Сибиинньэ туһунан кэрэхсэбиллээх чахчылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Оҕо сылдьан, “сибиинньэ-хороонньо биэс оҕолоох” диэн бэйэ-бэйэбитин хаадьылаһар буоларбыт. Ол, арааһа, мэлдьи кирдээх кыылы наһаа сэргээбэппититтэн эбитэ буолуо. Оттон, дьиҥэр, бу киһи аттыгар номнуо тыһыынча сыл олорор дьиэ кыылын туһунан биһиги билэрбит да бэрт кэмчи. Онон, үүммүт 2019 сыл Сибиинньэ сыла буоларынан, кини туһунан интэриэһинэй чахчылары билиһиннэрэбит.

edersaas.ru

 Туһалаах

Куруук кирдээх көрүҥнээх, кирдээх иһиттэн аһыыр курдук саныыр сибиинньэбит айылҕаттан олус чэнчис кыыл диэн суруйаллар. Кыараҕас свинарникка тутулларын иһин итинник өйдөбүл үөскээбит буолуон сөп диэн этэллэр.

Оттон бадарааҥҥа буккулларыгар икки төрүөт баар: бастакытынан, итинник төкүнүйэн, ол-бу паразиттартан босхолоноллор, иккиһинэн, олох тириппэттэриттэн. Уу баара буоллар, бадарааҥҥа буолбакка, онно чомполонуохтар этэ.

Аны туран, сибиинньэ эт-хаан өттүнэн киһиэхэ чугас буолан, мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун быыһыырга көмөлөөх. Холобура, сибиинньэ куртаҕын суогуттан инсулин оҥороллор. Сорох уорганнарын трансплантологияҕа тутталлар, оттон үүтэ ийэ үүтүгэр ханыылыы. Бэл диэтэр, ислам киһиэхэ сибиинньэ уорганын көһөрөрү көҥүллүүр эбит.

Муусуканы таптыыр

— Сибиинньэлэр кэпсэтэллэр. Учуонайдар сүүрбэттэн тахса саҥа таһаарар дорҕоону быһаарбыттар. Маныаха хас биирдии дорҕоон араас суолталаах эбит – оонньоһортон саҕалаан, аһыыр баҕаҕа, көмө көрдүүргэ тиийэ.

— Үөһэ диэки кыайан хантайан көрбөттөр.

— Аан дойдуга балыктыыр сибиинньэлэр бааллар. Олор 15 миэтэрэ дириҥҥэ тиийэ балыктыахтарын сөп.

— Сибиинньэ киһи хайдах сыһыаннаһар да оннук сыһыаннаһар: үчүгэй, эйэҕэс хаһаайыҥҥа соннук хардарар, бэриниилээх буолар, оттон кырыктаахтык сыһыаннастахха, бэйэтин көмүскэнэр кыахтаах.

— Сибиинньэ часкыыра улаханынан 115 децибелга тиийиэн сөп. Бу авиалайнер тыаһыттан үс төгүл улахан.

— Күн устатата 14 л уу иһэр кыахтаах.

— Сибиинньэ – социальнай кыыл, доҕордоһору сатыыр.

— Элбэх дойдуга сибиинньэни таможняҕа наркотигы көрдүүргэ, буларга туһаналлар. Ыттардааҕар сыты ылаллара ордугун иһин.

— Саамай сөбүлүүр астара – тыква.

— Сорох дойдуларга кинини бултуурга уонна быыһыыр эпэрээссийэлэргэ тутталлар. Сүппүт киһини халыҥ хаар анныттан да булуон сөп.

— Өскөтүн туохха эмит кыбыллан, ол онтон кыайан оронон тахсыбатаҕына, истерикалаан өлүөн да сөп.

— Муусуканы олус таптыыллар, бэл диэтэр, бэйэлэрин “тылларынан” ыллаһыахтарын да сөп.

— Ону-маны барытын сэргиир-сэҥээрэр кыыл буолан, ол-бу түбэлтэлэргэ түбэһэр.

— Саҥа төрөөбүт чооскулар сыл аҥаарыгар ыйааһыннарын 100 киилэҕэ диэри эбиэхтэрин сөп.

