«СИЭЛЛЭЭХТЭР» КИНИГЭ БИҺИРЭМЭ БУОЛЛА

Ааптар: 
25.04.2021
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ адаардаах арҕаһыгар,Таатта эбэ хотун талыы-талба таһаатыгар 2-с , 4-с дьохсоҕоннору холбоон 1929-1953сс. үөскүү сылдьыбыт нэһилиэги, былыргы өбүгэлэрин аатын үйэтитээри Сиэллээх Сэппэр аатынан «Сиэллээх» нэһилиэгэ диэн ааттаабыттар.

Бу нэһилиэк дьоно Таатта эбэ хотун талыы хочолорунан, аҥааттар алаастарынан, уйгу-быйаҥ Амманан олорбуттар. Киэҥ, улахан аймах, нэһилиэги тэниппит Сиипсэптэр, Хаабыһаптар, аҕыс көлүөнэ устата ойуун, удаҕан буолбут, аатырбыт Албакыыттар, Таатта улууһа Боотурускайтан арахсан туспа улуус буолуутугар бастакы кулубанан үлэлээбит И.Е.Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан, саха уус-уран литературатын төрүттээбит улуу убайбыт А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар үтүөлэрдээх Роман Федорович Кулаковскай, Георгий Федорович Сивцев, саха бастакы үөрэхтээх аҕабыыта Федор Гаврильевич Сивцев, Өксөкүлээх Өлөксөй соҕотох уола суруйааччы Реас Алексеевич Кулаковскай, саха бастакы народнай артыыһа Пантелеймон Иннокентьевич Васильев, уо.да.а. Уус-уран тылы баһылаабыт улуу олоҥхоһуттар, ырыаһыт ыллам ыччаттар, толуу тойуксут дьоннор, урукку олохпут улаҕатыттан ыла уһанан кэлбит уран уустар, араас чаҕылхай талааннаах дьоннор, бөҕөлөр — күүстээхтэр төрөөбүт дойдулара буолар. Сиэллээх нэһилиэгин дьоно сэбиэскэй былаас олохтонон, колхозтарынан түмүллэн, нэһилиэктэрэ сайдарын-туругурарын туһугар күүстэрин күүркэтэн, уохтарын холбоон, өйдөрүн түмэн үлэлээбиттэрэ -хамсаабыттара. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр Ийэ дойдуларын көмүскүү Сиэллээх үгүс ыччаттара туруммуттара.Тыылга хорсун-хоодуот үлэни көрдөрбүттэрэ. Улуу сэрии кэнниттэн эйэлээх олоҕу тутуһууга бары сыраларын уурбуттара.Бу кинигэҕэ историческай докумуоннарга, архыып матырыйаалларыгар, ахтыыларга олоҕуран Сиэллээх нэһилиэк олоҕо, дьоно-сэргэтэ чаҕылхайдык сырдатыллыбыт. Кинигэ эдэр көлүөнэҕэ, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Кинигэҕэ хаартыска, докумуон барыта баппат буолан туспа диискэлээх. Манна Николаевскай, Преображенскай таҥара дьиэлэрин метрическэй докумуоннара, хаартыска арааһа, үгүс докумуоннар куопуйаларын өрүөххүт, туһаныаххыт. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр күндү ааптардарбыт, ытыктабыллаах Елена Филимоновна, Владимир Иннокентьевич Кузьминнар, Сиэллээх туһунан бастакы историческай кинигэлэрин, ааҕааччыларга анаан бэлэхтээбиттэрин уларсан, харыстаан ааҕаргытыгар ыҥырабын.


Дьохсоҕон нэһилиэгэр бастакы историческай ураты суолталаах кинигэбит «Сиэллээхтэр» биһирэмэ үрдүк таһымнаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.Саҕаланыытыгар нэһилиэкпит киэн туттуута СӨ үтүөлээх артыыһа, опера ырыаһыта Николай Попов толоруутугар «Дьохсоҕоммут биһиэнэ» гимн ырыанан саҕаланна. Хамсык бобуутун кэмигэр буолан куйаар ситиминэн интэриэһиргиир 46 киһи киирэн кытынна, ааптардары сэҥээрэн, кинигэни ырытыылары истэн, баҕаларынан этиигэ кыттан, санааларын сайгыччы этэн, ааптардарга ис-сүрэхтэн тахсар махтал тылларын эттилэр. Күүтүүлээх күндү кинигэбит үөрүүлээх биһирэмин нэһилиэкпит аҕа баһылыга П.Е.Захаров салайан ыыппыта олус кэрэхсэбиллээх. Умнуллубат үтүө биһирэми 5 чаас устата ыыппытыгар истээччилэр киниттэн элбэх солун түгэннэри, чахчылары биллилэр. Олохтоох ааптар, нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа, нэһилиэк айар дьоҕурдаахтарын «Куорсун» түмсүүтүн чилиэнэ И.М.Бочонин «Кэриэстэбил» диэн сэрии кэмигэр өлбүттэргэ анаабыт хоһоонун дорҕоонноохтук, истээччи өйүгэр хатанар гына, бу хоһоону сиэллээхтэр сиэннэрэ умнубакка өйдүү сылдьалларын курдук ааҕан иһитиннэрдэ. Нэһилиэкпит историческай кинигэтин ааптардара ытыктабыллаах Елена Филимоновна, Владимир Иннокентьевич Кузьминнар кинигэҕэ хайдах үлэлээбиттэрин туһунан кэпсээтилэр, көмөлөспүт дьонноругар уонна нэһилиэк бибилэтиэкэтин ааҕааччыларыгар бэйэлэрэ таһааттарбыт кинигэлэрин бэлэх ууннулар. Елена Филимоновна сиэллээхтэргэ ааттарын ааттатар кинигэни суруйан таһаарар аналлаах-чаастаах күндү кийииттэрэ, 17 кинигэ ааптара буоларын ааҕааччылар умнубаттар.

