Аатырбыт бастакы поэтесса Варвара Потапова «Үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын» диэн хоһооннорун кинигэтэ тахсыбытын ааҕааччы сыа-сым курдук тутан ылан бүтэрэ оҕустулар. Кырдьык «кэһии» буолан, бэрт күүтүүлээх эбит.
В. Потапова поэт быһыытынан бастакы хардыыларын устудьуоннуу сылдьан 60-с сыллар бүтүүлэригэр саҕалаабыта, тутатына бэчээттэнэн барбыта. Эдэркээн кыыс литератураҕа чаҕылхайдык киирбитэ. Кини ураты хоһоонноро дьону соһутара, өйдөрүгэр хатанан хаалара. Өйдөөбөт да элбэҕэ, сэргии-хайгыы да көрбүт баһаама.
Философ Б.Н. Попов куруһуок чилиэннэрэ истиэнэҕэ ыйанар хаһыаттарын аахпыт уонна Варвара Потапова хоһооннорун чопчу талан ылан, «Якутский университет» хаһыакка 1967 сыллаахха бэчээттээбит. Борис Николаевич Варя итинэн уоскуйан хаалбакка, салгыы өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэн барбыта диир. Кини оччолортон эдэр кыыһы өйөөн хас да ыстатыйаны суруйбут.
Салгыы В. Потапова саха суруйааччыларын харахтарын далыгар киирбитэ. Эллэй, Сэмэн Данилов, Леонид Попов, Бүөтүр Тобуруокап кыыс поэтическай талаанын бэлиэтии көрбүттэрэ, өйөөбүттэрэ-көмөлөспүттэрэ.
Савва Тарасов В.Потапова өйдөммөт хоһооннорун, төһө да салалта өттүттэн бобуу-хаайыы баарын үрдүнэн, «Эдэр коммуниска» хаста да бэчээккэ таһаарбытын туһунан ахтар. Ааҕааччылар да араастык ылыммыттарын туһунан суруйар. Кэлин кини В. Потапова талаанын улуу Анна Ахматоваҕа, Алампаҕа уруулуу көрөрүн туһунан үрдүктүк сыаналаан туран суруйбута.
М. Тимофеев оччотооҕуга үгэс буолбут эдэрдэр бастакы кинигэлэрин таһаарар «Чэчир» кассета 1972 сыллаах таһаарыытыгар эрэдээктэрдээбитин дьолунан аахпыта. Кини В. Потапова хоһоонноро уустуктарын бэлиэтээн туран үрдүктүк сыаналаабыта.
Бу саха улахан поэттара В.Потаповаҕа анабыл хоһооннорун суруйбуттара кэрэхсэбиллээх.
Үөлээннээхтэрэ, биир көлүөнэ поэттара – Н. Дьяконов, В. Миронов, Урсун, У. Ороһуунускай, И. Левин, В. Дедюкин, А. Бүлүүйүскэй, А. Старостин, И. Мигалкин Варвара Потапова талаанын билинэллэрэ, бэйэлэриттэн үрдүктүк туталлара. Кинилэр эмиэ бары хоһоон анаабыттара, ахтыы суруйбуттара. Урсун ахтыытыгар Варяны кытта алтыспыта, үчүгэйдик билэрэ уонна олус чугастык саныыра, харыстыыра көстөр. А. Старостин, В. Бочкарев Варя Потапова дьылҕатын туһунан дириҥник хорутан, улахан ахтыылары суруйбуттара.
Варя дьону кытта бэрт түргэнник доҕордоһор, бэйэтигэр тардар буолан, оччотооҕу айар дьахталлары кытта эмиэ чугастык билсибитэ – Анастасия Сыромятникованы, Валентина Гаврильеваны, Наталья Харлампьеваны, Мэри Софианидины, Зоя Багынанованы, Варвара Угарованы, Лина Сабарайкинаны, Анастасия Мырееваны, Октябрина Колесованы, Евдокия Тимофееваны, Евдокия Николаеваны уо.д.а. кытта. Кинилэр бары Варяны истиҥник ахтан-санаан суруйбуттара.
