Хараҥа хос: Сиэмэх оҕонньор туһунан

Бөлөххө киир:
???????????????????????
1930 сыллардаахха Ааллаах Үүн үрэҕин таһыгар, аартык айаҕар олохтоох биир оҕонньору кыһыл чекистэр сонордоһон кэлэн ытан өлөрбүттэр. Бу оҕонньор айаҕын ииттэр, бултаан аһыыр кыаҕа суох буолан аартыгынан айаннаан иһэр биирдиилээн дьону өлөрөн эттэрин сиир (!), малларын-салларын туһанар дьаллыктаах эбит. Бука, саха дуу, эбэҥки да оҕонньоро буолаахтыа.

Ааспыт үйэ 20-с, 30-с сылларыгар ити эргин олох-дьаһах соччо бэрдэ суоҕа үһү. Ол курдук, ити эҥээринэн былаастан, сууттан-сокуонтан куоппут урукку үрүҥнэр тобохторо адьас хойук­ка диэри саһа, күрэнэ сылдьыбыттар. Араас хаамаайы нуучча дьоно, кыһыллар-үрүҥнэр, дьорҕоот тоҥус хоһууннара, саха күрүөйэх­тэрэ, көмүһү уоран хостооччулар – бары даҕаны мөлтөҕү-сыппаҕы бырастыы гыммат, чэпчэкитик кэлэри мүччү туппат дьон Уус Майа сирин тилэри киэптээн олорбуттар. Бу курдук, биирдии­лээн сылдьар киһи сүтэн-оһон хаалара улахан сонун-­нуомас буолбатах кэмигэр балый­таран, били оҕонньор соҕотоҕун халаан-талаан олорбут.

Ол кэмҥэ, култуурунай өрөбөлүүссүйэ сылларыгар биир эдэр учуутал киһи Күп, Эдьээн тоҥустарын сырдатар-үөрэтэр сорудахтаах бу түөлбэҕэ айаннаан кэлбит. Били, «көмүс күһүн» диэн киэргэтэн ааттаныллар үтүө кэмҥэ. Суолу-ииһи билбэт эдэр киһи аара түҥ тайҕа быыһыгар чороҥ соҕотох олорор оҕонньору булан, бука, үөрдэҕэ буолуо. Оттон дьиэлээх оҕонньор ыалдьыт кэлбититтэн улаханнык үөрбүт-көппүт сибикини биллэрбэтэх. Саҥата суох дьэбин уоһан сылдьан оҕонньор уол табаларын сыгынньахтаан тыаҕа ыыталаабыт (ол сылдьан табалары чинчилиирдии көрө-көрө, «баҕайылар, ырыгаттара бэрт эбит…» диэн мыыммыттыы саҥа аллайбыт), таһаҕаһын дьиэҕэ киллэрсибит. Аһыы олорбуттар. Ас-үөл кэмчи үһү. Уол соҕотоҕун олорор оҕонньору сэргэхситээри бэлиитикэ, олох-дьаһах туһунан «политзанятие» ыыта сатаабыт, бэл, «долгун курдук куугунаан…» эҥин диэн ыллаан көрбүт да… Үөтэлээбэтэх. Оҕонньор кини кэпсээнигэр наадыйбат үһү. Оҕонньор киһи сирэйин-хараҕын утары таба көрбөт эрээри, уол кэннинэн буолла да олус иччилээхтик, субу сиэх-аһыах курдук уодаһыннаахтык тонолуппакка көрөрүттэн уол дьиксинэ санаабыт.

Халлаан хараҥаран, эргэ балаҕан иһэ боруҥуй буолбут. Кэлтэй кэпсии-ипсии олорон уол оҕонньор хараҕа фосфордаах курдук чаҕылыйан көстөрүттэн этэ тардыбыт уонна түүн сэргэх утуйарга быһаарыммыт… Түүн балаҕан иһигэр туох быһылаан буолбутун ким да билбэт. Арай, ол сарсыардатыгар саннын, көхсүн сүгэнэн улаханнык хайа оҕустарбыт, хаана баран өйүн сүтэрэ-сүтэрэ өйдөнөр уолу ааһан иһэр көс тоҥустар булан өрүһүйбүттэр. Сиэмэх оҕонньор дубук туттан уолу сүгэнэн сиирэ-халты охсон бааһырдан баран, биир көс холобурдаах сири быһа сырсыбыт. Быһата, бүтэй оҥоһуулаах уол буолан мүччү туттарбыт. Тыллабыр киирбитин кэннэ кыһыл хамыһаардар оҕонньорго тиийэн «боппуруоһу быһаарбыттар». Төһө да утуйа сытар дьоҥҥо дьорҕоотун иһин, 70-ча саастаах кырдьаҕас оҕонньор саалаах дьоҥҥо хайдах утарылаһыай. Бука, саҕатыттан харбаан таһааран ыт курдук ытан кэбистэхтэрэ. Оҕонньор били уол табаларын хайыы-үйэҕэ өлөрөн булууһугар харайан сытар эбит. Булууһугар өссө икки киһи өлүгэ ыарахан кыстыгы туоруур «идэһэ» быһыытынан эттэнэн, үөрэҕэстэнэн бэлэмнэнэн сыталлар үһү. Оҕонньор халаабыт харчытын, көмүһүн буор көһүйэҕэ кутан оронун анныгар уурар идэлээх эбит. Адьас кэлин оҕонньор ууланар көлүйэтин уутугар киһи төбөтүн уҥуоҕа бөҕө кутуллан сытарын булбуттар.

Интэриниэт ситимиттэн туһанылынна.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0