олоҥхолоох Опподуон өссө биир кыыһа Екатерина Лыткина (Юрий ийэтин балта) улахан тойуксут, талааннаах хоһуйааччы уонна үҥкүү тыла этээччи. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ дьахталларга бастакынан Аан дархан этээччи буолан, Туймаада хочотугар бэйэтин талаанын көрдөрбүтэ, иһитиннэрбитэ.
Оттон Спиридоновтар аҕалара Николай Николаевич (билигин 95 саастаах) өттүнэн ыллахха, эһээлэрэ Николай Николаевич Спиридонов (Көскүөрүн Ойуун) биллэр хомуһуннаах ойуун эбит. Кэпсииллэринэн, тайҕа адьырҕаларын эһэни, бөрөнү тыыннаахтыы хаамтаран көрдөрөрө үһү. Ийэлэрэ Екатерина Агафодоновна чугас аймаҕа Михаил Толбонову (Толбон Ойууну) өссө улахан ойуун дииллэрэ.
Юрий Спиридонов: “Удьуорбут тардыыта биһиэхэ улаханнык күүс-көмө буолар, Александрдыын күн бүгүҥҥэ диэри айа-тута сылдьарбыт төрүөтүнэн айылҕаттан айдарыылаах төрүттэрбит буолаллар. Мин хос эһээм Ырыа Тиитэп удьуорун салҕыыр соруктаах, “Кини сүдү аатыгар мэҥэһик буолабын дуу?” диэн саарбахтаан, уһуннук толкуйдаан бараммын эр санаабын киллэрэн, Сиэн Тиитэп диэн ааты ылыммытым. Хайдахтаах курдук улахан эппиэтинэһи ылбыппын өйдүүр этим, ол эрэн, ити аат айар үлэбэр тирэх буолуоҕар эрэл санаалааҕым”, – диэн Юрий Николаевич төрүт удьуордарыгар махтанар.
«Ырыаһыт буолбатахпын…»
– Мин ырыаһыт буолбатахпын, мин – ырыа айааччыбын. Оскуолаҕа сэттис кылаастан ырыа учуутала, молдаван Валерий Ульянович Семенцулы кытары алтыспыппар дьылҕабар махтанабын. Кини духовой оркестры тэрийбитигэр онно оонньоон, күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах муусуканы доҕор оҥостон сырыттаҕым.
Ырыа матыыба хоһоон таһымыттан, тылыттан-өһүттэн, төһө ис киирбэҕиттэн улахан тутулуктаах. Оттон хайдах матыып айыллара уонна үлэлиир хайысхаҥ олоҕу хайдах сыаналыыргыттан уларыйан иһиэхтэрин сөп. Ол эрэн, 64 сааспар тиийдэрбин да, миэхэ рок да буоллун, поп да буоллун, балладнай да буоллун – матыып хайдах киирэринэн айыллан тахсаллар. Мин ис турукпун, сүрэхпин эрэ истэбин.
Суруйбут ырыам ахсаанын аахпаппын. Ити, баҕар, мэлдьи ырыа эйгэтигэр сылдьарбыттан буолуо. Урут саҥа саҕалыыр эрдэхпинэ “ынахтыы” ааҕар этим. Аан бастаан матыып таһаарбыт ырыам – аармыйаттан кэлэн баран айбыт “Ыллаарыый” ырыам. Бу ырыабын балтым Лена репертуарыгар киллэрэн толорбута.
Сороҕор наһаа тууйулуннахпына, ис турукпун үллэстиэхпин баҕардахпына, ырыам тылларын бэйэм суруйан кэбиһээччибин. Ону улахан бэйиэттэр, саха тылын туһугар туруулаһааччылар ардыгар сэмэлээччилэр. Ханнык бэйиэт да, ырыаһыт да тапталы туойбатаҕай? Син ол кэриэтэ, мин тапталы сэргэ, билиҥҥи олоҕу-дьаһаҕы, дьон сыһыанын ыраҥалыыр бэйэм хоһооннорбор ырыалардаахпын. Ону атын ырыаһыттар соччо толорботтор, бэйэм тириэрдэрбин ордорор да курдукпун. Ити көҥөнүү буолбатах. Тоҕо диэтэххэ, саппаҕырбыт дуу, саймаархай дуу санааларым түмүллэннэр, тоҕо биэрэннэр, көрөөччүлэри кытары сэһэргэһэн, ырыам ис хоһоонун, дьылҕатын кэпсээн туран толорорум ордук тиийимтиэ курдук.