Поэтессаны кытта чугастык билсибиттэр, истиҥник Варянан ааттааччылар кинини ахтыыларыгар бары өрө туталлар, ис сүрэхтэриттэн таптыыллар уонна – Барахсан, Кыыс-поэт, Вестник, Айыы кыыһа, Кыыс Ньургун, Айыы Куо удаҕан, Ньургуһун, Үрүҥ Көмүс Куо о.д.а. иэйэн ааттыыллара иһирэхтик иһиллэр уонна кини талаанын үрдүктүк сыаналыыллара көстөр.
Варвара Потапованы, оччолорго хоһоонноро бэчээттэнэр, билиниллибит-хайҕанар, саха литературатыгар бастакы поэтессанан ааттаммыт, айар дьон ортотугар сылдьар үгүс доҕоттордоох киһини, Анастасия Сыромятникова бигэтик эппитэ: «Поэт кыыс дьоллоох этэ».
Ол да буоллар, ол дьоло уһаабатаҕа. Поэтесса, бэйэтэ эппитинии, кини дьылҕата уустук этэ, олоҕо ыарахана. Бэйэтэ да улаханнык түһэн биэрэн, бүдүрүйтэлиир түгэннэрэ бааллара… В. Бочкарев этэринии, кини улуу айааччылар, поэттар –
С. Есенин, Н. Рубцов, А. Ахматова, М. Цветаева уо.д.а. трагическай дьылҕаларын хатылаабыта… Варвара Потапова өлбүтүн кэннэ кини аата да, айымньылара да умнуллан барбыта.
Уустук олохтоох Варвара Потапова айымньылара бэчээттэммэт буолан, тыыннаахтыы көмүллүбүккэ тэҥнэнэр ыар сыллары тулуйбута, сүрэҕинэн-быарынан аһарбыта, дууһата аймаммыта. Кини соҕотох буолбатах этэ. Кэлин биллиилээх, норуодунай да буолбут суруйааччылар эдэрдэригэр кыайан өйөммөккө, тахсыбакка, бэчээттэммэккэ сылдьыбыттара. Оччотооҕу олохпут, систиэмэ тутула оннук этэ. Ол туһунан саха суруйааччыта В. Титов маннык суруйбута: «Айар үлэнэн дьарыктанар эдэр киһи дууһата олус уйан, намчы буолар. Дьэ ол олох туруорар моһуурдарын, ардыгар иитиллибит, көстүбэт кылыылаах айаны сатаан тумнубакка охтор, эндиргэ оҕустарар түгэннэрэ үгүс буолар. Оннук дьылҕаламмыт талааннаах ыччаттарбыт үгүстэр. Дьиҥнээх айар хомуһуну дууһаларыгар олохсуппут, үөрүнньэҥ уонна оҕо курдук хом түһэр аһаҕас майгыннаах Альберт Бүлүүйүскэй, Варя Потапова, Дмитрий Дыдаев уо.д.а. эдэр мөссүөннэрэ биһиги харахпытыгар субу баардыы көстө сылдьаллар. «Сүппүт көлүөнэ» испииһэгин бүгүн түөрт уонтан тахса самныбыт, тостубут, хас биирдиилэрэ хатыламмат уратылаах талааннарынан толоруохха сөп. Оттон кинилэр ситэ ыллаабатах, толору кэпсээбэтэх, төрөөбүт норуоттарыгар дубук бэрсибит, көтөн иһэн охтубут кэриэстэрин ким толорон биэриэҕэй? Суох. Бэйэлэриттэн атын ону ким да ситэрэн биэрэр, чөмөччү ууран биэрэр кыаҕа суох. Ити буолар саха норуота хаһан да толоруммат ночоото…»
Олох уларыйбыта. Д. Дыдаев, В. Саввин, В.Потапова кинигэлэрэ 90-с сыллартан бэчээттэнэн, киэҥ ааҕааччы биһирэбилин ылбыттара. Бу доҕордуу поэттар – А.Бүлүүйүскэй уонна В.Потапова кинигэлэрэ бу күннэргэ күн сирин тэҥҥэ көрөн тахсыбыта эмиэ олус дьикти көстүү буолан, саха ааҕааччыларын үөртэ.
Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар саҥа «уларытыы» кэмэ кэлэн, Варвара Потапова өлбүтэ уон сыл буолбутун кэннэ 1989 сыллаахха Б.Н. Попов «Үчүгэйиэн бу сиргэ» кинигэтин таһаарбыта. Бу поэтесса иккис кинигэтэ буолбута. Кинигэ улахан алҕастардаах этэ – манна Варя кэргэнин Василий Саввин 22 хоһооно киирэн хаалбыта. Ону дьон эмиэ дьиктитик ылыммыта – бу түбэлтэнэн кыһалҕалаах, эрэйдээх-буруйдаах дьылҕалаах поэттар холбоспуттарын уонна кинигэ кинилэр оҕолоро буоларын курдук ылыммыттара.
Варвара Потапова аата, айар үлэтэ умнуллан хаалбакка сөргүтүллэригэр саха норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанова уонна кини дьиэ кэргэнэ 80-с сыллартан саҕалаан тиһигин быспакка элбэхтик үлэлээн улахан кылааттарын киллэрдилэр. Талааннаах дьон атын талааннааҕы биһириир, сыаналыыр дьоҕурдаахтар. Ол курдук, саха биллиилээх театральнай диэйэтэлэ, РСФСР уонна САССР үтүөлээх артыыһа Федот Потапов поэтесса Варвара Потапова норуотугар тахсар кэмэ кэллэ диэн этэн, поэтесса аата сыыска-буорга буккуллан, сүтэн-иҥэн хаалыаҕын кытары сөпсөспөккө, моно-испэктээк сценарийын оҥорбута, режиссуратын толкуйдаабыта. Оттон Федот Федотович ол идиэйэтин олоххо киллэрэригэр күүс-көмө буолар киһи, кини дьолугар, аттыгар баара. Саха тыйаатырын сулустарыттан биирдэстэрэ, билигин СӨ норуодунай артыыската Зоя Багынанова поэтесса хоһооннорун тутатына үөрэппитинэн барбыта. 1988 сыллааҕы поэтесса олоҕун курдук тыаллаах-куустаах, ардахтаах-саппахтаах балаҕан ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куорат Пушкин аатынан бибилэтиэкэтигэр Зоя Петровна дьон-сэргэ иннигэр аан бастаан Варя Потапова хоһооннорун иэйэ-куойа ааҕан, истээччилэр куттарын долгуппута, өйдөрүн-санааларын уһугуннарбыта, кини хоһоонноругар интэриэһи тарпыта, поэтесса аатын тилиннэриигэ суолу тэлбитэ. 1988 сыллаахха «Туойуохпун баҕарабын» диэн поэтесса хоһооннорунан композицияны П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга туруорбуттара. Дьон долгуйуута күүстээҕэ. Поэт Вениамин Миронов бу буолуохтаах тэрээһинтэн, Варя аата тиллиититтэн долгуйан олох утуйбатах уонна ол түүн поэтессаҕа анаан «Умуллубатах чүмэчи уота» хоһоонун суруйбут. Бу моноиспэктээк араадьыйаҕа үгүстүк тахсыбыта, тэлэбиидэнньэҕэ да көстүбүтэ уонна тыйаатырга элбэхтик туруоруллубута. Зоя Петровна Варя хоһооннорун норуотугар ааҕан, поэт аатын тилиннэрбитин, билиниини-махталы ылбытын айар үлэтин өрөгөй чыпчаалынан билиммитэ.
