Сибиэһэй салгыҥҥа хаамарга суол оҥордулар

Ааптар:  Сайаана Львова
01.02.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан.

Кэнники сылларга дьон доруобуйатын көрүнэр, маассабай успуорду сэҥээрэр буолбутун бэлиэтии көрүөххэ сөп.

Ол курдук өрөспүүбүлүкэҕэ араас көлүөнэ дьон ортотугар саамай тэнийбит көрүҥүнэн хаалыктаах хаамыы буолар. Хас биирдии улууска, нэһилиэккэ хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар дьон баар буолар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар хаалыктаах хаамыынан сөбүлээн дьарыгырар дьон кэккэтэ эмиэ сыллата кэҥиир. Улуус, нэһилиэк дьаһалталара кинилэри бары өттүнэн өйүүргэ кыһаллар.

Бу күннэргэ Майа сэлиэнньэтигэр олохтоох дьаһалта хаамар дьоҥҥо анаан суолу астаран биэрдэ. Хаһыс да сылын суолу астарыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Майа алааһын күөлүгэр хаамарга аналлаах суол оҥоһуллубутун дьон-сэргэ үөрэ иһиттэ-көрдө диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0