Сибиинньэҕэ соҕотох тирэх хаһаайыстыбалаах Өлүөхүмэ эдэр үлэһит бааһынайа

Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһугар Улахан Муҥкуга сибиинньэ иитэр бааһынай хаһаайыстыбалаах Игорь Нутчин диэн үлэһит уол олорор. Сибиинньэни иитиигэ Өлүөхүмэ үрдүнэн соҕотох тирэх хаһаайыстыба. Игорь 2015 сыллаахха “Саҕалааччы фермер” федеральнай бырагырааманан,  бырайыак көмүскээн, грант ылбыт.

Хаһаайыстыба үлэтигэр кэргэнэ Елизавета көмөлөһөр. Эдэр ыал икки оҕолоохтор. Игорь Нутчин аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга УАЗ-фермер массыынатынан кэлэн, Мархаҕа базалаах Владимир Кабохин “Сибиир” бааһынай хаһаайыстыбатыттан 1 саастаах атыыр сибиинньэни атыылаһан, тиэйэн барда. Нутчиннар билигин 26 ийэ сибиинньэлээхтэр, сотору 30-тан таһаарыахтаахтар.

Сибиинньэ көрүүтэ, үлэтэ элбэх, оттон дохуота дьыл кэмиттэн тутулуктаах, — диир Игорь Брониславович. – Саас оҕолорун атыылыыбыт, күһүн идэһэлэнэн этин батарабыт. Атыыга биирдии ыйдаах 200-чэ оҕо сибиинньэни таһаарабыт. Туруору 7-лии тыһыынча солкуобайга хамаҕатык атыылаһаллар. Ону таһынан бэйэбит эмиэ эккэ анаан уотабыт-төлөһүтэбит.  Ийэ сибиинньэ барыта төрүүрэ буоллар, 300-кэ тириэрдиэхпитин сөп этэ”.

Сибиинньэни иитиинэн дьарыктанар төһө барыстааҕын дуу, ороскуоттааҕын дуу ыйыппыппар эдэр фермер: “Тирэх хаһаайыстыба буоларбытынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүллэр. Уотурба сыаната 1 киилэтигэр 23 солкуобайтан тахсар буоллаҕына, биһиги 18-тыы солкуобайга ылабыт. Маны таһынан улууспут эмиэ өйүүр: сыл аайы 200 тыһыынча солкуобай кэриҥэ кээмэйдээх көмө үбү ылабыт. Өскөтүн, улуустан толуйбаттара буоллар, сибиинньэ аһылыгар эрэ үлэлиэх эбиппит”, — диэн хоруйдаата.

Василий НИКИФОРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0