Ырыа ылланаары айыллар. Гитара, баян доҕуһуоллаах ыччаты толкуйдатар эбэтэр сэргэх, лириичэскэй ырыалар элбэхтэр. Айбыт киһи бэйэтэ эрэ толоро сылдьара, биир өттүнэн ыллахха, тутах. Ырыаһыттарга анаан суруйбутум эмиэ элбэх. Ырыаларбын Ваня Трофимов, Анастасия Готовцева, Сиэйэ Уола, Варя Ларионова-Ый Кыыһа уонна да атыттар ыллыылларын истэн үөрэбин. Биир дойдулааҕым Михаил Егорович Иванов-Чуона Мэхээлэ эр киһилии иэйиилээх хоһооннорун кытта алтыспыт кэммин айар үлэм кэрэхсэбиллээх кэрдииһинэн ааҕабын.
Тумус Мэхээлэ уонна «Ай-Тал”
– “Ай-Талларга” уйаара-кэйээрэ биллибэт саха этническэй муусукатын аанын аһан биэрбит киһибитинэн Тумус Мэхээлэ буолар. Кинини кытта үлэлээммит, Ленаҕа анаан, “Санаа” диэн альбом оҥорбуппут. Манна мин биир эрэ ырыам киирбитэ, атына барыта – Тумус Мэхээлэ ырыалара. Ити курдук, Тумус Мэхээлэ биһиэхэ этническэй муусука аанын аһан, күлүүһүн биэрэн, саҥа айымньыларга аартыкпыт арыллан барбыта.
Биһиги дойҕохтоон түһүүбүтүн “саха-стиль” диэн ааттаабыттара. Эбиитин муусукаҕыт биһигини эмтиир диэн Европаҕа “шаман-рок” диэн эрэклээмэлээннэр, элбэх дойдуга сылдьыбыппыт. Германияҕа бэстибээлгэ инбэлиит кэлээскэтигэр кэлэн көрөр-истэр дьон баара биһигини олус долгуппута, саха ырыатын көстүбэт күүһүн, имэҥнээх илбиһин өссө төгүл итэҕэппитэ.
“Ай-Тал” бөлөх Наталья Михалева-Сайа тылларыгар “Айыы аймаҕар аман өс” уонна “Өтөх” диэн икки этническэй муусукаҕа композиция оҥорбута. Бу аан дойдуга киэҥ биһирэбили ылбыт композицияларбытыгар муусука өттүнэн наһаа элбэх булумньу баар. Тоҕо диэтэххэ, үгэс буолбут үнүстүрүмүөннэргэ оонньуубут. Ол эбэтэр, гитара, барабаан, синтезатор уо.д.а. үнүстүрүмүөннэрбитинэн сахалыы тыыннаан оонньооһун урут ханна да суоҕа. Ол да иһин буолуо, омуктар наһаа соһуйбуттара уонна барытын үөрэ-көтө уоран ылбыттара. Хабарҕа, кылыһахтаах ырыаларбытын, муусукабыт дойҕохтоон түһүүтүн барытын устан ыланнар оонньоон киирэн барбыттара (кинилэргэ көннөрү рок, поп ырыа курдуктары оонньоон интэриэһиргэппэккин). Юридическай өттүнэн көмүскэлэ суох, ааптар бырааба оҥоһуллубатах буолан былдьаттахпыт ол. Манна сыһыаран эттэххэ, “Ай-Тал” бөлөх муусукааннара бары да төрүттэриттэн тыыннаах муусуканы утумнаан (эбээлэриттэн-эһээлэриттэн) илдьэ кэлбит дьон. Онтубутун омуктар таба көрөннөр, уоран ыллахтара ол. 1991 сыллаахха Японияҕа “Три дня” диэн этно-муусука бэстибээлигэр омуктар Лена ыллыыр “Айанньытын ырыатын” түһэрэн ылбыт этилэр. “Бу биһиэнэ” диэбиппэр: “Эһиэнэ буолара ханна да суруллубатах” – диэн күлсэн кэбиспиттэрэ. Ону таһынан “Ай-Тал” муусукаҕа булбут булумньулара саха мусукааннарыгар, саха кэлэктииптэригэр элбэхтик туһаныллаллар, ааны аһан биэрбит дьонунан биһигини ааттыыллар. Биһиги онтон үөрэбит эрэ.