1995 с. режиссер Г. Багынанов “Мин кистэлэҥим” диэн Варвара Потапова уонна Василий Саввин хоһооннорунан поэттар уустук тапталларын историятын туһунан испэктээгин Ньурба драматическай тыйаатырыгар ситиһиилээхтик туруорбуттара. Манна Ньурба драмтеатрын артыыстара Лиза Потапова уонна Егор Кириллин оонньообуттара. Мантан инньэ Варя хоһооннорун сыанаҕа, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ таһаарбыттара. Тыйаатырга туруоруулар саҕаламмыттара. Нерюнгритааҕы «Эмэгэт» тыйаатыр 1995 с. “Дьолу миэхэ итэҕэйбит эбиккин” диэн Варвара Потапова уонна Василий Саввин хоһооннорунан икки саха поэтын тапталын историятын туһунан испэктээгин көрдөрбүттэрэ.
Суруйааччы, суруналыыс П.Я.Прокопьев-Чуукаар, поэт, учуонай К.Д. Уткин-Нүһүлгэн, поэт, уопсастыбанньык Н.И.Харитонов-Чуор көҕүлээһиннэринэн, өйөбүллэринэн, оройуоннааҕы култуура отделын сэбиэдиссэйэ М.Р. Гоголева тэрээһининэн эмиэ 1989 сыл балаҕан ыйын 7-10 күннэригэр сахаҕа бастакы уонна бастыҥ поэтессаны төрөппүт Ньурба сиригэр кини кэриэһигэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ суолталаах «Ньурба күһүнэ» литературнай тэрээһин аан бастаан уонна ураты далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Бу тэрээһини өрөспүүбүлүкэҕэ ньурбалар аатырбыт кыыстарын аата тиллиитин, айымньыта төннүүтүн бэлиэтээбиттэрин курдук ылыммыттара. Мантан инньэ Варвара Потапова дьулуспут көҥүлүн булбута, үйэтитии үлэтэ саҕаламмыта.
«Ньурба күһүнүгэр» өрөспүүбүлүкэ 33 айар куттаах кыргыттара аан бастаан мустубуттара, билсибиттэрэ. Варвара Потаповаҕа сүгүрүйбүттэрэ, үгүһү билбиттэрэ-көрбүттэрэ, бэйэлэрин айар үлэлэрин билиһиннэрбиттэрэ. Балаҕан ыйын 8 күнүгэр поэтессаҕа анаммыт мэтириэтин рельебэ ойууламмыт, суруктаах-бичиктээх сиэдэрэй сэргэни көрсүһүү кыттыылаахтара туруорбуттара. Дьиикимдэ кэрэ айылҕалаах сиригэр «Поэтессалар аллеяларын» арыйбыттара. «Ньурба күһүнэ» онтон ыла тиһигин быспакка ыытылла турар, айар талааннаахтары түмэр.
Саха поэт-кыргыттара сүгүрүйэр поэтессаларыгар Варвара Потаповаҕа бары хоһооннорун анаабыттара, билигин да кинилэр тиһигин быспакка суруйа тураллар.
«Эдэр коммунист» хаһыакка 1989 сылы быһа Варвара Потапова күһүнүгэр аналлаах поэтесса мэтириэтин рельебэ киэргэтиилээх «Литературнай муннук» тахсыбыта. Манна поэтессалар хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ, холобур, Н. Харлампьева, С. Гольдерова-Саргы Куо уо.д.а. Эдэр поэтессалар – Н. Михалева-Сайа, О. Корякина-Умсуура, А.Парникова-Сабарай Илгэ бастакы хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. Онон ити барыта кыргыттар поэзияларыгар интэриэһи үөскэппитэ, саха литературатыгар өрө көтөҕүллүү уонна дьахтар поэзията сайдан, саҥа кэрдиискэ тахсыыта саҕаламмыта.
