Сибэккибитин олордуоҕуҥ!

Ааптар: 
13.06.2017
Бөлөххө киир:

Евдокия сүбэлэрэ

Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Степановна Гаврильева — Сибэкки Дуня ааспыт сырыыга оҕуруот аһын хайдах олордору сүбэлээбитэ. Кини бүгүҥҥү сүбэтэ сайыҥҥы сибэккилэри олордууга ананар.

edersaas.ru 


Киэргэтэн, тупсаран

Бып-бытархай сиэмэни тылыннаран, кыра оҕо курдук биэбэйдээн сибэкки эгэлгэтин үүннэрии дьыала биир өттө. Үүнээйи элбэх буоллаҕына, араастаан иһиттээн, быһыылаан олордуохха наада. Холобур, сорох сибэккилэри анал кулуумбаларга, ханныгы эрэ көһөҥө таастар быыстарыгар, атыттары араастаан композициялаан олортоххо, олбуор ситэри кэрэ көстүүлэнэ түһэр.

Дьүөгэлэрбэр, күндү ааҕааччыларбар сүбэлиир бэрээдэгинэн, сибэккилэрбин тиэргэммэр хайдах олордорум туһунан сэһэргиэхпин баҕарабын. Быһаччы этэбин, биһиги олбуорбут талбыт курдук киэҥ-куоҥ уонна айылҕа ача күөх отунан бүрүллүбүт кырыстаах буолбатах. Хара буорунан көрө сытар, кыараҕас соҕус сир түбэспитигэр дьиэ-уот туттан, оҕуруот тэринэн олоробут.

Саахыматынан, илиминэн

Тиэргэммин сибэккилэри араастаан уурталаан киэргэтэбин. Дьиэм иннигэр баар 14 миэтэрэ усталаах уонна 7 миэтэрэ кэтиттээх сиргэ алиссуму, петунияны, лобелияны уонна настурцияны кашполарга олордон, саахымат бэрээдэгинэн наардаан уурабын.

Ыалы кытары быысаһар олбуорбар эргэ илими ыйаан, үөһэ сыылан тахсар ипомеялары, кобеялары уонна горохтары ыытан кэбиһэбин. Сорох сибэккилэри олбуору кыйа турар үстүү этээстээх кулуумбаларга олордобун. Дьиэм эркинигэр уонна олбуорум биир эҥэригэр пластмасс вазоннары ыйаталыыбын. Итини таһынан араас композициялардаахпын.

                                                                                                                                       Дьон кэлэн көрөллөр, хаартыскаҕа түһэллэр

«Торт» композиция

Маны кэргэним Анатолий көнө муннуктуу быһыылаан оҥорбута. Наар биир дьүһүннээх сибэккилэри бөлөхтөөн олордон, ортотугар биирдии миэтэрэ уһун умнастаах, араҕас сибэккилэрдээх бархатцылары үүннэрэбин. Хаптаһынан быыстаан баран, иккис эҥээригэр кохиялары (уһаатылар да, төбөлөрүн лэп гына сарбыйан иһэбин) олордорум бэйэтэ бордюр буолар. Үһүс эҥээригэр лимоннуҥу дьүһүннээх бархатцылары, төрдүс өттүгэр кыһыл бархатцылары, бүтэһик эҥээригэр маҥан дьүһүннээх сибэккилээх, 15 сантиметр үрдүктээх алиссумнары олордобун. Төһө да боростуой сибэккилэр буолбуттарын иннигэр, араас өҥүнэн оонньооннор, көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх, бэйэтэ бэйэтиттэн салҕанан, үмүрүйэн өрө тахсан иһэр композиция буолан тахсар. Кэлбит эрэ барыта хайҕаан, астынан уонна үөрэн-көтөн барар.

Кэлин үс этээстээх, эмиэ түөрт муннуктуу быһыылаах кулуумбаны оҥорбуппут. Алларааҥы хорууда устата 2,3 миэтэрэ, туората 1,5 миэтэрэ, иккис-үһүс эрээттэр кээмэйдэрэ улам аччаан иһэр. Көрөргө эмиэ сүрдээх үчүгэй, болҕмтону тардар кулуумба.

                                                                                                                                                    Уһаайбаҕа маастар-кылаастар

«Глобус» композиция

2007 с. сайын «Цветок» сурунаалга «Цветущее дерево» диэн ааттаах дьоҕус заметканы ааҕаммын үтүгүннэрэн оҥорторбутум.

