Сибиинньэ оҕотун хайдах көрүөххэ?

Ааптар: 
09.04.2022
Бөлөххө киир:

– Быйыл саас сибиинньэ оҕотун ылаары гынабыт. Хайдах көрөр туһунан сүбэлээҥ эрэ.  Поповтар, Нам. 

Ааҕааччыларбыт ыйытыыларыгар “Туймаада” агрохолдинг генеральнай дириэктэрин сүбэһитэ Ольга Борисова маннык эппиэттээтэ:

– Сибиинньэ оҕотун ылбыт бастакы күҥҥүтүгэр аһатаргытыгар ыраас уу эрэ кутуохтааххыт. Тоҕо диэтэххэ, айаннаан тиийэллэригэр сибиинньэ оҕолоро стресс бөҕө ылаллар. Дьэ, онтон сарсыҥҥы күнүттэн кыра-кыралаан аһатан саҕалыахтааххыт. Биһиги манна улаатыннара турар сибиинньэлэрбитин сарсыарда, киэһэ аһатабыт. 30 киилэ ыйааһыннаахтарга 1,5-1,8 киилэ уотурбаны сиэтэбит. Кэтэх ыаллар кэмчилээн, ылбыт гранулированнай комбикормнарын үлүннэрэллэр, ас тобоҕунан аһатааччылар. Ону эмиэ кыра-кыраттан саҕалаан биэрэр ордук. Боруу отун сиэтиэххэ сөп, онно үлүннэрбит бурдуккутун эбэн биэриҥ. Түһэрбит үүккүтүн эмиэ кыраттан саҕалааҥ биэриҥ.

Сибиинньэ оҕотун наар биир кэмҥэ аһатыах­тааххыт. Тыбыс-тымныы ууну иһэрдэр олох сыыһа. Тымныы уу истэригэр түһээччи. Холобура, биһигиттэн, Хатастааҕы сибиинньэ комплексыттан баралларыгар, ол аата 2,5 ыйдарыгар диэри манна ирдэнэр быһыылары барытын ылбыт буолаллар. Тиэйэн илдьэргитигэр салгыҥҥа үрдэрэртэн сэрэнэргит ордук.  Сибиинньэ оҕото тыастан-уустан олус соһуйумтуо буолар, ону эмиэ болҕомтоҕо ылыҥ.

Хатастан сибиинньэ оҕотун атыылаһан ииттиҥ

Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат

СИА хаартыската

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0