Биир альбоммут тахсыбытын кэнниттэн элбэх киһи тоҕо “һ” буукубанан ыллыырым туһунан ыйытан турардаах. “Һ” буукубанан ыллыыр үчүгэй эбит дииллэр. Дьиҥэр, ити буукубанан саха барыта урут-уруккуттан саҥара сырыттаҕа. Ол гынан баран, үөрэхтээһин кэнниттэн “с” буукубаҕа көстөхпүт. Билигин киин улуустар “с” буукубанан саҥараллар, онтон сунтаардар уонна ньурбалар “Һ”-нан саҥара сылдьабыт. Мин санаабар, “Һ”-нан ыллыыр ордук тиийимтиэ уонна истиҥ курдук. Була сатыы-сатыы, оҥоро-оҥоро “с” буукубанан ыллаатахпына, хайдахтаах да тыл сүмэтэ сүтэргэ, сымсыырга дылы.
Аан дойду үрдүнэн этническэй муусуканы улаханнык сэргиир кэм кэлэн турар. Ону таба тайанан, аар-саарга ааппытын өссө да ааттата туруохпутун наада. Төһө да эдэр ыччат клубнай муусуканан үлүһүйдэр, хайа эрэ сааһыгар тиийэн кэлэн, киһини толкуйдатар, уоскутар, дириҥ ис хоһоонноох ырыаҕа наадыйыа турдаҕа. Онон эдэр ыччаты баалаабакка, кэм-кэрдии эргиирин тулуйан, төрүт муусукабытын айа-тута, сайыннара сылдьар ытык иэстээхпит. Бэрт былыргы диир ырыаларбытын эдэр ааптардар аныгылыы хабааннаан тупсаран ыллыылларын киһи үөрэ истэр.
Киристэпиэл Махсыымап уонна “Ай-Тал”
– 2002 сыллаахха сахалыы матыыптаах дэгэрэҥ ырыаларбар Уйбаан Ньукулаайап-Уххан тылларыгар “Мин бүгүн эйиэхэ” диэн альбом таһаарбытым. Ол альбом кэнниттэн дэгэрэҥ ырыа эстрадаҕа тоҕо көтөн киирбитэ, эбиитин хас биирдии ырыа айааччы туһунан дэгэрэҥнээх. Билигин саҥа көлүөнэ ырыаһыттарбыт дэгэрэҥ ырыаны айалларыттан, сэргэхтик ыллыылларыттан, куонкурустар тэриллэллэриттэн киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр. Онуоха дэгэрэҥ ырыа аанын аспыт, норуокка төнүннэрбит киһинэн миигин билинэллэриттэн үөрэбин. Бу ырыалары айарбар миэхэ Киристэпиэл Махсыымап ырыаларыгар сүгүрүйүүм, умсугуйуум көмөлөспүтэ.
Мин матыып, ырыа айааччы быһыытынан соругум – кэнчээри ыччакка саха уратытын көрдөрөр уу сахалыы матыыптары айыы, көрөөччүгэ тириэрдии.
Ырыа олоххо суолтата
– Биһиги айылҕаттан айдарыллан кэлбит дьиҥнээх талааннаах ырыаһыттары истэн улааппыппыт. Эһээхэй эрдэхтэн ырыаҕа бигэтэн, чугас доҕор оҥостон олох олорор, үлэлиир-хамсыыр дьон элбэх. Мин оҕо сылдьан, норуот тапталлаах ырыаһыта Киристэпиэл Махсыымабы, этэргэ дылы, ытыы-ытыы истэр этим. Кини ырыалара миигин элбэххэ иитэн таһаарбыттара. Уопсайынан, саха муусукатыгар үрдүк чыпчаалга турар киһинэн кинини ааттыыбын.
