Бу күннэргэ коронавирустан сэрэнии туһунан сүбэ-ама күннэтэ тахса турар. Ол эрээри биир ис хоһоонноох сүбэлэртэн, сэрэтиилэртэн хал буолбакка, күннээҕи олоххо туһаныахха наада.
Тас дойдуттан кэлэн баран, туруккут үчүгэй буоллаҕына, маннык миэрэлэри ылынахтааххыт:
— СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин “суһал линиятыгар” 8-800-100-14-03 нүөмэринэн эрийэн, быстах кэмҥэ үлэлээбэт буолуу илииһин толотторор туһугар эрийиҥ.
Өскөтүн дьиэттэн тахсыбакка олороргутугар сөптөөх усулуобуйалаах буоллаххытына, 14 хонук дьиэҕитигэр олоруҥ;
Оттон дьиэҕит хааллан олорорго кыараҕас эҥин буоллаҕына, эмиэ ити үөһээ ааттаммыт нүөмэргэ эрийэн, Быстах кэмҥэ тэйиччи олорор пууҥҥа киириэхтээххит:
— Тас дойдуттан кэлэн баран, ыалдьыбыккытын биллэххитинэ, «суһал» көмөҕө 103 нүөмэринэн эбэтэр учаастаккыт бырааһыгар эрийиҥ.
Элбэх дьон сылдьар сирдэригэр сылдьымаҥ.
Оттон коронавирус инфекцията бигэргэммит киһини кытта олус чугастык сибээстэспит буоллахытына, эмиэ СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин «суһал» линиятыгар обсерваторга эрийиҥ.
Ыарыы сибикилэрэ билиннэхтэринэ, дьиэттэн тахсыбакка олоруҥ, 103 төлөпүөнүнэн «суһал» көмөҕө эрийиҥ уонна быраас ыйыыларыҥ истиҥ.
Мэдиссиинэ тэрилтэтигэр бэйэҥ барарыҥ бобуллар.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — gazeta.krl-uprava.ru саайтан.