Ньурбаҕа Убайааҥҥа Варя олорбут уһаайбатыгар, аҕата туппут дьиэтигэр кини музейа арыллыбыта. Норуот маастара Евгений Иванов ыйыытынан-кэрдиитинэн уустар киһи сөҕүөх сиэдэрэй оҥоһуулаах беседканы туппуттара сылдьыбыт дьон кэрэхсэбиллэрин ылыан ылар. Василий Петров Варвара бүүһүн маһынан кыһан оҥорбута. Евгений Иванов Варя мусуой-дьиэтин олус сиэдэрэй гына ойуулаан-бичиктээн туох да омуна суох мас куруһуба олбуорун оҥорбута. «Мин да оҕо этим», «Мин сырдык санньыарым сылытыа дьон дууһатын» уо.д.а. хоһоонноруттан строкаларын маска дьүһүйбүт. Хайдахтаах сүгүрүйүүттэн, махталтан маннык искусство айымньыта оҥоһуллубута буолуой!
Прокопий Чуукаар Варяҕа элбэхтик үлэлээбитэ, араас көрсүһүүлэри тэрийбитэ, ыстатыйалары, ахтыылары суруйбута, сирэй көрсүһүүлэргэ, бэчээт, араадьыйа, тэлэбиисэр нөҥүө поэтесса аатын элбэхтик дьоҥҥо иһитиннэрэн, айымньыларын билиһиннэрэн, кинини үйэтитиигэ дьоҺуннаах кылаатын киллэрбитэ. Варвара Потапова харалла сытар сирин кини көрөр-истэр, онно сотору-сотору устудьуоннары таһааран, лиэксийэ ааҕар.
Мэри Софианиди Варвара хоһооннорун сүгүрүйээччитэ уонна тылбаасчыта буолбута. Кини туруорсан 1989 сыллаахха Мииринэйгэ Варвара Потапова аатын алмааска иҥэрбиттэрэ. М.Софианиди тылбаастарынан 1990 с. Ф. Потапов «Я слова в себе зажгла» моноспектакль туруорбута, хоһооннору Зоя Багынанова аахпыта эмиэ олус долгутуулаах буолбута. М. Софианиди Марина Цветаеваҕа тэҥнээх талааннаах, дьикти айылгылаах саха поэтессатын хоһоонноро киэҥ эйгэҕэ тахсыахтарын ыраланара. Кини тылбаастара туспа кинигэнэн тахсыахтарын баҕарара.
Милиция майора, патриот, энтузиаст Револий Иванов селькор, фотограф этэ. Онон Варяҕа аналлаах тэрээһиннэри араас кэмнэргэ элбэхтик хаартыскаҕа түһэрбитэ, онтун альбом оҥорбута. Сылдьыбыт сирин ахсын ол альбомнарын соһо сылдьан, Варвара Потапова туһунан кэпсиирэ, хоһооннорун ааҕара. Бу улуу поэтессаны киһи барыта билиэхтээх диэн санаалаах төлөннөөх пропагандист этэ.
Суруналыыс Фёкла Гурьевна Петрова дьаныһан туран Варвара Потапова төрүччүтүн оҥорбута, аймахтарыттан ахтыыларын хомуйбута. Хас төрөөбүт күнүн аайы суруналыыстар оройуон хаһыатыгар биир балаһаны бэлэмнээн таһаарар этилэр. Фекла Гурьевна үгүс матырыйаалы муспута. Кини поэтессаны төһөлөөх таптыырыттан мусуой-дьиэтигэр Варвара оронун таҥаһын бэйэтэ баайан куруһубанан киэргэппитэ буолуой. Дэлэҕэ да кинигэтин бэйэтин харчытынан таһаартарыа дуо.