Манна сыһыаран эттэххэ, холобур, билигин ааттара-суоллара биллибит ырыаһыттар оҕолору ырыаҕа үөрэтээри араас куруһуоктары эрэ буолбакка, сайыҥҥы лааҕырдары тэрийэллэрэ кэммиэрчэскэй төрүттээхтэр. Оҕо онтон куһаҕан буолбат, кэрэҕэ тардыһар. Ырыаны уонна талааннаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэнэр толорооччулары кытары алтыһаннар ускуустубаҕа сыстан, үрдүк култууралаах, үтүө санаалаах киһи буоларга тардыһаллар. Ол эрээри, холобур, айылҕаттан куолаһа суох, сатаан ыллаабат да оҕо оскуолаҕа үөрэнэрин тухары маннык кэммиэрчэскэй хабааннаах күрэхтэргэ кыттар, таҥас арааһын тиктэрэр, сыанаҕа тахсан атыттары кытары куоталаһар. Бу оҕо сотору-сотору үөрэҕиттэн көҥүллэтэр, инньэ гынан үөрэҕэр элбэҕи куоттарар, ол оскуолатын бүтэрэригэр охсуулаах буолуон сөп. Дьиҥэр, кини син биир ырыаһыт буолбат, ырыанан айаҕын ииттиммэт, ол оннугар бэйэтигэр чахчы сыһыаннаах идэни талыа. Мин санаабар, айылҕаттан айдарыллан кэлбит киһи эрэ ырыаһыт буолар. Биһиги саҕана оннук сыанабыл баар этэ. Билигин көмпүүтэр сайдыбыт үйэтигэр, биллэн турар, ырыа да, ырыаны айааччы да элбэх. Мин ону куһаҕан диэбэппин. Саха киһитэ ырыа ымыылаах. Былыр-былыргыттан саха сайаҕас санаатын ырыанан хоһуйан, тойугунан тириэрдэр үгэстээх. Ол иһин, ырыа биһиэхэ өрө тутар култуурабыт, биир ураты эйгэбит. Ырыа куттаах киһи хайдах да хабыр, тыйыс буолбат. Ырыа барыбытын түмэр, сомоҕолуур күүстээх.
Ыччаты уһуйуу
– Төрөөбүт Сунтаарбар музыкальнай оскуолаҕа уонна улуу Сибиэрэппит-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьабын. 1986 сылтан дойдубуттан улаханнык тэлэһийэ иликпин. Түөрэҕим түспүт сирин олус сөбүлүүбүн, дойдум дьоно, эргэнэ хара тыам айылҕата саамай үрдүк кэрдиискэ тураллар. Тоҕо диэтэххэ, мин манна үөрэнээччилэрбин кытары билиҥҥэ диэри алтыһа сылдьабын. Эдэр дьону ырыаҕа, муусукаҕа үөрэтии уонна саҥаттан саҥа ырыалары айыы бэйэбэр эмиэ улахан суолталаах.