— Мөлтөхтүк көрөр, ол эрэн, үчүгэйдик истэр, сыты сытыытык ылар.

— Сибиинньэ оҕото кинини көрөр-истэр хаһаайыныгар олус убанар.

— Ортотунан 15 сыл олорор.

— Сорох сибиинньэ ынахтааҕар ыарахан ыйааһыннаах буолар.

— Бириэмэни эндэппэккэ билэр.

— Чооску кыра оҕо ыарыытынан ыалдьар. Оттон сибиинньэ ыарыыта улахан дьон ыарыытыгар майгынныыр.

— Бытаан, көһүүн курдук эрээри, чааска 17 км түргэтиэн сөп. Улахан сибиинньэ 5 мүнүүтэ иһигэр километры сүүрэр кыахтаах.

— Эмиэ дьон курдук, түүллэри көрөр.

— Бүгүҥҥү күҥҥэ сибиинньэ 100-тэн тахса боруодата баар. Арассыыйаҕа саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн бөдөҥ маҥан, ландрас, уржумскай, хара-эриэн белорусскай, литовскай маҥан уо.д.а. буолаллар.

Кутталлаах 

—Кырыга суох кыылга киирсэр эрээри, кыынньаатахха, ынахха да саба түһэн, кыайар кыахтаах.

— 2012 сыллаахха Америкаҕа ынырык быһылаан буолбут. Орегон штатыгар сибиинньэлэр сүрэҕинэн охтубут фермери сиэбиттэр. Аймаҕа киһи бу фермер тоҕо өр кэлбэтин дьиибэргээн тиийбитэ – ол эрэйдээх тииһин протеһын эрэ ордорбуттар.

10 саамай биллибит сибиинньэ:

Аата суох сибиинньэ

1784–1785 сылларга Лондоҥҥа биир сибиинньэни көрдөрүүгэ туруорбуттар. Бу сибиинньэ тыллар суруллубут карточкаларын талан, ыйытыыларга хоруйдуур уонна арифметическай садаачалары суоттуур эбит. Ол иһин кинини Учёная Свинья (Learned pig) диэн ааттаабыттар. Кэлин Тоби диэнинэн ыҥырар буолбуттар. Ол рекламатыгар кини дьон санаатын ааҕар диэн суруйбуттар.

1859 сыллаахха Британскай подданнай бас билэр аата суох сибиинньэтэ Вашингтон штатыгар Сан-Хуан арыытыгар ким эрэ оҕуруотугар киирбит. Бу оҕуруоту тэпсибит сибиинньэни өлөрүү АХШ уонна Великобритания кыраныыссаттан сылтаан байыаннай иирсээннэрин күөртээбит.

Куударалаах уол

1901 сыллаахха Рашвилл куорат «Rushville Times» олохтоох хаһыатыгар 500 киилэлээх сибиинньэни өлөрбүттэрин туһунан “Кудрявый Мальчик зарезан” диэн иһитиннэрии бэчээттэммит. Ыстатыйа төбөтүттэн сылтаан ааҕааччылар куудара баттахтаах уол оҕону өлөрбүттэр диэн аймаммыттар. Инньэ гынан, хаһыат сыыһатын билиммит, көннөрүммүт.

Нептун хоруол

Нептун хоруол (1942 сыл ыам ыйын 16 күнэ — 1950 сыл ыам ыйын 15 күнэ) диэн сибиинньэ, АХШ ВМС аукционугар атыыламмыт. Бу 19 мөлүйүөн дуоллары USS Иллинойс линкорун тутууга туттубуттар. Бу сибиинньэҕэ анаан икки пааматынньык туруоруллубута биллэр. 

Тирпиц 

Тирпиц диэн ааттаах сибиинньэ — 1914 сыыллаахха Фолклендскай арыыга буолбут муора охсуһуутугар британскай флот трофейа. Кэлин бу сибиинньэ HMS Glasgow крейсер талисманынан буолбут.