Оччолорго Намҥа Козаренко диэн сыбааркаһыт нуучча оҕонньоро баара. Тимири букатын хаамтарбат эрэ этэ. Араастаан иһэрдэн массыына бырысыаптарын, оҥочолору, быһата, тугу барытын оҥороро. Дьэ бу киһини булан, эскииһин көрдөрөн-быһааран, сонос соҕус тимир турбаҕа хас даҕаны уобуруччуну туруоран каркаас оҥорторбутум. Онтукам сардаана сибэкки курдук быһыылаах иһиккэ майгыннаан тахсыбыта. Биллэн турар, тимири иһэрдэн түбүгүрбэккэ, судургутук, мас баҕана үрдүгэр улахан корзинаны олордуохха сөп этэ эрээри, мин үйэлээх гына оҥорторору ордорбутум.

Дьэ, бу “иһиппин” билигин сүрдээҕин сөбүлээн туттабын. Бастаан чараас гына муоҕу тэлгэтэбин, ойоҕоһугар улахан салапааны тилэри тардабын итиэннэ сибэкким күҥҥэ, тыалгакууска оҕустарбатын, силиһэ сытыйбатын диэн, саахымат бэрээдэгинэн хайаҕастыыбын. Түгэҕэр халыҥ гына дренаж оҥорон балачча буору кутабын. Икки устуука икки лиитэрэлээх пластик бытыылкалар түгэхтэрин бысталаан, бэйэ бэйэтигэр кэтэрдэн холбуубун, ойоҕосторун сиидэ хомуос курдук дьөлүтэлиибин. Итиэннэ таҥнары тутан баран, олордон кэбиһэбин. Маны соҕотох киһи кыайбат, иккиэ-үһүө буолан көмөлөөн олордуллар, биир киһи аллара туран үүнээйини ылан биэрэр, иккис олордооччу буолар.

Сибэккибин олордоолордо уу кутабын, буора оннун булан иһиэхтээх. Хас биирдии эрээт буору куттаҕым, сибэккини үөһэ олордон истэҕим аайы бытыылка тулатыгар сыһыары дренаж тутан иһэбин. Тоҕо диэтэххэ, буору ыпсары куттахха, уута сүүрэригэр ыарахан буолуон сөп, оттон мас чоҕо эбэтэр кирпииччэ үлтүркэйэ дренажтаах түбэлтэтигэр хайа баҕарар диэки сүүрүөҕэ. Күн уота салапааны аһары итиппэтин диэн сибэккини чугас чугас олордобун. Ортоку бытыылка буортан чорбойон туруохтаах, ол үрдүгэр эмиэ сибэкки ни дьэргэтэбин.

Олордуллубут сибэккилэр бастакы күннэргэ ыарытыйаллар, иккис-үһүс күнүттэн тирэхтэрин булунан, күн диэки хайыһан, сэргэхсийэ түһэллэр. Дьэ манна уу бөҕөтүн кутабын, сабардама даҕаны балачча улахан. Куйааска уутун эбэн биэрэбин.

«Глобуһум» күһүөрү туох да аһары тупсар, күн аҥаара күлүк, күн аҥаара күннээх сиргэ ордук табыллан үүнэр. Аллараа өттүгэр — араҕас, кыһыл өҥнөөх бархатцылар, флокс друммонда, 15 сантиметр үрдүктээх маҥан алиссум, кылгас настурциялар, үөһэ өттүгэр — кылгас петуниялар дьэрэкээн өҥүнэн оонньууллар.

                                                                                                                                                          «Глобус» композиция

Үрүйэчээн” уонна «Альпа томторо»

Суотабай поликарбонат тобоҕунан оҥорбут “үрүйэчээним” кытыытынан маҥан алиссуму олордубутум үрүҥ куруһубаны тарпыт курдук туналыйан олорорун наһаа сөбүлүүбүн.

                                                                                                                                               «Үрүйэчээммин» олус сөбүлүүбүн

Сыбаалкаттан булбут хирургическай лаампабар анал атахтары сыбааркалаппытым, корзина курдук буолан таҕыста. Онно кохияны үс эрээтинэн олордон, кытыытын маҥан петуниянан киэргэтэбин.

Оҕуруотум бөҕүн-сыыһын, буору уонна мас көөбүлүн сиидэлээбит тобохторбун чөмөхтүү мунньан, араас сибэккини олордорум «Альпа томторуттан» туох да итэҕэһэ суох.

Кашполары үрүт үрдүлэригэр иһэрдэн оҥоһуллубут үс миэтэрэ үрдүктээх конструкцияҕа сибэккилэри сыллата атастаһыннара сылдьан олордобун.

Сибэккилээх саады уопсай тиэргэнтэн араарарга, үрдүк дулҕалары аҕалан быыс оҥорбуппут бэркэ ылыстылар. Киирэргэ аарка оҥорон, өрүс талахтарын аҕалан батары аспыппыт, силистэнэн үүнэ тураллар. 

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0