Биһирэм саҕаланыытыгар ааптардар кимнээх күүс-көмө буолбуттарын, кинигэ тахсыытыгар туох мэһэйдэри көрсүбүттэрин, кинигэ күн сирин көрөн баран хамсык бобуутунан биһирэмэ буолбакка ааҕааччыларын кэтэспитин уонна дьэ анаммыт күнэ-чааһа кэлэн, оҕолорун тэҥэ, күндү үлэлэрэ бэйэтин сэргэх ааҕааччыларыгар тиийэриттэн үөрүүлэрин биллэрдилэр. Кинигэни алта түһүмэҕин  П.Е.Захаров, В.А.Канаева, И.А.Сивцева, Г.Е.Арылахова, Г.Н.Другина ырыттылар. Ол кэнниттэн куйаар ситиминэн дьон-сэргэ болҕойон истэн баран эҕэрдэлэрин, кинигэ туһунан ис санааларын, махталларын тиэртилэр. Бастакынан Таатта улууһун баһылыга М.М.Соров бу историческай кинигэ тахсыбыта нэһилиэккэ, улууска олус улахан суолталааҕын бэлиэтээн эттэ. Ааптардарга сүҥкэн үлэлэригэр сүгүрүйэрин махтал тылларынан тиэртэ. Улуус салалтатыттан Махтал суругу, бириэмийэни куйаар нөҥүө биллэрдэ. Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Реасовна умнуллубат истиҥ тыллардаах эҕэрдэтин, махталын уонна бу кинигэ тахсыбытыгар олус үөрбүтүн, сүргэтэ көтөҕүллүбүтүн биллэрдэ. Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы И.А.Сивцева ааптардар героическай үлэнэн маннык улахан кинигэни таһаарбыттарыгар истиҥник махтанна.М.Л.Архипов кинигэ суолтатын быһаарда, историческай кинигэни биһирээтэ уонна Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччитэ Е.Д.Андросов аатынан бириэмийэ олохтоноро наадалааҕын, кэмэ кэлбитин эттэ. Бу бириэмийэ бастакы стипендиатынан буолуохтаах Егор Дмитриевиһы кытта уһун сылларга бииргэ үлэлээбит ытыктабыллаах ааптар Е.Ф.Кузьмина диэтэ. Улуус бэтэрээннэри салайааччыта, Албан аат түмэлин дириэктэрэ М.А.Попова Сиэллээх сирдэрин ааттара чуолкайдык киирбиттэрин бэлиэтээтэ, элбэх чахчылар, сыыппаралар сөптөөхтүк киирбиттэрин, кинигэ ол кэм олоҕун киэҥник сырдаппытын этэн туран улахан махталын тиэртэ. Музейга кэлбит саҥа кинигэлэри көрдөрдө, туһанарга ыҥырда. Бэйэтин санаатын эттэ Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, кэрэспэдьиэн П.Н.Иванов-Сиэрэй маасса. Кини улахан суолталаах иһитиннэриилэри ахтыы кинигэлэртэн быһа тардан аахта. Бириэмэ кылгаһынан П.И.Васильев туһунан уонна ийэтэ М.Миронова туһунан Айсен Дойду ахтыытыттан кылгастык иһитиннэрдэ. Саҥа кинигэни үрдүктүк сыаналаата, ааптардарга махтанна. Кинигэ тахсыытыгар улахан көмөлөөх А.М.Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа кинигэҕэ ахтыыларын биэрбит. Чычымахтан биир дойдулаахтарбытын сылаас тылынан аҕынна. Ити курдук салгыы атыттар куйаар ситиминэн ааптардарга махталларын тиэртилэр, кинигэни сэҥээрбиттэрин биллэрдилэр, атыылаһар баҕаларын эттилэр. Кэпсэтиигэ биһирэмҥэ кэлбит ыалдьыттартан тыл эттэ В.П.Харайданова-эбэ Валя.Кини Сиипсэптэр сыдьааннара буоларын кэпсээтэ, кинигэ ааптардарыгар махталын биллэрэн, олохтоох ааптар А.М.Егасова- Дьохсоҕон Кыыһа айбыт олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Үлэ бэтэрээнэ, норуот дьокутаатат Ньургустаана Серафимовна Дуракинова саҥа кинигэни көрөн-ааҕан улаханнык астыммытын эттэ. Бэйэтин күндү төрөппүттэрин, таптыыр кырдьаҕас эбэтин туһунан истиҥник аҕынна. Сиэллээхтэр тустарынан кыра эрдэҕиттэн эбэтиттэн истэн улааппытын аҕынна. Төрөппүттэрин туһунан ахтыы кинигэ суруйар баҕалааҕын эттэ. Элбэх баай матырыйааллардаах кинигэ нэһилиэкпит ыччаттара төрүттэрин билэллэригэр олус туһалаах кинигэ буолуоҕа диэн бэлиэтээтэ.Бу кинигэ күһүн кэлбитигэр ааҕан баран нэһилиэнньэҕэ анаан бастакы ырытыыны ватсапка суруйбут РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ М.Н.Бысыина бэлиэтээһиниттэн Петр Егорович быһа тардан ааҕыытынан биһирэми үрдүк таһымнаахтык ааспытынан, кыттыыны ылбыт күндү дьонугар махталын тиэрдэн түмүктээтэ.

Изабелла Жараева, Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ,

Галина Другина, М.Петров аатынан бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ.

Дьохсоҕон, Таатта.

Хаартыскалар: Г.Другина тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0