Сунтаардааҕы ускуустуба оскуолатыгар фольклорнай, этническэй хайысханы киллэриэххэ диэн отделение арыйбыттара. Онно фольклор-эстрада хайысхатыгар “Ойдуо” диэн бөлөҕү тэрийбитим. Мин үөрэтэр ньымам олох атын (хас биирдии оҕону маннык оонньоо диэбэппин), ону тута ылыналлар. Тыастан-уустан саҕалаан, чабырҕаҕынан, тойугунан, үҥкүү тылынан уонна хабарҕа ырыатынан куттарын уһугуннарабын. “Ойдуо” оҕолоро улаханнык сайдыбыттара, Москваҕа уонна өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар кэнсиэртээн тураллар. Дьокуускайга кэлэн балтараа сыл олоро сылдьан тэрийбит “Хаһыы” диэн бөлөҕүм ыччаттара – бэйэм Сунтаарга үөрэппит оҕолорум этилэр. Үөрэппит оҕолорум үгүстэрэ муусука хайысхатынан бардылар. Университет иһинэн эмиэ оҕолорго “Сата дуорай” диэн бөлөҕү үлэлэппиппит. Биир эрэ кыһын курдук эрчиллэн баран, “Табык” бэстибээл Гран-притын ылбыттара. Онон туттум даҕаны, туох эрэ түмүктээхтик үлэлииргэ кыһаллабын. Мин санаабар, тойук, кылыһахтаах ырыа, дэгэрэҥ барыта тэҥҥэ сайдыахтаах. Ыччаты тыыннаах муусуканан ыллыы үөрэтиэххэ наада. Ырыаҥ, үнүстүрүмүөннэр бары тыыналлар, көрөргө да астык. Тыыннаах доҕуһуолунан толорууну уруйдуубун-айхаллыыбын.
Биһиги билиҥҥи бөлөхпүтүгэр ханнык баҕарар ырыаһыт киирэн ыллыан сөп. Ол гынан баран, балтыбыт Лена бу орто дойдуттан барыар диэри кининэн эрэ олорбут, кинини эрэ солистка быһыытынан ылынан үлэлээн кэлбит дьоммут. Инньэ гынан, мин тоҕо эрэ, билиҥҥитэ кими да Ленаҕа тириэрдибэппин, кими да Лена оннугар ылан үлэлэһэн барар санаа киирэ илик…
“Кэмсиммэппин, кэп туоммаппын…”
– Үөһээттэн айыллан кэлбит сирдээҕи олохпун сахам ырыата чэлгийэ сайдарыгар анаабыппыттан кэмсиммэппин. Ол эрээри, оҕолорум, сиэннэрим мин суолбун батыһалларын модьуйбаппын (бары кэриэтэ ыллыыллар, үнүстүрүмүөннэргэ оонньууллар), олохторугар бигэ туруктаныахтарын баҕарабын.
Кырдьыгынан эттэххэ, мин эрэ буолуо дуо, “Ай-Тал” бөлөх дьоно үгүспүт олохпут-дьаһахпыт материальнай өттүн кыайан көрүммэтэхпит. Бу эйгэҕэ олоххун барытын анаатаххына даҕаны, санаа хоту оҥостубаккын. Дьон биһирэбилиттэн, билиниититтэн, үрдүк сыанабылыттан дуоһуйууну ылаҕын эрээри, ырыа киэҥ эйгэҕэ тахсара элбэх түбүктэн уонна ороскуоттан тахсар. Хомойуох иһин, ол толуйуллубат. Ол иһин, оҕолорум атын аныгы, сонун хайысханан үлэлээн, толору олоҕунан олороллоругар баҕарабын. Биллэн турар, хобби курдук ыллаатыннар, ону утарбаппын.
Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы… Мин ырыаһыт буолбатахпын, ол гынан баран хабарҕа ырыата миэхэ оҕо эрдэхпиттэн мэлдьи баар. Ону мин улаханна уурбат курдугум. Онтон омук сиригэр сылдьан хабарҕа ырыата омуктарга дьайара күүстээҕин билбитим. Кинилэр ыҥырыыларынан Шотландияҕа, Ирландияҕа уонна бу Англияҕа Лондоҥҥа хабарҕа ырыатыгар сэминээр ыыппытым. Онно 30-ча устудьуон, улахан дьон үөрэммитэ. Мин хабарҕа ырыатын төрүөтүн эрэ билиһиннэрбитим, аҕыйах киһи ыларын ылбыта, иҥэриммитэ буолуо. Инньэ гынан, сэминээр ыыппытым кэнниттэн кинилэргэ хаалан Францияны, Европаны кэрийэн биир сыл курдук үлэлиирбэр этии киллэрбиттэрэ. Дьиҥинэн, биир сыл киһи син үлэлиэ эбитэ буолуо. Хаалан үлэлээбитим буоллар, арааһа, олохпор-дьаһахпар материальнай өттүнэн уларыйыылар тахсыа этилэр, туспа дьиэлэммит буолуом этэ, араас гостуруоллар, бырайыактар да баар буолуо эбиттэрэ буолуо. Ону кэнэним бэрт буолан уонна дойдубун ахтарым бэрдиттэн аккаастаан кэбиспитим, үөрэ-көтө дойдубар эргиллибитим.