Култуура үлэһитэ, поэтесса Галина Томская Варяны кытары алтыспыт саха биллиилээх суруйааччыларын көрсөн, Анастасия Сыромятникова, Моисей Ефимов, Валентина Гаврильева, Бүөтүр Тобуруокап, Анатолий Старостин уо.д.а. ахтыыларын видеокамераҕа устан ылбыта уонна Николай Потапов, Александр Григорьев-Кико таҥыыларынан поэтессаҕа анаммыт тэлэбиисэринэн биэриилэр цикллэрин оҥорон, муус устар, ыам ыйын устата дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбыта поэтесса туһунан үтүө өйдөбүлү өрө тутарга, кини олоҕун уонна айымньыларын сөптөөхтүк сыаналыырга төһүү күүс буолбута.
2006 сыллаахха Н. Михалева-Сайа «Сири кууспут кутурҕан…» диэн документальнай киинэни таһаарбыта. Манна Зоя Багынанова поэтесса хоһооннорун аахпыта, оттон Елизавета Потапова кини Музатын – «Үүт маҥан дьахтар» уобараһын айбыта.
Варвара Потапова олоҕун уонна айар үлэтин туһунан суруйуулар, ахтыылар тиһигин быспакка бэчээттэнэн испиттэрэ. 1996 сыллаахха, Варвара Потапова төрөөбүтэ 50 сылыгар, Н.И. Харитонов-Чуор «Берегите покуда жива» диэн ааттаах ахтыы кинигэтин хомуйан таһаартарбыта поэтесса хоһооннорун таптыыр ааҕааччыларга сүүнэ бэлэх буолан үөрдүбүтэ.
2003 сыллаахха Варя Потапова талааныгар сүгүрүйээччи энтузиаст, Белинскэй аатынан бибилэтиэкэ үлэһитэ И.В.Никитина поэтесса араас кэмнэргэ нууччалыы тылбаастаммыт хоһооннорун хомуйан, «Звезда другая мне сияла» кыра кээмэйдээх (8,2см х 6см) сувенирнай кинигэ оҥорон, тус бэйэтин үбүгэр 5 экземплярынан таһаарбыта.
2006 сыллаахха Ф.Петрова «Кэлэр кэмнэргэ кэриэһим» диэн поэтесса хоһооннорун кинигэтин бэчээттэппитэ. 2009 сыллаахха Г. Томская-Айыына «Барыта баар хоһооҥҥо» диэн поэтесса хоһооннорун ураты ырытыылара киирбит кинигэтэ тахсыбыта. 2011 сыллаахха Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ С.Н.Павлова уонна Ньурба бибилэтиэкэрэ Л.М. Яковлева «Потапова Варвара Николаевна айар үлэтин биобиблиографиятын» оҥорон бэчээккэ таһаарбыттара.
Бэйэтэ литературовед талааннаах, элбэх саха суруйааччытыгар кинигэ таһаарбыт З.П.Багынанова Варвара Потапованы мүччү туппатаҕа. Кини суруналыыс Майя Власьеваны, суруйааччы Прокопий Чуукаары кытта 2006 сыллаахха В. Потапова төрөөбүтэ 60 сылыгар «Мин сырдык санньыарым» диэн поэтесса хоһооннорун уонна кини туһунан ахтыылары хомуйан аан бастаан дьоһун кинигэни таһаарбыттара. Поэтесса төрөөбүтэ 65 сылыгар 2011 сыллаахха З. Багынанова «Мин сибэкки буолбатахпын» диэн хоһооннорун хомуурунньугун таһаарбыта.
Поэт Варвара Потапова аата тиллиитэ үгүс киһи санаатын өрө көтөхпүтэ. Кини бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Татьяна Николаевна Зоя Петровнаҕа улаханнык махтаммыта уонна долгуйан ыйыппыта: «Варянан билигин биһиги киэн туттуохпутун сөп дуо? Сөп буолбат дуо?»
Варвара Потапова аата улаханнык ааттанар буолбутугар үөрэн дьүөгэтэ, биллэр суруналыыс, поэтесса Е. Тимофеева «Дьэ, бу – тиллии!» диэн хоһоонун ис сүрэҕиттэн үөрэн-көтөн туран суруйбута:
Саас аайы ньургуһун буолан
Сүрэх ахсын тыллаҕын,
Оннук өһөстүк тиллэҥҥин
Ыллатаҕын хоһоон тылларын.
