Сиэйэҕэ оҕону сылгы тэптэ

15.06.2022
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ ыттан, сылгыттан эмсэҕэлээһин элбэхтик тахсар. Ол курдук, бу бэс ыйын саҥата, Сунтаар улууһун Сиэйэтигэр алталах оҕону нэһилиэк иһигэр сылгы тэбэн эчэппитин туһунан сурах тарҕаммыта. Маныаха майгынныыр быһылаан Ленскэй оройуонун Чамчатыгар буолбутун туһунан социальнай ситимҥэ суруйбуттара.

Бүгүн биһиги Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин аҕа баһылыга  Алексей Октябринович Обоюковтыын кэпсэттибит:

— Бу социальнай ситимҥэ оҕо сылгыттан эчэйиитин туһунан сурах чахчы буолар. Биһиги нэһилиэкпитигэр уопсайа 49 ыал сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Сайын куйааска сылгылар үөнтэн-көйүүртэн куотан нэһилиэккэ киирэллэр. Алта саастах оҕону нэһилиэк иһигэр сылгы тэбэн эчэтэн, дьаһалтабыт иһинэн сылгылаах дьону түмэн  мунньахтаатыбыт. Сылгылары нэһилиэккэ чугаһаппат курдук дьаһаныы туһунан боппуруос көтөҕүлүннэ. Ол курдук, сылгы киирбэтин курдук, күрүөнү тутуу туһунан  кэпсэтии эмиэ таҕыста. Оҕо туругун туһунан этэр буоллахха, бу сотору балыыһаттан тахсыахтаах. Аны маннык иэдээннээх быһылаан тахсыбатын курдук сөптөөхтүк дьаһаныахпытын наада.

Бэлиэтээн эттэххэ, бу көстүү улуустар нэһилиэктэригэр эрэ буолбакка, оннооҕор киин куораппытыгар эмиэ баар. Куораппыт уулуссаларыгар бэйдиэ сылдьар сылгылар элбэхтэр. Кинилэр дьоҥҥо кутталынан суоһуулларын таһынан, кири-хоҕу помуойаттан аһаан ыарыыны тарҕатыахтарын сөп. Ыт, ат кыһалҕата дьону эмсэҕэлээһиҥҥэ тиэрдиэ суохтах. Хас нэһилиэк ахсын сылгылаах дьон сылгыларын нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаппат курдук дьаһаналлара наада.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0