“Санаам тиийбэт чыпчаала”
Сиэн Тиитэп Антонина Ускеева диэн ааптар хоһооннорун билсибитэ сылтан орто. Кини хоһоонноругар дьикти, эриэккэс иэйиилээх ырыалар таҕыстылар, дьон дууһатын кылын таарыйдылар, куйаар ситиминэн тарҕаннылар. Олортон биирдэстэрин “Алыптаах сарсыарда” ырыаны СӨ култууратын үтүөлээх ырыаһыта Анастасия Готовцева толорор, Амма көмүскэлигэр анаан килиип оҥордулар.
Антонина УСКЕЕВА:
– Сиэн Тиитэп миэхэ – санаам тиийбэт үрдүк чыпчаала, үгүс айар куттаах дьон ытыктыыр, сүгүрүйэр, киэн туттар киһилэрэ. Кини ырыаларын истэн, тэҥҥэ ыллаһан, хомойон да, сэргэхсийэн да, дириҥ ис хоһоонуттан толкуйга да түһэн, сахабыт ырыатын эгэлгэ дорҕоонноругар умсаахтаан бүтүн көлүөнэ үүнэн таҕыстаҕа. Аны билигин элбэх аныгы ыччат киниэхэ уһуйулла-такайылла сылдьар.
Ол курдук, баай айар эйгэлээх – биһиги Сиэн Тиитэппит. Кини айымньылара бу устар олоххо симэлийбэккэ, күнү-дьылы уҥуордаан билигин да сүрэҕи-быары ортотунан киирэллэр.
Киһи олоҕор биир түгэн олус суолталанар холобурдара үгүс. Ол иһин да, түгэни сыаналааҥ дииллэр. Ол курдук, Сиэн Тиитэптиин быстах билсиһиибит мин олохпор биир суолталаах, умнуллубат түгэнинэн буолбута. Били Рождественскай «Мы совпали с тобой» диэн хоһоонугар этиллэринии, киһи дууһата эйиэхэ чугас дьону өтө билэр. Ол курдук, кини миигин Бүлүүчээҥҥэ сирдээн илдьэн, ытык сирдэри көрөр дьолломмутум. Ураты кэрэ, дьикти айылҕалаах сир мин харахпар бу баардыы көстөр. Ол сырыы кэнниттэн хас да хоһоону суруйбутум.
Онон, Сиэн Тиитэптиин билсибиппиттэн, алтыһарбытыттан олус үөрэбин, кинилиин билсиһиим – мин олохпор тосхойбут дьоллоох түгэн. Киниттэн сиэттэрэн, эмиэ саха норуотун биир күндү таас кэриэтэ чаҕылхай, ураты куоластаах ырыаһыта Анастасия Иннокентьевнаны кытары билсибитим. Ол миэхэ эмиэ дьол!
Сиэн Тиитэп бигэ ис туруктаах, олоххо ураты көрүүлээх, норуоппут сахалыы тыынын тута сылдьан сайдарын туһугар сыратын биэрэн үлэлиир. Киэҥ сирдэринэн, дойдуларынан саха аатын ааттаппыт киһибит олоҕун тухары айылҕатыттан тэйбэккэ, төрөөбүт сиригэр-уотугар ытык кырдьаҕас дьонун көрөн-истэн олорор, кыра уолчаанын иитэр, дьонун-сэргэтин муусука кэрэ эйгэтигэр угуйар. Бу аныгы үйэ киһитигэр эмиэ ураты быһаарыныы. Ол иһин да, баҕар, кинилиин бу курдук тапсыбыппыт буолуо. Мин эмиэ дууһабынан өрүү төрөөбүт дойдубар, тыам сиригэр сылдьабын, олоробун. Ол миэхэ хаһан эрэ туолуохтаах ыра санаам…
ххх
Хайа баарар муусукаан айымньыта киэҥ араҥаҕа тахсыан баҕарар, ол да иһин, ыччат сахалыы тыыннаах буола улаатарыгар көрөөччү сэҥээрэр айымньытын айар-тутар.