Макс

Джордж Клуни Макс диэн ааттаах  сибиинньэ оҕотун ииппит. Бу боросуонак мэлдьи кэриэтэ Клуни оронугар утуйар эбит. Нортриджка 1994 сыл тохсунньу 16 күнүгэр сир хамсааһына буолбутугар, Макс актёру уһугуннаран олоҕун быыһаабыт.  2006 сыллаахха Макс Джон Траволта чааһынай сөмөлүөтүгэр көтүспүт.

Пигасус

1968 сыллаахха Чикаго куоракка Демократическай баартыйа национальнай сийиэһигэр Йиппи диэн ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы баартыйа аатыттан (Youth International Party, Yippies) АХШ бэрэсидьиэнин поһугар кыттыбыт.

Тамворт паарата

1998 сыл тохсунньутугар Малмсбери диэн Англия куоратыгар Кэссиди уонна Сандэнс диэн сибиинньэлэр таһаҕас тиэйэр массыынаттан түһэрэллэригэр куоппуттар (өлөрө илдьэн истэхтэринэ). Араллаан тахсан, нэдиэлэни быһа куота сылдьыбыт сибиинньэлэри эккирэтиһиини сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэринэн Англияҕа эрэ буолбакка, кыраныысса таһынааҕы дойдуларга эмиэ кэтээн көрбүттэр.

Кабзилла

Кабзилла (Hogzilla) дин кабааны Джорджия штатыгар 2004 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр ытан өлөрбүттэр. Бу кабаан быһа холоон,  3,6 м уһуннаах, 450 киилэ ыйааһыннаах эбит. Кэлин учуонайдар Кабзилла 360 киилэ ыйааһыннааҕын уонна “баара-суоҕа” 2,4 м уһуннааҕын быһаарбыттар.

Улахан Билл

Теннеси штакка олоро сылдьыбыт Элиас Буфорд Батлер Джексон Улахан Билл диэн кабаана ыйааһынынан аан дойдуга рекорд олохтообут: 1933 сыллаахха бу кабаан 1157 киилэ эбит. Кинини Чикаготааҕы Аан дойду быыстапкатыгар көрдөрүөхтээхтэр эбит, онуоха баара, атаҕын тоһутан, ол кыаллыбатах.

Тон кабаан

Тон диэн 900 киилэ ыйааһыннаах кытай кабаана 2004 сыл олунньу 4 күнүгэр аһара уойан өлбүт. Кинини Шеньяҥҥа баар Ляонин диэн тыа хаһаайыстыбатын мусуойугар ыыппыттар.

Өлөн эрэр часкыыр

Бу түбэлтэ Мэн Штатыгар Чайна куоракка буолбут.

Арай биир дьахтар дьиэтигэр олорон иһиттэҕинэ, аттынааҕы ыалга ыһыы-хаһыы, часкыыр бөҕөтө буолбут. Ыалларбын халаан-талаан, кырбаан-өлөрөн эрэллэр быһыылаах диэн олус куттанан, хараҕар хаан-сиин буолбут өлүктэри оҥорон көрө-көрө, полицияны ыҥырбыт.

Полицейскайдар кэлээт, тута ол хаһыы-аймалҕан иһиллэр дьиэтигэр тиийбиттэр. Онуоха ааны хааннаах илиилээх маньяк буолбакка, бэрт холку уонна дьоһун көрүҥнээх эр киһи арыйбытыгар соһуйбуттар. Туох буолбутун быһаарарыгар модьуйбуттар.

Коттедж хаһаайына кэпсээбитинэн, дьиэ кэннинээҕи олбуорга сибиинньэлэр айдаараллар эбит. Биир атыыр сибиинньэни биэс ийэ сибиинньэҕэ киллэрбитэ, ол сибиинньэ ыарыытыттан дуу, кутталыттан дуу буолбакка, үтүмэн дьолуттан, дуоһуйууттан часкыйар эбит.

Ити көрбүттэрин барытын полицейскайдар араапарга суруйбуттар. Дьиэҕэ ханнык да күүһүнэн дьайыы буолбатаҕын бэлиэтээн туран. Онон, дьахтар уоскуйбут, полиция биир кирдээх үлэттэн босхоломмут, хаһаайын иитимньитэ элбиэ, ол аата барыта этэҥҥэ! Куруук оннук буоллун!

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0