Тиһэх чүмэчи тобоҕун
Төһөлөөх кыыс тымтык
туттарый –
Тойугуҥ кылыһах дуораанын
Түҥэттэн тарҕата ыһарый?!
Варя, төлөннөөх сүрэххин
Бэйэҥ норуоккар ууммутуҥ –
Горькай Данкотун холобурун
Хатылаабыт Эн бааргын!
Олорбутуҥ олус кэмчитик,
Охтубутуҥ оннук
кэбирэхтик –
Ол оннугар иһирэхтик
Олоруоҕуҥ бу Сиргэ бигэтик!
Биһиги саха бастакы поэтессатын Варвара Потапова аатын үйэтитиигэ бэйэбит кылааппытын киллэрэн ыччаттарбытыгар хаалларыахтаахпыт диэн санааттан «Күннээх халлаан» бөлөх тэринэн, поэт-кыыс поэзиятын пропагандалыыбыт, көрсүһүүлэри тэрийэбит, ыччаттарга билиһиннэрэбит, хоһоон аахтаран кини айар эйгэтигэр киллэрэбит. Уонна поэт төрөөбүтэ 75 сылын көрсө хас да кинигэлээх таһаарыыны бэлэмнииргэ ылсыбыппыт. Докумуонунан буолбакка, көннөрү кэпсэтиигэ Варвара Потапова кинигэтэ ити үбүлүөйүнэн тахсар суруйааччылар серияларыгар бэчээттэниэн сөп дуо диэн ыйыппыппытыгар, онно норуодунайдар эрэ бэчээттэнэллэр диэбиттэрэ. Биһиги онуоха мах бэрдэрэн ылбыппыт, санаа да түһүүтэ баара. Варябытын араас хааччахтар билиҥҥээҥҥэ диэри тууйа сылдьаллара тоҕо сүрэй, бу туох ааттаах ыарахан айар дьылҕалаах суруйааччыный диэн. Кинигэтэ саха суруйааччыларын серияларыгар бэчээттэнэн тэҥҥэ кылбайан турара төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй. Ол тоҕо сатамматын кыайан өйдөөбөппүт. 2019 сыллаахха В.Н. Павлова оҥорон таһаарбыт «Писатели Якутии» библиографическай справочнигар Варвара Потапова биир идэлээхтэрин, саха суруйааччыларын кытта тэҥҥэ ааттанан киирбитэ кини сүгүрүйээччилэригэр дьоһун көстүү, улахан үөрүү буолла уонна кырдьык өрөгөйдөөһүнүн курдук көһүннэ.
Ол да буоллар Варвара Потапова талааныгар сүгүрүйээччилэр бааллар уонна баар буола да туруохтара. “Дани-Алмас” издательскай компания генеральнай дириэктэрэ Дария Николаевна Скобелеваҕа бастакы кинигэбитин көрдөрөн харчытын аахтарар былааннаах этибит уонна харчы көстүбэт кыһалҕатын туһунан кэпсээбиппит. Ону бэйэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ кинигэ таһаарыытыгар талааннаахтык, күүскэ үлэлии сылдьар, саха литературатын таптыыр патриот киһи тута сэргии түспүтэ уонна: «Аҕалыҥ, поэтесса Варвара Потапова хоһооннорун таһаарабын», — диэн сөхтөрбүтэ. Онон Варя барахсаҥҥа суола итинник дьиктитик арыллан биэрбитэ. Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар «Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ айыыбын» диэн хоһооннорун 20-тэн тахса бэчээтинэй лиистээх кинигэтэ күн сирин көрдө!
Евдокия Николаева-Мостахова,
суруналыыс,
Варвара Окорокова,
ф.н.д., ХИФУ бэрэпиэссэрэ.