Саха ырыатын уратыта диэн сүргэни көтөҕүү, сырдыкка тардыһыы, эрэл кыымын саҕыы. Ол да иһин, Сиэн Тиитэп бу аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт хамсык кэмигэр саха дьонун санаатын бөҕөргөттөрбүт, саппаҕырбыт санааларын саймаарыттарбыт, сүргэлэрин көтөхтөрбүт диэн санаанан салайтаран айа-тута сылдьар.
Сиэн Тиитэп ымыылаах санаалара:
“Саха киһитэ атыгар олордо да ырыаһыт дииллэрин тэҥэ, саха киһитэ барыта бөлүһүөк, мындыр өйдөөх, бэлиитик. Онон ханна баҕарар түмсэ түстэргин эрэ, бэлиитикэни ырытыы ханна барыай? Дьиҥэр, ол биһиги ырытыыбыттан туох да уларыйбат. Бэлиитикэҕэ улаханнык орооспоппун, бэйэбэр чугаһаппаппын .
ххх
“Сунтаар буолла да, ырыаһыт” диэн өйдөбүл норуокка иҥэн хаалбыт. Кырдьык, Сунтаарга ырыаһыттар элбэхтэр. Анатолий Андреев – биһиги баар суох күөрэгэйбит этэ. Билигин да үчүгэй ырыаһыттар бааллар, эдэр оҕолор үүнэн тахсан эрэллэр”.
ххх
“Саамай сөбүлүүр өс хоһоонум – “Балык ыамнаах, киһи кэмнээх”. Тоҕо диэтэххэ, күн тахсар – күнүс буолар, күн намтыыр – түөртүүр буолар, онтон киэһэ, түүн буолар. Ол курдук, айылҕа бэйэтин хаамыытынан, күн-дьыл бэйэтин тэтиминэн бара турар.
ххх
Бу олоххо саамай сөбүлээбэппиттэн биирдэстэринэн хойутааһын буолар. Бэйэм да, дьон да хойутуурун сөбүлээбэппин. Оттон “Айталлар” итини тутуһан-тутуһан кэллибит. Хойутаабаппыт, өссө эрдэ эбэтэр бириэмэтигэр сөпкө кэлэбит. Дьокуускай куоракка хас да бөлөх мустан эрэпэтииссийэбит буолар. Тумус Мэхээлэ сарсын хас эрэ чааска, мүнүүтэҕэ бары хойутаабакка кэлэрбитин сэрэтэр. 10 чааска кэлиэхтээх буоллахпыта, “Айтал” бөлөх бүтүн састаабынан оруобуна 9.30 мүнүүтэҕэ баар буолар”.
ххх
“Киһи сарсыарда уһуктан күнү көрсөр, аан дойдуну барытын көрөр, ис туруга үчүгэй – киһиэхэ мантан ордук дьол баара буолуо дуо?! Күн сиригэр олорор – дьол!”
ххх
«Сахаларга араас омук хаана булкуспут. Ол гынан баран, сахалыы иитиилээх, “аньыы” диэн тыл суолтатын өйдүүр, ылынар саха – ол аата дьиҥнээх саха. Аҥаардас “Аньыы” диэн тылбыт саханы саханы гыммыт дириҥ суолталаах тыл. “Кэбис, аньыыта бэрт буолуо,” “Итинник саҥарыма, аньыыта бэрт”, “Айылҕаҕа хаһыытаама, кээмэйдээн ыларгын эрэ ыл, онтон ордук өлөрүмэ-өһөрүмэ, аньыы…” диэн буолар. Мин санаабар, бу биир тыл саханы саха гыммыта. Мин сахабынан киэн туттабын.
Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ», edersass.ru
Юрий СПИРИДОНОВ-СИЭН ТИИТЭП хаартыскалара